Арҕааҥҥы дойдулар тустарынан
Владимир Путин арҕааҥҥы дойдулар уһун кэм устата киһи аймах өркөн өйүн, култууратын, материальнай ресурсаларын барытын сүһэн ылбыттара кинилэр сайдыыларыгар төһүү буолбутун, билигин кинилэр сайда турар судаарыстыбалары кытары тэҥҥэ аан дойду биир тиһигэ буолалларын бэлиэтээн эттэ.
– Туох да мэлдьэҕэ суох, арҕааҥҥы дойдулар киһи аймах өркөн өйүн, култууратын, материальнай ресурсаларын барытын түмпүттэрэ кинилэр сайдыыларыгар үктэл буолбута. Билигин аан дойдуга кинилэр сайда турар судаарыстыбалартан биирдэстэрэ. Манна “биирдэстэрэ” диэни ордук чорботон бэлиэтиибин. Тоҕо диэтэргин, билигин судаарыстыбалар бары тэҥҥэ сайдар үйэлэрэ кэллэ. Онно кыайтарыылаах дойду, норуот диэн суох буолуохтаах. Оччоҕуна эрэ биһиги бүттүүн киһи аймах сайдыытын түстүөхпүт, – диэн этэр Владимир Владимирович.
Арассыыйа Европа дойдуларын кытары сыһыаныгар икки өттүттэн итэҕэйсии суоҕун бэлиэтээтэ. “Евразиятааҕы континеҥҥа сүрүн кыһалҕабытынан Арассыыйа уонна Европа дойдуларын икки ардыгар бэйэ-бэйэҕэ итэҕэйсии суоҕа буолар. Арассыыйаны төһө баҕарар саҥарыахтарын сөп. Ол эрээри Минскэйдээҕи эйэ дуогабарын баттаһыыны аҥаардас Украина саанан-саадаҕынан хааччынарыгар бириэмэ биэрии быһыытынан сыаналыыр түгэннэригэр туох итэҕэлэ кэлиэҕэй?” – диэн эттэ.
Сэтинньи саҥата Америка Холбоһуктаах Штаттарын бэрэсидьиэнин быыбара буолан ааспыта. Мунньах кэмигэр бу туһунан эмиэ ыйыттылар. “Билигин бу боппуруоска тугу да этэр кыаҕым суох. Ол эрээри быыбарын кэмигэр Арассыыйаны кытары сыһыаҥҥа, Украина кириисиһин тохтотууга эппит этиилэрин болҕомтоҕо ылыахха сөп, муҥ сатаатар”, – диэн хоруйдаата Владимир Владимирович.
“Хааччаҕы киллэрэ сатааһын сайдыыны бытаардар”
Владимир Путин аан дойду бэлиитикэтигэр аһаҕас буолуу туһунан куруутун этэр. Бу да сырыыга бииргэ үлэлэһиигэ аһаҕас буолууга ыҥырда. “Бииргэ үлэлэһиигэ аһаҕас буолуу – бу хас биирдии дойдуга, норуокка сүҥкэн улахан суолталаах. Араас хааччаҕы киллэрэ сатааһын, аҥаардас экэниэмикэ сайдыытыгар эрэ буолбакка, тулалыыр эйгэни харыстааһыҥҥа, айылҕа күүһүн содулун туоратыыга, дойдулар социальнай эйгэлэригэр, аан дойду бэлиитикэтигэр барытыгар дьайар. Аан дойду устуоруйатын быраактыкатыгар, хомойуох иһин, ити барыта дьэҥкэтик көстөр. Холобур, былырыын Сирия сорох оройуона сир хамсааһыныгар улаханнык эмсэҕэлээбитэ. Бэлиитикэҕэ аҥаардас олоҕуран Сирия олохтоохторугар көмө тиийиитэ бохсуллубута. Бу курдук түгэннэр тахсыталыы тураллар”, – диэн этэр кини.
“Хас биирдии норуот муусуката иһиллиэхтээх”
Владимир Путин бэлиэтииринэн, аан дойду биир эрэ судаарыстыба соҥнообут нуорматынан, быраабылатынан олоруо суохтаах. “Аан дойду хартыынатын биир эрэ өҥүнэн суруйар тутах. Араас өҥү туттан биир кэлим хартыынаны суруйуу, биллэн турар, уустук, ол эрээри кыаллар дьыала. Манна биир судаарыстыбаҕа эбэтэр үгүс дойдуга барсар ньыма барыларыгар киириэхтээх диэн буолбатах. Норуоттар икки ардыларынааҕы сыһыаннаһыы – тыыннаах эттик тэҥэ, олохпут сайдыытын кытары тэҥҥэ сайдан иһэр. Норуоттар икки ардыларынааҕы быраапка аҥаардас дойдулар сөпсөһүүлэригэр эрэ буолбакка, норуоттар атах тэпсэн олорон биир санааҕа кэлиилэригэр сүрүн болҕомто ууруллуохтаах дии саныыбын. Билиҥҥи үйэҕэ, аан дойду барыта уларыйа-тэлэрийэ турар кэмигэр, хас биирдии норуот муусуката иһиллиэхтээх”, – диэн бэлиэтиир Владимир Владимирович.
Ыаллыы олорор дойдулар, төһө да ииристэллэр, кинилэр биир сүрүн сыаллаахтар – бигэ туруктаах, сайдыылаах буолуу. Ол иһин дойдулар биир санааҕа киириилэрэ – бу кинилэр сайдыыларын кытары быһаччы сибээстээх.
Аҕа баһылыкпыт бу тылларын тус бэйэм олус чугастык ылынным. Билэргит курдук, Владимир Путин Саха сиригэр кэллэҕин ахсын Муусука үрдүкү оскуолатыгар ыалдьыттыыр. Үөрэх, муусука тиэмэтэ таарылыннар эрэ үгүс мунньахха Саха сирин уопутун куруутун кэпсиир. Ити курдук ыраахтааҕы сүрэҕин уулларбыт оскуола ахсааннаах буолуохтаах.
“Биир санааҕа кэлии уустук буолуоҕа”
Владимир Владимирович инники эппиттэригэр олоҕуран хас биирдии судаарыстыба санаатын бэйэтэ этиэхтээҕин, атын ханнык да дойду онно орооһуо суохтааҕын мунньах кэмигэр бэлиэтээн эттэ. “Үөһээ этэн аһарбытым курдук, аан дойдуга норуоттар санаалара иһиллиэхтээх. Биллэн турар, аан дойду бэлиитикэтигэр төһөнөн элбэх судаарыстыба куолаһын этэр да, оччонон биир түмүккэ кэлии уустук буолуоҕа. Ол эрээри биир санааҕа кэллэхпитинэ тирэхтээх, өр кэмҥэ үлэлиир ньыманы булуохпут дии саныыбын. Билигин ыллахха, бу нуормалар барыта Холбоһуктаах Нациялар Түмсүүлэрин устаабыгар сурулла сылдьаллар, Куттал суох буолуутун сэбиэтэ да манна олоҕуран үлэлиир. Ол эрээри, манна уларытыылары киллэрии уолдьаста. Бу туһунан биһиги БРИКС мунньаҕар да кэпсэтэн турабыт. Докумуон үйэбит хаамыытын кытары тэҥҥэ уларыйыахтаах. Ол олох ирдэбилэ”, – диэн иһитиннэрдэ.
“Ыаллыылар төһө да ииристэллэр, сүрүн сыаллара биир”
Бэрэсидьиэн дойдуларга куттал суох буолуутун хааччыйыы боппуруоһугар тохтоон туран, судаарыстыбалар, буолаары буолан, ыаллыы олорор дойдулар, биир санааҕа кэлиилэрэ, ону тэҥэ бэйэ-бэйэлэригэр утары барыылара улахан суолталааҕын бэлиэтээтэ. “Кэнэҕэскитин эрэгийиэннээҕи түмсүүлэр улахан оруолу ылыахтара. Ыаллыы олорор дойдулар, төһө да ииристэллэр, кинилэр биир сүрүн сыаллаахтар – бигэ туруктаах, сайдыылаах буолуу. Ол иһин дойдулар биир санааҕа киириилэрэ – бу кинилэр сайдыыларын кытары быһаччы сибээстээх. Манна даҕатан этиим, дойдуларга куттал суох буолуутун хааччыйыы атыттарга куттал суох буолуутунан үөскэтиллиэ суохтаах”, – диэн бэлиэтиир Владимир Владимирович.
Ону сэргэ бу боппуруоска сыһыаран, дойдулар бары биир бырааптаах буолуохтаахтарын ыйда. “Дойдулар бары биир тэҥҥэ тутуллуохтаахтар. Экэниэмикэни саа-саадах быһыытынан туттуу, дьиҥэр, барыбытыгар охсор, ордук көмөҕө, тирэххэ наадыйар судаарыстыбаларга охсуута улахан. Ас-үөл, энэргиэтикэ, доруобуйа харыстабыла, үөрэх курдук эйгэлэргэ уонна дьон-сэргэ судаарыстыбалар икки ардыларыгар сылдьыыларыгар хааччахтааһын суох буолуохтаах, бу ханнык баҕарар иирсээнтэн үрдүкү тутуллуохтаах”, – диэн бэлиэтээтэ.
БЫҺААРЫЫ
“Валдай” норуоттар икки ардыларынааҕы дьүүллэһэр-ырытыһар киин (кулууп) 2004 сыллаахха Улуу Новгород куоракка тэриллибитэ. Киин хас сылын ахсын аан дойдуттан эспиэртэри, учуонайдары, политологтары мунньан, тирээн турар боппуруостарга киэҥ хабааннаах кэпсэтиилэри ыытар. Быйыл маннык тэрээһин сүүрбэ биирис төгүлүн ыытылынна.
Ону сэргэ киин сылын аайы Азиятааҕы, Аан Илиннээҕи, Европатааҕы, Киин Азиятааҕы кэмпириэнсийэлэри тэрийэр, Петербурдааҕы экэниэмикэ пуорумугар, Илиҥҥи пуорумҥа, Арассыыйа биисинэһин нэдиэлэтигэр анал сиэссийэлэри ыытар.
2009 сыллаахха “Валдай” дьүүллэһэр-ырытыһар киин мунньаҕа Дьокуускайга ыытылла сылдьыбыта. Бу мунньахха Арассыыйа арҕааҥҥы дойдулары кытары сыһыаннаһыытын кэпсэппиттэрэ.
Саха сирэ саайтан, хаартыска РФ Бэрэсидьиэнин пресс-сулууспатын саайтыттан
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0