Ил Түмэн социальнай бэлиитикэҕэ, үлэҕэ уонна дьарыктаах буолууга сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Алена Атласова Дьокуускай куорат классическай гимназиятын 9-с кылааһын үөрэнээччилэригэр “Разговоры о важном” уруогу ыытта. Бу туһунан Ил Түмэн пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Норуот дьокутаата оҕолорго Конституция историятын кэпсээтэ, РФ төрүт сокуонугар 2020 сыллаахха, СӨ төрүт сокуонугар 2021 сыллаахха киирбит уларыйыылары билиһиннэрдэ. Үөрэнээччилэр олус болҕомтолоохтук иһиттилэр, викторинаҕа билиилэрин тургуттулар.
Кинилэр Алена Николаевнаттан олохтоох сокуоннар хайдах ылыллалларын, сис кэмитиэт бэрэссэдээтэллэрин ханнык критерийдарынан талалларын, гражданнар конституционнай бырааптарын уонна эбээһинэстэрин туһунан ыйытыылары биэрдилэр.
Уруок түмүгэр парламентарий быраап викторинатын кыайыылаахтарыгар бириистэри туттарда, үөрэхтэригэр ситиһиини баҕарда.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0