Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -28 oC

Бу сылга Саха АССР тэриллибитэ 100 сыллаах үйэлээх үбүлүөйүн кытта тэҥҥэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин Тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ 100 сылын бэлиэтиир. Өрөспүүбүлүкэ аграрнай салаата бүттүүнэ сүдү суолталаах түгэни бэлиэтииргэ араас таһымнаах тэрээһиннэри сыл устата ыытта. Сыл саҕаланыытыттан тэрийэр хамыыһыйа бырааһынньык былаанын бигэргэтэн,  10-тан тахса сүрүн тэрээһини киллэрбитэ. Ол курдук, сылгы, сайылык, хонуу, пиэрмэр күннэрин,  араас  семинардары, массыына ыанньыгын оператордарын күрэҕэ, быыстапка-дьаарбаҥка ыытыллаллара былааннаммыта.

Бу сылга Саха АССР тэриллибитэ 100 сыллаах үйэлээх үбүлүөйүн кытта тэҥҥэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин Тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ 100 сылын бэлиэтиир. Өрөспүүбүлүкэ аграрнай салаата бүттүүнэ сүдү суолталаах түгэни бэлиэтииргэ араас таһымнаах тэрээһиннэри сыл устата ыытта. Сыл саҕаланыытыттан тэрийэр хамыыһыйа бырааһынньык былаанын бигэргэтэн,  10-тан тахса сүрүн тэрээһини киллэрбитэ. Ол курдук, сылгы, сайылык, хонуу, пиэрмэр күннэрин,  араас  семинардары, массыына ыанньыгын оператордарын күрэҕэ, быыстапка-дьаарбаҥка ыытыллаллара былааннаммыта.

Наҕараадалар хаһаайыттарын буллулар

Тарасенко

40-тан тахса тыа хаһаайыстыбатын салаатын чулуу үлэһиттэрэ уонна бэтэрээннэрэ агробырамыысыланнай комплекс сайдыытыгар сүдү кылааттарын уонна өр сыллаах көдьүүстээх үлэлэрин, тугунан да солбуллубат өҥөлөрүн иһин федеральнай уонна өрөспүүбүлүкэтээҕи таһымнаах наҕараадалары туттулар. Саха Сирин Тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ тэриллибитэ 100 сылыгар Д.К. Сивцев-Суорун Омоллоон аатынан Опера уонна балет судаарыстыбаннай тыйаатырыгар ыытыллыбыт үөрүүлээх мунньахха ахсынньы 2 күнүгэр наҕараадалары туттарыы буолла.  СӨ Ил Дархана Айсен Николаев бэлиэтээбитинэн, тыа хаһаайыстыбата экэниэмикэ салаата эрэ курдук буолбакка, Саха Сирин үгүс нэһилиэнньэтин сүрүн дьарыгын, тыа сирин төрүт олоҕун-дьаһаҕын көстүүтүн курдук өйөнөр. Тыа хаһаайыстыбатын салаатын үбүлээһинэ үгүөрү 14,2 млрд солк. диэри улаатыннарыллыбыта. Саха Сирин аҕа баһылыгын сорудаҕынан, 2023 сылтан сылгыны үөрдээн иитии субсидиятыгар эбии үп көрүллүбүтэ, үүт субсидията улаатыаҕа, ынах сүөһү төбөтүгэр субсидия эбиллиэҕэ, тыа хаһаайыстыбатын тиэхиньикэтин атыылаһыы уонна мелиорация курдук хайысхалары өйүөхтэрэ.

Бары кыахтары биэриэххэ, туһаныахха...

 - Төһө да ыарахаттар баалларын иһин, өрөспүүбүлүкэҕэ тыа хаһаайыстыбатын салаата тохтоло суох сайдыы суолугар эрэллээхтик хардыылыыр. Оччотугар, Саха Сирин саамай ыраах сытар, уустук суоллаах-иистээх Хотугу сир нэһилиэктэрэ тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар дьиҥнээх үлэһиттэрдээх, дьоруойдардаах. Билигин сүрүн сорукпут  - кинилэри өйүөххэ, олохтоох оҥорон таһаарыы сайдарыгар бары кыахтары биэриэххэ, атыы-эргиэн систиэмэтин олохтуохха наада. Билиҥҥи усулуобуйаҕа бэйэбитин аһынан-үөлүнэн хааччынар кыахха тиийэргэ дьулуһуохтаахпыт. Маннык соруктары Ил Дархан Айсен Сергеевич Николаев биһиги иннибитигэр туруорар, - диэтэ СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Андрей Тарасенко. Кини  иһитиннэрбитинэн, Саха Сиригэр сүөһү иитиитин салаатыгар, тыа хаһаайыстыбатын ходуһатын чөлүгэр түһэриигэ, ону тэҥэ уотурба оҥорон таһаарар олохтоох собуоту бырайыактааһын үлэтэ салҕанар. Сахабыт Сирэ Уһук Илин уокурукка тыа хаһаайыстыбатын көрдөрүүлэринэн бастыҥнар ахсааннарыгар киирэр. Ол курдук, өрөспүүбүлүкэ нэһилиэнньэтин хас биирдии 1000 киһитигэр үс пиэрмэр тиксэр. Бу көрдөрүүгэ өрөспүүбүлүкэ Ставрополь кыраайын кэнниттэн дойду эрэгийиэннэрин ортолоругар иккис бочуоттаах миэстэни ылар. Сылгыны үөрдээн иитиигэ инники күөҥҥэ сылдьар, эрэгийиэн хотугу дьиэ табатын төбөтүн ахсаанынан үһүс миэстэҕэ турар. Уһук Илин эрэгийиэннэрин ортолоругар Сахабыт Сирэ Амур уобалаһын уонна Приморскай кыраай кэнниттэн, тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар оҥорон таһаарыыга уопсай кээмэйинэн үһүс миэстэни ылар. Онуоха сүөһү уонна сылгы иитиитин суотугар оҥорон таһаарыы бородууксуйатыгар иккис миэстэҕэ турар.

указ

Үрдүк сололоохтон эҕэрдэ

Российскай Федерация Тыатын хаһаайыстыбатын миниистирэ Дмитрий Патрушев үбүлүөйдээх бэлиэ күнүнэн эҕэрдэтин тиэртэ:

- Саха Сирэ дойду үрдүнэн сиртэн хостонор баайынан, тыйыс килиимэттээх эрэгийиэн быһыытынан геобэлитиичэскэй суолталаах. Ирбэт тоҥ сирдээх, уһун тымныылаах Хотугу сиргэ саха сүөһүтүн, сылгытын уонна хотугу таба иитиитин ураты салаалара үөскээбиттэрэ, ону сэргэ бурдугу, сүөһү аһылыгын, оҕуруот аһын уонна хортуопуйу анаан үүннэрии сыралаах үлэлэрэ ситиһиилээхтик киллэриллибиттэрэ. Билигин өрөспүүбүлүкэ дойду эрэгийиэннэрин ортолоругар сылгы ахсаанынан бастакы миэстэни, таба ахсаанынан үһүс миэстэни, ону таһынан нэһилиэнньэ дууһатыгар пиэрмэрдэр ахсааннарынан бастакы миэстэни ылара үөрүүлээх көрдөрүү. Саҥа экэнэмиичэскэй усулуобуйаҕа эһиги бэйэни харыстаммат үлэҕит, дойдуга ас-үөл бородууксуйата куттала суох буолуутун хааччыйыыга уонна аграрнай оҥорон таһаарыы хайысхатыгар саҥа тутуулары киллэриигэ киэҥ далааһыннаах соруктары ситиһии мэктиэлээһинэ буолар. Инникитин оҥорон таһаарыы хайысхатыгар билиҥҥи ситиһиллибит үчүгэй көрдөрүүлэр уларыйбакка, оннунан хаалыахтарын наада. Саха Сирин агробырамыысыланнай комплексын салааларын үлэһиттэригэр, кэлэктиипкэ уонна өрөспүүбүлүкэ Тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтин бэтэрээннэригэр үтүө суобастаах үлэҕит иһин махталбын тиэрдэбин. Салгыы үлэҕитигэр-хамнаскытыгар ситиһиилэри, кытаанах доруобуйаны, сарсыҥҥы күҥҥүтүгэр эрэллээх буолууну баҕарабын.

Салгыы кыттааччылары  СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын миниистирэ Александр Атласов эҕэрдэлээтэ.

Үс миниистир – үс аҕа баһылык

Ил Түмэн спикерэ Алексей Еремеев Саха Сирин агробырамыысыланнай комплексын үлэ­һиттэригэр уонна тыа хаһаайыстыбатын салаатын бэтэрээннэригэр бэйэлэрин харыстаммат, бэриниилээх уонна сыралаах үлэлэрин иһин истиҥ махталын биллэрдэ.

- Биэрэпис дааннайынан, 1922 сыллаахха Саха Сирэ 226 тыһ. тахса нэһилиэнньэлээҕэ, балартан 97 бырыһыана тыа сиригэр олороро биллэр. Оттон ынах сүөһү ахсаана төбөтүгэр 450 тыһ. кэриҥэ этэ. Бүгүн, тиһэх биэрэпис дааннайынан, саха омук нэһилиэнньэтин өлүүтэ 485 тыһ. киһиэхэ тиийдэ, оттон тыа сирин олохтооҕо 33,5% тэҥнэһэр. 2022 сылга өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар 12 млрд 268 мөл. солк. көрүллүбүтэ. 2023 сылга тыа хаһаайыстыбатын эйгэтин үбүлээһинин кээмэйэ, дойду уонна өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн төһө да экэнэмиичэскэй усулуобуйата судургута суоҕун үрдүнэн, 14 млрд 200 мөл. солк. диэри улаатыннарыллыбыта. Оттон «Тыа сирин кэлимник сайыннарыы» бырагыраамаҕа өссө 2 млрд. солк. кэриҥэ эбии үп-харчы көрүлүннэ. Ол аата 2023 сылга тыа хаһаайыстыбатын салаатын үбүлээһинэ 16 млрд солк. чугаһаата, - диэн Алексей Ильич эттэ. Онуоха спикер тыа хаһаайыстыбатын салаатын сайыннарыыга уонна өйөөһүҥҥэ бигэ туруктаах СӨ Аҕа баһылыгын Айсен Сергеевич Николаев бэлитиичэскэй ирдэбилэ, баҕа санаата буоларын бэлиэтээтэ.

