-- Демократическай – быыбарданар былаастаахпыт. Светскэй – ханнык да итэҕэл биһиэхэ судаарыстыбаннай итэҕэл быһыытынан сылдьыбат. Правовой – сокуоннарынан салаллабыт. Социальнай – судаарыстыба бэйэтин гражданнарыгар кыһанар. Ол сиэринэн хамнас боппуруоһа эмиэ Төрүт сокуонунан бигэргэнэр. Сорох дьон этэр: “Хотугу коэффициент федеральнай нуормаҕа, бэйэбит сокуоннарбытыгар баар буоллаҕына, тоҕо СӨ Конституциятыгар киллэрэ сатыыгыт?” – диэн. Мин санаабар, саамай сөптөөх нуорма киирдэ. Тоҕо диэтэххэ, 90-с, 2000 сыллар саҕаланыыта Арассыыйа элбэх бэлиитигэ бу коэффициены сотоору дураһыйара. Ырыынак сыһыаннаһыытыгар “либеральнай подход” диэн баар. Оннукка олоҕураннар, хотугу коэффициены эҥин төрүт билиммэттэр. Ону биһиги Төрүт сокуоммутунан бигэргэппиппит улахан кыайыы. Конституцияҕа киирдэ да, ону уларытар уустук. Киирбэтэҕэ эбитэ буоллар, арай биир үтүө күн федеральнай сокуонунан сотон кэбистиннэр? Оччоҕо хамнаспыт тута кыччыы түһэр. Билигин биһиги бары 70, хотуларбыт 90, аартыкалар оннооҕор өссө улахан бырыһыаны эбии ыла сылдьабыт. РФ Конституциятыгар хотугу коэффициент туһунан эмиэ баар. Ону бэйэбит Төрүт сокуоммутунан өссө эбии бигэргэттибит. Этэргэ дылы, көмүскэллээх буоларга “двойная гарантия” ордук буоллаҕа, -- диэн быһааран биэрдэ СӨ Конституциятын уларытыыга Ил Түмэн оробуочай бөлөҕүн салайааччы, Ил Түмэн судаарыстыбаннай тутулга уонна сокуону оҥорууга сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Алексей Еремеев тэлэбиидэнньэҕэ Төрүт сокуон тула үөскээбит мунаах ыйытыыларга хоруйдууругар.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0