Судаарыстыбаннай Дуума бэрэссэдээтэлэ Вячеслав Володин ахсынньы 11 күнүгэр иһитиннэрбитинэн, Дуума Сэбиэтин чилиэннэрэ «Аһаҕас былаас тиһигэр олохтоох бэйэни салайыныы биир кэлим бириинсиптэрин олохтооһун» саҥа сокуон бырайыагын боппуруоһун көрдүлэр уонна дьүүллэһии кэмигэр киирбит этиилэри, ыйыылары учуоттаан сокуон барыла эбии үөрэтиини ааһыахтаах, ситэриллэн-хоторуллан биэриэхтээх диэн санааҕа кэлбиттэр. Онон Дуума бэрэссэдээтэлэ олохтоох салайыныы сокуонун дьүүллэһии кэлэр сылга салҕаныаҕа диэтэ.
Бэлиэтээн эттэххэ, Арассыыйа эрэгийиэннэригэр, ол иһигэр Саха Сиригэр киэҥ дьүүллэһиини таһаарбыт сокуон барыла дьокутааттар көрүүлэригэр киирэн, 2024 сыл иһинэн ылыллыахтааҕа уонна былаан быһыытынан 2025 сылтан саҕалаан сыыйа-баайа олоххо киллэриллэн барыахтааҕа.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0