Саха Сирэ хоту эрэгийиэҥҥэ киирэрин быһыытынан, бу сокуону чочуйарга Ил Түмэн дьокутааттара күүскэ үлэлэстилэр. Мунньахха Уһук хоту таһаҕаһы тиэйиигэ сыһыаннаах Госдумаҕа бастакы ааҕыга көрүллүбүт 301981-8 №-дээх уонна 301929-8 №-дээх РФ сорох законодательнай аакталарыгар уларытыылары киллэрии туһунан сокуон барылларын дьүүллэстилэр.
Уһук Илини сайыннарыыга миниистири бастакы солбуйааччы Гаджимагомед Гусейнов РФ Бырабыыталыстыбата Госдумаҕа Уһук хоту таһаҕаһы тиэйии туһунан сокуон барылын киллэрбитин туһунан кэпсээтэ. Гаджимагомед Гаджибуттаевич тус бэйэтэ Тиксиигэ кэлэ сылдьан ас-таҥас сыаната хайдаҕын билсэн, илэ хараҕынан көрөн барбыта. “Сокуон барылын сүрүн сыала-соруга: Уһук хоту табаары ыйыллыбыт болдьохтон хойутаппакка чэпчэтиллибит сыананан тиэрдии”, — диэн кини эттэ.
25 субъект Уһук Хоту киирэр
Арассыыйа 25 субъега (дойду сирин-уотун 80%) Уһук Хоту оройуонугар киирэр, манна 3 мөл. кэриҥэ киһи олорор. 3,3 мөл. туонна таһаҕас хоту эрэгийиэннэргэ тиэрдиллэр, онтон улахан аҥаара ГСМ, сылааһы биэрэргэ кытаанах уматык, 3% бородуукта, эмп-томп.
Дойду киин куораттарыттан Уһук Хоту таһаҕас сыаната 10 төгүл ыараан тиийэр. Бородуукта сыаната 2,5 төгүл үрдүүр. Сокуон барылыгар сурулларынан, табаары муоранан тиэйэргэ биир оператор баар буолуохтаах, итиэннэ хоту табаары тиэрдиини онлайн кэтээн көрөр ситим оҥоһуллуохтаах.
Хоту уонна Аартыка оройуоннарыгар таһаҕас тиэйээччилэргэ бүддьүөттэн кирэдьиит биэриэхтэрэ, I уонна II категориялаах табаарга субсидия көрүллүөҕэ. Тырааныспар, логистика инфраструктурата сайдан, кэҥээн иһиэҕэ.
Бүддьүөттэн көмө
Ил Түмэн бэрэссэдээтэлэ Алексей Еремеев сокуон барылын оҥорууга Ил Түмэн этиитин ылыммыттарыгар махтанна. Ол эрээри сорох түгэн киирбэккэ хаалбытын бэлиэтээтэ.
«Бастакы категориялаах табаары тиэйээччилэргэ судаарыстыба көмөтүн РФ Бырабыыталыстыбата оҥорор. Онтон субъект атын категориялаах таһаҕаһы тиэйэр тэрилтэлэргэ көмөлөһүөн сөп.
Өрөспүүбүлүкэҕэ Аартыка оройуоннарыгар уонна кытыы сытар нэһилиэктэргэ төгүрүк сыл тыын суолталаах таһаҕаһы тиэйэр эрэгийиэннээҕи операторга, «Якутоптторг» АУо тус сыаллаах субсидия бэриллэр. Ол субсидия аһы-үөлү тиэйэргэ, социальнай суолталаах табаары хаһаанарга тырааныспар ороскуотун толуйар. Ити сыалга 2023с. бүддьүөттэн 317 мөл. солк. тахса суумалаах субсидия көрүлүннэ.
Ону таһынан, «Якутоптторг» тэрилтэҕэ Аартыка оройуоннарыгар атыы-эргиэн, логистика кииннэрин тэрийэргэ көмөлөһөбүт. Күн бүгүн онтон биэһэ үлэлии турар, өссө үс оҥоһуллуохтаах. Өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн ити сыалга 793 мөл. солк. тыырылынна. Өскөтүн сокуон олоххо киирдэҕинэ, «Якутоптторг» АУо салгыы көмөлөһөрбүт тохтуур, ити боломуочуйа федеральнай кииҥҥэ көһүөҕэ, өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтэ ноҕоруускаттан босхолонуоҕа», — диэн эттэ Алексей Еремеев.
Аартыка оройуоннарыгар, холобур, Өлөөҥҥө, «Якутоптторг» маҕаһыыннарыгар биир киилэ бурдук сыаната — 52 солк., кыһыҥҥы суолунан таһаҕаһы тиэйэр урбаанньыттар маҕаһыыннарыгар — 90-130 солк., оттон саахар киилэтэ — 88 солк., чааһынай маҕаһыыннарга — 180 солк.
Сокуон барылыгар Уһук Хоту табаары тиэйэргэ федеральнай бүддьүөттэн субсидия “РЖД” АУо, муора суолунан сылдьар тырааныспаарга бэриллэр диэн ыйылла сылдьар. Оччотугар нэһилиэнньэни чэпчэтиллибит сыаналаах бородууксуйанан хааччыйар «Якутоптторг» тэрилтэҕэ көмө оҥоруу сүтэр кутталлаах. Ону болҕомто таһынан аһарар табыллыбатын Алексей Еремеев туруоруста.
Кини ГСМ тиэйэр тэрилтэлэргэ тырааныспар ороскуотун толуйарга субсидия биэрэргэ этии киллэрдэ. Холобур, Тиксиигэ 1 литр АИ-92 бензин сыаната — 86 солк., оттон Дьокуускайга — 56 солк.
Бастакы ааҕыыны ааста
Ону таһынан, бырайыакка олохтоох бэйэни салайыныы уоргана Уһук Хоту таһаҕаһы тиэйиини нэһилиэгин иһигэр тэрийиэхтээх диэн эбии киллэрбиттэр. Нэһиилэ тиийинэн олорор муниципалитеттар национальнай бырайыактарга, өрөспүүбүлүкэ бырагыраамаларыгар кыттыгас үбүлээһиҥҥэ да кыттар кыахтара суох. Итиниэхэ олоҕуран, Алексей Ильич Уһук Хоту таһаҕаһы тиэйиигэ кинилэри кыттыһыннарар оруна суоҕун чиҥэтэн эттэ.
Ил Түмэн спикерэ уонна хотугу эрэгийиэннэр туруорсар этиилэрин Госдума кэмитиэтигэр болҕомтоҕо ылан туран, Уһук Хоту таһаҕаһы тиэйии туһунан сокуон барылын бастакы ааҕыыга ылыннылар. Ол түмүгэр таһаҕаһы тиэйии 20% чэпчиэхтээх.
Якутия. Инфо хаартыската
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0