Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -2 oC

Сылга биэс мөлүйүөнтэн элбэх дохуоту ылар, аахсар биирдиилээн дьон 2021 сыл тохсунньу 1 күнүттэн дохуоттарыттан 15 % нолуок төлүүр буолуохтара. Госдума бу сокуон бырайыагын бүтэһиктээх үһүс ааҕыыга бигэргэттэ.

Сылга биэс мөлүйүөнтэн элбэх дохуоту ылар, аахсар биирдиилээн дьон 2021 сыл тохсунньу 1 күнүттэн дохуоттарыттан 15 % нолуок төлүүр буолуохтара. Госдума бу сокуон бырайыагын бүтэһиктээх үһүс ааҕыыга бигэргэттэ.

Эһиилгиттэн сылга 5 мөл. солк. элбэх дохуоту ылар дьон 15 % нолуок төлүөхтэрэ. Сокуон бырайыагын РФ Бэрэсидьиэнэ В. Путин көҕүлээбитэ. Ол курдук, 5 мөлүйүөҥҥэ диэри дохуоттаахтар 13 %, оттон 5 мөл. солк. үөһэ – 15 % нолуок төлүүллэрэ быһаарылынна.

Госдума бэрэссэдээтэлэ Вячеслав Володин: “Нолуок ыстаапкатын үрдэтии түмүгэр бүддьүөккэ киирбит эбии үп-харчы сүрүннээн сэдэх уонна ыарахан ыарыынан ыалдьар оҕолор эмтэнэллэригэр барыаҕа”, – диэн бэлиэтээбитэ.

РФ Бырабыыталыстыбатын иһитиннэриитинэн, 2021 сылга үрдэтии суотугар бүддьүөккэ 60 млрд солк, 2022 сылга – 64 млрд. солк., 2023 сылга – 68,5 млрд. солк. эбии үп киирэрэ күүтүллэр.

Сэтинньи 10 күнүгэр – сокуон бырайыагын иккис ааҕыытыгар – 18 көннөрүү ылыллыбыта. Ол курдук, гражданнар быстах кэмнээх дохуоттара (страховка төлөбүрэ, хамсаабат баай-дуол атыыта, о.д.а.) 5 мөл. солк. куоһарар да буоллаҕына, үрдэтиллибит ыстаапканан нолуок төлөөбөттөр. Урукку курдук 13 %-ны төлүүллэр диэн көннөрүүнү киллэрэн бигэргэппиттэрэ.  

Госдума пресс-сулууспата

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением