Парламент биэриитигэр Феодосия Габышева Грознайга эрэгийиэннэр икки ардыларынааҕы кэмпириэнсийэҕэ кыттыытын туһунан кэпсээтэ. Тэрээһин алтынньы 12-13 күннэригэр ООН төрүт омуктар тылларын аан дойдутааҕы 10 сылынан биллэриллибит үтүө дьаһал чэрчитинэн ыытыллыбыт. Санатан бэлиэтээтэххэ, маннык дьаһал 2019 сыллаахха ООН генеральнай ассамблеятын 74-с сиэссийэтигэр ылыллыбыт.
Арассыыйа Бэдэрээссийэтигэр төрүт олохтоох омуктар тыллара симэлийэр кутталлааҕын болҕомтоҕо ылан, ону харыстыыр, үөрэтэр уонна сайыннарар сыаллаах дьоһун докумуоннар бигэргэнэн тураллар. Судаарыстаба таһымыгар бу хайысхаҕа үлэни сүрүннүүр уорганынан Норуоттар дьыалаларыгар федеральнай ааҕыныстыба буолар. Кинилэр кыттыылаах уонна ЮНЕСКО арассыыйатааҕы бастайааннай кэмитиэтин «Информация для всех» бырагырааматын эгидэтинэн төрөөбүт тыл кыһалҕалаах араас өрүттэрин сыныйар, чинчийэр сыаллаах тэрээһиннэр сыллата ыытыллаллар.
Сахабыт сирэ бу дьаһалларга көхтөөхтүк кыттар. Өрөспүүбүлүкэбитигэр ылыллар бырагыраамалар, бырайыактар үксүлэрэ ЮНЕСКО кэмитиэтин өйөбүлүнэн ситиһиллибиттэрэ. Холобур, 2008, 2011, 2014 уонна 2019 сыллардаахха Дьокуускайга норуоттар икки ардыларынааҕы таһымнаах форумнар буолбуттара. Итинтэн 2019 сыллаахха тэриллибит кэмпириэнсийэ саамай бөдөҥнөрүнэн ааҕыллар: 63 дойду бэрэстэбиитэллэрэ кыттан турардаахтар. Бу далааһыннаах түһүлгэҕэ киберэйгэҕэ элбэх тылланыы боппуруоһа көрүллүбүт. Маныаха аныгы технология ааҥнаан киирэр кэмигэр судаарыстыбаннай тылы таһынан хайдах гынан төрөөбүт төрүт тылы үөрэтэр, баһылыыр, тутан хаалар кыһалҕалара, сонун ньымалара дьүүллэһиллибиттэр.
Норуот дьокутаата Феодосия Габышева интервьютун сиһилии Ил Түмэн ютуб ханаалыгар көрүҥ.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0