Салгыы парламент спикерэ Алексей Еремеев өрөспүүбүлүкэ Тыатын хаһаайыстыбатын бастакы миниистиринэн 1945 сыллаахха Семен Захарович Борисов анаммытын, кини санныгар норуот хаһаайыстыбатын чөлүгэр түһэриигэ ыарахан үлэ сүктэриллибитин туһунан эттэ. Саха Сирин бастакы Бэрэсидьиэнэ Михаил Ефимович Николаев  Тыа хаһаайыстыбатын миниистиринэн алта сыл үлэлээбит кэмигэр,  тыа хаһаайыстыбатын салаата сайдыытыгар оруола сүҥкэн улахан. Ону сэргэ СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын миниистиринэн хас да сыл СӨ Бырабыыталыстыбатын салайан кэлбит Егор Афанасьевич Борисов эмиэ таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. Ол курдук, ситэриилээх былаас судаарыстыбаннай былаас уорганын историятыгар үс тыа хаһаайыстыбатын миниистирдэрэ өрөспүүбүлүкэ бастакы сирэйдэрэ, аҕа баһылыктара буолбуттара.

- Чуолаан өрөспүүбүлүкэҕэ тыа хаһаайыстыбатын салаата 30 үлэ Дьоруойун, биэс үлэҕэ Албан аат толору кавалерын бэлэхтээбитэ. Хотугу сир тыйыс килиимэттээх, уустук усулуобуйатыгар төрүт үгэс буолбут салаалар сайдыылара норуоттар икки ардыларынааҕы олох укулаатын, материальнай уонна духуобунай култууратын, өй-санаа өттүнэн бөҕөргүүрүгэр тиэрдэр. Ол быһыытынан тыа хаһаайыстыбатын салаата социальнай уонна норуоту харыстыыр суолталаах. Онон аграрнай бэлиитикэ бүгүн өрөспүүбүлүкэ салайааччыларыгар сокуону оҥорор, ситэриилээх былаастар ураты болҕомтолоругар ылыллан уонна сиэр-майгы өттүнэн сүрүн үлэ хайысхаларынан буолар. Холбоһуктаах күүспүтүнэн бары ыарахаттары туоруохпут уонна Саха Сирин экэниэмикэтин хаачыстыбатын көрдөрүүтүн саҥа усулуобуйаҕа таһаарыахпыт диэн эрэнэбин. Биһиги чөмпүйүөн ыанньыксыттарбыт, сылгыһыттарбыт уонна табаһыттарбыт ыччаты иитэн-үөрэтэн таһаарыыга үтүө холобур буолаллар. Урукку кирбиилэри ситиһиэхпит, тыа хаһаайыстыбатыгар хайаан да саҥа ыччаттар, үлэҕэ саҥа дьоруойдар баар буолуохтара!,- диэн парламент спикерэ эбэн эттэ.

 

Ыспыраапка

Саха Сирин Тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтин историята 1922 сыл муус устар ыйыттан Сир оҥоһуутун Народнай комиссариата тэриллиэҕиттэн саҕаланар. Бу кэмҥэ ВЦИК-кэ «Сир оҥоһуутун народнай комиссариатын туһунан балаһыанньа» бэлэмнэммитэ уонна оҥоһуллубута. Наркомат иһинэн үс салалта тэриллибитэ, ол иһигэр тэрийэр-административнай, тыа хаһаайыстыбатын уонна бэтэринээрийэ салалталара. Хас биирдии уокуругунан сир отделениялара баар буолбуттара. Наркомат тэриллэр сылыгар 42 үлэһиттээҕэ. Бу сыллар усталарыгар 37 салайааччы уларыйбыта. Кинилэр, эдэр өрөспүүбүлүкэ салайааччылара дойду үрдүнэн хаалыылаах Хотугу сиригэр-уотугар уонна тыа хаһаайыстыбатын кыһалҕаларыгар ураты суолтаны анаабыттара. Сир оҥоһуутун Наркомата өрөспүүбүлүкэ биир тутаах тэрилтэтэ буолара быһаарыллыбыта. Кини иннигэр сүрдээх ис хоһоонноох суолталаах соруктар туруоруллубуттара:  сүөһү иитии, сир оҥоһуутун сайыннарыы, сүөһү ахсаанын чөлүгэр түһэрии, хаачыстыбалаах көрдөрүүлэри үрдэтии, ыһыы сирдэрин кэҥэтии уонна, бастатан туран, туораахтаах култууралары Хотугу сир тыйыс килиимэттээх усулуобуйатыгар туһаныы.

  • 0
  • 1
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Образование

Мероприятия к 90-летию СВФУ

На этой неделе научная и образовательная общественность Республики Саха (Якутия) отметит…
18.11.24 14:24