Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -28 oC

Бүгүн, тохсунньу 13 күнүгэр, Арассыыйа Бэчээтин күнүн бэлиэтээтибит. Бу күн үгэс быһыытынан ааспыт сылга ситиһиилэммит суруналыыстары, бэчээт үлэһиттэрин эҕэрдэлээтилэр уонна, биллэн турар, саҥа сылга тэрээһиннээхтик үлэлииргэ саҥа соруктар туруорулуннулар.

Бүгүн, тохсунньу 13 күнүгэр, Арассыыйа Бэчээтин күнүн бэлиэтээтибит. Бу күн үгэс быһыытынан ааспыт сылга ситиһиилэммит суруналыыстары, бэчээт үлэһиттэрин эҕэрдэлээтилэр уонна, биллэн турар, саҥа сылга тэрээһиннээхтик үлэлииргэ саҥа соруктар туруорулуннулар.

Ил Түмэн Бэрэссэдээтэлэ Петр  Гоголев Бэчээт күнүгэр  “Ил Түмэн” издательскай дьиэ кэлэктиибин кытта көрсөн, идэлээх күммүтүнэн эҕэрдэлээтэ, ааспыт сыллааҕы үлэ түмүгүн таһаардыбыт, инники үлэбитин торумнуур кэпсэтии истиҥник, дьоһуннук ыытылынна.  Көрсүһүүнү “Ил Түмэн” издательскай дьиэ  генеральнай дириэктэрэ-кылаабынай эрэдээктэрэ, норуот дьокутаата Мария Христофорова үүннээн-тэһииннээн ыытта. Кини эрэдээксийэ кэлэктиибин ааспыт сыллааҕы үлэтин  туһунан кылгастык билиһиннэрэн баран, Петр Васильевичка тыл биэрдэ.

маны встреча фото 6

“Бастатан туран, барыгытын идэлээх бырааһынньыккытынан – Арассыыйа Бэчээтин күнүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин.  «Ил Түмэн» хаһыат  тэриллэн үлэлиэҕиттэн баччаҕа диэри суруналыыстыка үлэтигэр  үтүө холобур буолан кэллэ. Итини тэҥэ, эрэдээксийэ суруналыыстары иитэн таһаарыыга  биир сүрүн кыһа оруолун толорор. Мин билэрбинэн, бу кэлэктиипкэ  Михаил Слепцов, Петр Томскай, Иван Гаврильев, Альберт Степанов-Куорат Уола, о.д.а. биллэр-көстөр суруналыыстар таһаарыылаахтык үлэлээбиттэрэ.  «Ил Түмэн» хаһыаты улуустарга командировкаҕа барарбар хайаан да илдьэ сылдьабын,  мунньахтарга дьоҥҥо түҥэтэбин. Эрэдээксийэ өрүү саҥа бырайыактары олоххо киллэрэр. Ол быһыытынан ааспыт сылга биир сүрүн үлэҕитинэн  Улуу Кыайыы 75, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Дойдуга бэриниилэх буолуу, Арассыыйаҕа Өйдөбүнньүк уонна Албан аат сылларыгар анаан «Якутия помнит/Саха сирэ умнубат» өрөспүүбүлүкэтээҕи аахсыйаны үрдүк таһымнаахтык тэрийэн ыыттыгыт.  Бу бүттүүн Саха сирин хабар патриоттуу аахсыйа Улуу сэрии сылларыгар кыргыспыт хорсун буойуннар, тыылга үлэлээбит хоһуун дьон, сэрии огдооболорун уонна тулаайахтарын, хастыы да уолаттарын, кэргэттэрин кыргыс хонуутугар атаарбыт ийэлэр тустарынан ытык өйдөбүлү кэлэр кэнчээри ыччакка хаалларан үйэтитэр сыаллаахтык тэрилиннэ. Манна даҕатан эттэххэ, бу күннэргэ Ил Дархан Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэ блогердарын кытта көрсүһэригэр бу Улуу Кыайыы чахчытын токурутар түбэлтэлэр тахсалларын санаппыта. Маннык быһыыга-майгыга эрэдээксийэ  үүннээн-тэһииннээн ыыппыт анал аахсыйаҕытынан Улуу Кыайыыны уһансыбыт бэтэрээннэри сырдатаҥҥыт, үйэтитэҥҥит устуоруйаны токуруталларын оннуттан суох оҥорорго төһүү күүһүнэн буоллугут. Бу аахсыйа салгыы үлэлиирэ чуолкай, онон манна  болҕомто өссө күүскэ ууруллуон наада.  Өйдөбүнньүк уонна Албан аат сылын түмүктүүр тэрээһиҥҥэ Саха сириттэн сэриигэ кыттыбыт,  суорума суолламмыт дьону чиэстииргэ анал  өйдөбүнньүк күнүн олохтуурга этии киллэриэм.  Өссө төгүл түгэнинэн туһанан барыгытын идэлээх бырааһынньыккытынан эҕэрдэлиибин. Үлэҕитигэр  өссө үрдүк ситиһиилэри, чэгиэн доруобуйаны баҕарабын!” -- диэн эттэ.

Бу көрсүһүү биир сүрүн сыалынан  Улуу Кыайыы үбүлүөйдээх 75 сылыгар “Ил Түмэн” издательскай дьиэ 2020 сыл саҕаланыаҕыттан ыыппыт «Саха сирэ умнубат» диэн куонкуруһун түмүгүн таһаарыы буолла.   Куонкуруска дьон Аҕа дойду Улуу сэриитигэр кыттыбыт аҕаларын, эһэлэрин, тыылга үлэлээбит чугас дьоннорун туһунан суруйан ыыппыттара сыл устата хаһыакка  бэчээттэнэн таҕыста. Куонкурус кыайыылаахтарын “Ил Түмэн” издательскай дьиэ генеральнай дириэктэрэ-сүрүн эрэдээктэрэ Мария Христофорова  ааттаталаата уонна  Ил Түмэн аатыттан өйдөбүнньүк бириистэр туттарыллалларын туһунан эппитигэр мустан олорооччулар үөрэн, ытыспыт тыаһынан өссө бигэргэтэн биэрдибит. Санатар буоллахха, куонкурус түмүгүн “Ил Түмэн” хаһыат б.дь. тохсунньу 15 күнүнээҕи нүөмэрин 10-с балаһатыгар сиһилии билсиҥ. 

маны встреча 5 фото

Дьэ, ити курдук Ил Түмэн Бэрэссэдээтэлэ Петр Гоголевтыын көрсүһүү аҥаардас кэпсэтии-ипсэтии эрэ быһыытынан буолбакка, ааспыт сыллааҕы үлэбитин  түмүктүүр тэрээһин быһыытынан барбыта биир өттүнэн олус кэрэхсэбиллээх буолла. Улуу Кыайыы тиэмэтигэр өссө ылсан тэрээһиннээхтик үлэлииргэ саҥа саҕахтары, идиэйэлэри түстээтэ.

маны встреча 7 1

 

 

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением