Ил Түмэн билимҥэ, үөрэххэ, култуураҕа, иһитиннэриилэри киэҥник тарҕатар сириэстибэлэргэ уонна уопсастыбаннай тэрилтэлэр дьыалаларыгар сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ, “Биир ньыгыл Арассыыйа” бэлитиичэскэй баартыйа “Саҥа оскуола” бырайыагын Саха сиригэр сүрүннээччи Феодосия Габышева Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтата Федерация Сэбиэтигэр көс үөрэҕи (кочевое образование) сайыннарыы өйөбүлүн “Аартыка оҕолоро” бырагыраамаҕа киллэрэллэригэр этии оҥорон ыыппытын туһунан иһитиннэрдэ.

“Билигин көс үөрэх систиэмэтин толору тэрийэргэ уонна үбүлүүргэ тустаах мэхэньиисимнэр суохтар. Онуоха миэстэтигэр материальнай-тэхиньиичэскэй базаны тэрийэр кыһалҕа үөскээтэ. Көс олох уратытын учуоттуур иитэр уонна үөрэтэр ньымалар, методикалар суохтарын кэриэтэ. Учуобунньук, үөрэтэр босуобуйа уонна дидактическай матырыйаал дэписиит”, – диэн Феодосия Васильевна бэлиэтээтэ.
Маны таһынан, күн бүгүн сүрүн сытыы кыһалҕанан туундара олохтоохторун тылларын-өстөрүн, култуураларын уонна төрүт үгэстэрин билэр педагогтары бэлэмниир систиэмэ суоҕун ыйда. Онон Феодосия Габышева көс уонна көс аҥаардаах олохтоох оҕолор үөрэхтэрин тэрийиини “Үөрэх” национальнай бырайыакка киллэрэллэригэр уонна көс оскуолалар тустаах оборудование уонна матырыйаал атыылаһалларыгар эрэгийиэннэргэ федеральнай субсидияны көрөллөрүгэр этии оҥорон Федерация Сэбиэтигэр киллэрбит.