Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -10 oC

Норуот дьокутааттара «Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр тыл бэлиитикэтэ: төрүт омуктар үгэс буолбут билиилэрин харыстааһын» диэн эрэгийиэннэр икки ардыларынааҕы кэмпириэнсийэҕэ кытыннылар.

Норуот дьокутааттара «Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр тыл бэлиитикэтэ: төрүт омуктар үгэс буолбут билиилэрин харыстааһын» диэн эрэгийиэннэр икки ардыларынааҕы кэмпириэнсийэҕэ кытыннылар.

Бу күннэргэ Дьокуускайга Саха Сиригэр дойду төрүт норуоттарын тылларын хары­стыырга суолталаах тэрээһиннэр «Төрөөбүт тылым» бырагыраама чэрчитинэн ыытылын­нылар. Киэҥ хабааннаах тэрээһин «Бар дьоҥҥо информация» ЮНЕСКО бырагыраа­матын Арассыыйатааҕы кэмитиэтин, эрэгий­эннэр икки ардыларынааҕы бибилэтиэкэлэр бииргэ үлэлээһиннэрин киинин, СӨ Бырабыы­талыстыбатын, М.К. Аммосов аатынан ХИФУ өйөбүллэринэн тэрилиннэ.

Бастакы күн, бэс ыйын 19 күнүгэр, «Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр тыл бэлиитикэтэ: төрүт омуктар үгэс буолбут билиилэрин харыста­аһын» диэн эрэгийиэннэр икки ардыларына­аҕы научнай-практическай кэмпириэнсийэ буолла. Кэмпириэнсийэ аһыллыытыгар СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников Саха Сиригэр төрөөбүт тылы тарҕатыыга уонна харыста­аһыҥҥа туһуламмыт тыл бэлиитикэтэ биир кэлимник олоххо киирэрин, хотугу сир төрүт олохтоох аҕыйах ахсааннаах норуоттарын тыл­ларын чөлүгэр түһэриигэ туһуламмыт сокуо­ннарынан уонна нуормалыыр аахталарынан өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 50-тан тахса бырайыак көдьүүстээхтик үлэлииллэрин бэлиэтээтэ.

Ил Түмэн бастакы вице-спикерэ Алек­сандр Жирков өрөспүүбүлүкэҕэ төрөөбүт тыл­лары харыстааһыҥҥа, чөлүгэр түһэриигэ уон­на сайыннарыыга сөптөөх нуормалыыр-быра­ап баазата тэриллибитин иһитиннэрдэ.

– Кэмпириэнсийэ «Бар дьоҥҥо информа­ция» ЮНЕСКО бырагырааматын Арассыыйата­аҕы кэмитиэтин салайбыт, биллэр гуманист, чугас доҕорум Евгений Иванович Кузьмин кэриэһигэр ыытыллар. Кини ЮНЕСКО бары ге­неральнай кэмпириэнсийэлэригэр Российскай Федерация чиэһин көмүскүүрэ. Бүгүн кини сүрүн санаатын этиэхпин баҕарабын, ол кур­дук, Российскай Федерация норуоттарын ми­норитарнай тылларын илдьэ сылдьааччыла­рын ахсаана көҕүрүүрэ биллэр биричиинэнэн бу хайысхаҕа дойдубутугар ылыллыбыт быһа­арыылар ситэтэ суохтарыттан тахсар. Бу кини сүрүн санаата. Итиэннэ билиҥҥи туругунан дойду чинчийээччилэрэ баар чахчыларынан итинник көстүүгэ биир сүбэнэн биир санааҕа кэллилэр. Маныаха «төрүт омуктар» диэн өйдөбүлү киллэрэн туран, аан дойду атын дой­дуларыгар бу сытыы боппуруоһу быһаарыыга сыһыаннаһыы биллэрдик араастаһар, – диэтэ Александр Жирков. Кини этэринэн, аан дойду норуоттарын тылларын-өстөрүн харыста­аһыҥҥа үлэ ыытылларын тухары, бүгүн ити тутаах боппуруостар күннээҕи бэбиэскэттэн уһуллубаттар. Ити проблема хас биирдии дойдуга, хас биирдии континеҥҥа баар уонна Евгений Иванович эппитин курдук, билиҥҥэ диэри сөптөөх түмүк оҥоһулла илик.

IMG 8983

Оттон норуот дьокутаата Феодосия Га­бышева СӨ Ил Дарханын сорудаҕынан саха, эбээн, эбэҥки, чукотка, дьүкээгир уонна долган тылларыгар судаарыстыбаннай сыһыаны олоххо киллэриинэн дьарыктанар, СӨ Нау­каларын академиятыгар төрөөбүт тыллары чинчийэр, харыстыыр уонна сайыннарар эрэ­гийиэннээҕи киин тэриллибитин туһунан иһитин­нэрдэ. Парламентарий этэринэн, ЮНЕСКО аан дойду норуоттарын тылларын харыстааһынын уонна тыл араастаһыытын боппуруостарыгар аан дойдутааҕы кэмпириэнсиэйэлэрэ түөрт төгүл Саха Сиригэр ыытыллыбыттара. Итини тэҥэ Саха Сиригэр полилингвальнай оҕо уһуйаанын, ЮНЕСКО ассоциациялаах оскуола­ларын ситимнэрэ, национальнай гимназиялар, гуманитарнай хайысхалаах оскуолалар, хотугу норуоттар тылларын уонна тылларын үөрэтиигэ экспериментальнай оскуола, «Аартыка» интэ­ринээт- оскуолата, о.д.а. тэриллибиттэрэ. Аҕыйах ахсааннаах норуоттар лингвистическэй куорпуһа уонна дисперснэй олорор сирдэрэ төрөөбүт тылларынан үөрэтиини тэрийэр кыаҕы биэрбэт, онон үөрэх биридимиэтинэн үөрэтии биир сүрүн ньыманан хаалар.

IMG 8994

Норуот дьокутаата Елена Голомарева төрөөбүт тылга, литэрэтиирэҕэ уонна култуураҕа үөрэтэр методическай литэрэтиирэни оскуола иннинээҕи иитиллэччилэригэр, алын уонна сүрүн оскуола үөрэнээччилэригэр анаан оҥо­руу, тиэрдии проблематын таарыйда, аартыка учууталларыгар дифференцированнай хамнаһы ааҕалларыгар этии киллэрдэ.

– Оҕо ахсаана кылаастарынан аҕыйаҕынан, оччотугар учуутал намыһах хамнастаах буолан, аартыка оройуоннарын оскуолаларын төрөөбүт тылга, литэрэтиирэҕэ уонна култуураҕа үөрэтэр учууталларынан хааччыйыы боппуруоһа би­лиҥҥэ диэри сытыытык турар. Бастатан туран, ийэ тылы үөрэтии оҕо уһуйааныттан саҕаланыах­таах. Бу сыалга учууталлары, иитээччилэри педа­гогическай колледжтарга үөрэтэн баран, салгыы А.И. Герцен аатынан Арассыыйатааҕы судаа­рыстыбаннай педагогическай университекка бэлэмниир наадалаах. Маны сэргэ, иитээччи хамнаһыгар аҕыйах ахсааннаах норуоттар сүтэн эрэр тылларын сөргүтэрин иһин эбии төлөбүрү олохтууру наадалааҕынан ааҕабын, - диэн эбэн эттэ норуот дьокутаата Елена Голомарева.

  • 1
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением