Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -22 oC

Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Александр Жирков РФ Төрүт сокуонугар көннөрүүлэри киллэриинэн РФ сокуоннарыгар уонна СӨ сокуоннарыгар киллэриллэр этиилэри бэлэмниир парламент оробуочай бөлөҕүн тэрийэр туһунан дьаһалга илии баттаата. Ол туһунан СӨ парламенын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Александр Жирков РФ Төрүт сокуонугар көннөрүүлэри киллэриинэн РФ сокуоннарыгар уонна СӨ сокуоннарыгар киллэриллэр этиилэри бэлэмниир парламент оробуочай бөлөҕүн тэрийэр туһунан дьаһалга илии баттаата. Ол туһунан СӨ парламенын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Ил Түмэн судаарыстыбаннай тутууга уонна сокуону оҥорууга сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Алексей Еремеев судаарыстыбаннай тутууга боппуруостарынан бөлөҕү салайыаҕа. Ил Түмэн олохтоох салайыныы боппуруостарыгар сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Василий Местников олохтоох салайыныы боппуруостарынан оробуочай бөлөх бэрэссэдээтэлинэн буолла. Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Антонина Григорьева социальнай эйгэ сүнньүнэн боппуруостарга бөлөҕү салайыаҕа. Оттон үөрэх боппуруостарынан бөлөҕү  Ил Түмэн үөрэххэ, наукаҕа, култуураҕа, көрдөрөр-иһитин­нэрэр средстволарга уонна уопсастыбаннай тэрилтэлэр дьыалаларыгар сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Феодосия Габышева салайар буолла.

Ил Түмэн сис кэмитиэттэрин бэрэссэдээтэллэрдээх мунньахха Александр Жирков оробуочай бөлөх салайааччыларыгар ыытыллыахтаах үлэлэр сүнньүлэринэн чопчу соруктары туруорда. Парламент бастакы вице-спикерэ эппитинэн, РФ Төрүт сокуонугар киирбит уларыйыылар сүрүн хайысхаларынан этиилэри оҥорон Госдумаҕа ыытыахтара уонна Ил Түмэн көрүүтүгэр киллэриэхтэрэ.  “Бириэмэбит аҕыйах, биһиги федеральнай сокуоннарга уларытыы киллэрээһиҥҥэ кыттыахтаахпыт, ол онон өрөспүүбүлүкэ тутуһар көрүүлэрин учуоттаан Госдумаҕа бэйэбит этиилэрбитин киллэриэхпит. Маны таһынан өрөспүүбүлүкэ сокуоннарыгар, ону кытта Саха өрөспүүбүлүкэтин Төрүт сокуонугар уларытыы киллэрэр эмиэ ирдэнэр. Улахан үлэ күүтэр, СӨ бырабыыталыстыбатын уонна өрөспүүбүлүкэ уопсастыбаннаһын кыттыылаах”, -- диэн Александр Жирков бэлиэтээтэ.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением