Инфляция хаамыыта дьон илиитигэр ылар хамнаһын кыччатар, ол иһин сылга биирдэ хамнаһы инфляцияттан кырата суох булгуччу үрдэтиэхтээхтэр диэн этиллэр сокуон барылын быһаарыы суругар.
«Дьон ылар хамнаһа сыл ахсын үрдүү турар сыананы, ороскуоту ситиэхтээх, ону тэрилтэ уопсай барыһын, инники сайдар былаанын, үлэһит төһө көдьүүстээх үлэни толорбут КРI эҥин көрө сатаабакка барыларыгар үрдэтиэхтээхтэр», — диэн этэр Ярослав Нилов, сокуон барылын көҕүлээччилэртэн биирдэстэрэ. Ол туһунан «Парламентская газета» суруйар https://www.pnp.ru/economics/v-gosdumu-vnesut-zakonoproekt-o-ezhegodnoy-obyazatelnoy-indeksacii-zarplat.html
Хаартыска эрэдээксийэ архыыбыттан.
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0
