Вячеслав Володин Госдуума байыаннайдар биэнсийэлэрин үрдэтэр сокуону ылыммытын уонна 2030 сыллаахха диэри тиийинэн олоруу алын кээмэйин 35 тыһ солк диэри тириэрдэр сорук туруоруллубутун биллэрдэ.
Дойду парламенын бэрэссэдээтэлэ бигэргэппитинэн, бу сылтан күүһүгэр киирбит сокуонунан, үлэлээбэт биэнсийэлээхтэр дохуоттара эрэгийэннээҕи тиийинэн олоруу алын кээмэйигэр тиийбэт буоллаҕына, Социальнай пуонда территориальнай уорганнара биэнсийэлэригэр эбии төлөбүрү көрүөхтэрин сөп.
Страховой биэнсийэ
Тохсунньу 1 күнүттэн страховой биэнсийэ 7,6 % индексацияланар. Бу индексация үлэлиир, үлэлээбэт биэнсийэлээххэ барытыгар дьайар.
Социальнай биэнсийэ
Муус устар 1 күнүттэн социальнай биэнсийэ 6,8 % үрдүөҕэ (оҕо эрдэхтэриттэн инбэлииттэр, оҕо инбэлииттэр, Ленинград блокадатын, радиация сиэртибэлэрэ о.д.а.)
Байыаннай биэнсийэ
Байыаннай биэнсийэ кырдьаҕаһынан тахсар страховой биэнсийэттэн атыннык суоттанар. Бу төлөбүр 2026 сыл күһүнүгэр үрдүүрэ сабаҕаланар.
Үлэлиир биэнсийэлээххэ
Атырдьах ыйыгар үлэлиир биэнсийэлээх биэнсийэтэ эбиллиэ. Эбиллии кээмэйэ биэнсийэлээх хамнаһыттан, төһө ый үлэлээбититтэн, СФР төлөөбүт усунуоһуттан тутулуктаах.
1-кы группалаах инбэлиит уонна 80 сааһын туолар биэнсийэлээххэ
Фиксированнай төлөбүр икки бүк үрдүүр. Онуоха өскөтүн гражданин 1-кы группалаах инбэлиит буолан фиксированнай төлөбүрэ хайыы үйэ үрдээбит түгэнигэр, кини 80 сааһын туоллаҕына да, иккистээн үрдээбэт. Ол эбэтэр икки төрүөттэн бииригэр эрэ үрдүүр.
Биэнсийэҕэ эбии ааҕыы
Биэнсийэлээх дьон кыайан үлэлиир кыаҕа суох (нетрудоспособнай) чугас киһилэрин көрөр-харайар түгэннэригэр, кинилэр бэйэлэрин биэнсийэлэригэр эбии төлөбүрү аахтарар бырааптаахтар. Чугас киһи диэҥҥэ, холобур, биэнсийэлээх сокуоннай сааһын туола илик оҕото, сиэнэ, инитэ-биитэ, эдьиийэ-балта киирсэллэр. Өскөтүн эпиэкэҕэ (көрөр-харайар) баар киһилэрэ күнүскү үөрэххэ үөрэнэр буоллаҕына, кини 23 сааһын туолуор диэри эбии ааҕыы оҥоһуллар кэмэ уһаан биэрэр. Арай оҕо чахчы устудьуон буоларын кэрэһилиир ыспыраапка ирдэниэ.
Эбии ааҕыы (доплата) кээмэйэ биэнсийэлээх көрүүтүгэр-истиитигэр хас чугас киһи баарыттан тутулуктаах. Соҕотох буоллаҕына – биэнсийэ фиксированнай кээмэйин үс гыммыт биирэ эбиллэр. Икки иитиллээччилээххэ – эбии төлөбүр икки бүк үрдүүр. Оттон көрөр-харайар дьоно үс уонна онтон элбэх буоллаҕына, биэнсийэ фиксированнай төлөбүрүн 100 бырыһыаныттан үрдүк буолар.
Үгэс курдук, итинник эбии ааҕыыны аан бастаан биэнсийэҕэ тахсарга тута оҥорторуллар. Ол гынан баран олоххо араас буолар. Биэнсийэлээх кырдьаҕас хаһан баҕарар кыайан үлэлиир туруга суох чугас киһитин көрөр-истэр кыһалҕаланыан сөп. Оннук түгэҥҥэ ол туһунан СФР-га сайабылыанньа суруйуохтаах. Онно кини иитимньитигэр киирбит чугас киһилээҕин кэрэһилиир докумуоннары холбуу туттарыахтаах.
Хаартыска эрэдээксийэ архыыбыттан
-
2
-
0
-
0
-
0
-
0
-
2
