Онуоха Ил Түмэн судаарыстыбаннай тутулга уонна сокуону оҥорууга сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ, СӨ Конституциятын уларытыыга Ил Түмэн оробуочай бөлөҕүн салайар Алексей Еремеев тэлэбиидэнньэҕэ ыалдьыттыырыгар бу курдук хоруйдаата:
-- Оннук буолбат. 90-с сылларга барыта саҥа этэ. Демократическай бириинсибинэн хайдах сайдыахтаахпытын да чопчу ким да билбэтэ. Юридическай өттүнэн да грамотнайа суохпут. Терминологиятыгар даҕаны, быраап да өттүгэр мунаахсыйарбыт элбэҕэ. Суверенитет туһунан Декларация бэлитиичэскэй өттүнэн күүстээх докумуон этэ.
Оттон правовой өттүнэн, биллэн турар, сыыһа буоллаҕа дии. Суверенитет диэн тутулуга суох буолуу. Оттон биир судаарыстыбаҕа олорон, өрөспүүбүлүкэ хайдах да туспа суверенитеттанар бырааба суох. Декларацияҕа ырылхайдык сурулла сылдьар “в составе РФ” диэн. Ол аата биһиги Арассыыйа састаабыгар олоробут, субъега буолабыт. Ханна да тахсан барар санаабыт суох. Ол эрээри бу Декларация өрөспүүбүлүкэ сайдыытын устуоруйатыгар улахан сабыдыаллаах докумуон буолбутун бэлиэтиир оруннаах.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0