Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -37 oC
КУРС ЦБ: $ 83,18 | € 96,25

Ытыктабыллаах Галина Алексеевна!

Эйигин, биир идэлээхпин, дириҥник ытыктыыр киһибин, тус бэйэм уонна Калмык Өрөспүүбүлүкэтин Суруналыыстарын сойууһун ааттарыттан үөрүүлээх үбүлүөйгүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин!

Ытыктабыллаах Галина Алексеевна!

Эйигин, биир идэлээхпин, дириҥник ытыктыыр киһибин, тус бэйэм уонна Калмык Өрөспүүбүлүкэтин Суруналыыстарын сойууһун ааттарыттан үөрүүлээх үбүлүөйгүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин!

Биһиги, калмык суруналыыстара Эйигин, ытыктабыллаах Галина Алексеевна бары үчүгэйдик саныыбыт, кыһамньылаах, кырдьыгы тутуһар, эрэллээх доҕор, муударай сүбэһит быһыытынан ытыктыыбыт.

Киэҥ-нэлэмэн Арассыыйаҕа национальнай пресса чэчириирин, дойду бары омуктара төрөөбүт тылларын сайыннаралларын, уратыларын харыстыылларын, биир дьиэ кэргэн курдук иллээхтик-эйэлээхтик олороллорун туһугар сыраҕын уураргын сыаналыыбыт. Бүгүҥҥү үөрүүлээх күҥҥүнэн өссө төгүл эҕэрдэлээн тураммыт, Эһиэхэ, күндү Галина Алексеевна, чэгиэн-чэбдик доруобуйаны, ситиһиилээх үлэни, дьолу-соргуну баҕарабыт.

Дириҥ ытыктабылы кытары Санал Шавалиев,

Калмык Өрөспүүбүлүкэтин Суруналыыстарын сойууһун бэрэссэдээтэлэ.

  • 3
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
Уопсастыба

Үбүлээһин аччатыллыбат

Буолаары турар пленарнай мунньаҕы көрсө норуот дьокутааттара «Саха Өрөспүүбүлүкэтин 2027…
22.11.26 15:36
Уопсастыба

Куоркун турнирын түмүктэрэ

Сэтинньи 20-21 күннэригэр Дьокуускайга ыытыллыбыт Д.П. Куоркун кэриэһигэр көҥүл тустууга…
22.11.26 14:21