Бу дьаһал Россия Федерациятын Федеральнай Мунньаҕын Госдумата 2019 сыл алтынньы 22 күнүгэр “Дьоҕус киэптээх хаһаайыстыбалары сайыннарыы сокуонунан аспектара” диэн тиэмэҕэ парламеҥҥа истиини тэрийэн баран ылыммыт этиилэрин толорор соруктаах ыытыллар.
Кэпсэтии балаҕан ыйын 30 күнүгэр видеоконференция эрэсииминэн барыаҕа. “Төгүрүк остуолу” тэрийиигэ Ил Түмэн тыа сиригэр уонна аграрнай бэлиитикэҕэ сис кэмитиэтэ (А.М.Находкин) эппиэтинэстээх. Биһиги өрөспүүбүлүкэбит тыа хаһаайыстыбатын кэпэрээссийэтин тэнитиигэ аҕыйах сыллааҕыга диэри дойду үс бастыҥын иһигэр ааттанара. Онтон билигин сорох үрдүк сололоохтор “көмөлөрүнэн” доҕолоҥноон турар. Онон кэпэрээссийэҕэ быһаччы үлэлэһэ сылдьар салайааччылар, исписэлиистэр өттүлэриттэн сытыы кэпсэтии буолара күүтүллэр.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0