Софья Александрова Дьокуускайга уонна төрөөбүт-үөскээбит Амматыгар доруобуйа харыстабылын эйгэтигэр өр сылларга үлэлээбит, элбэҕи ситиспит инфекционист быраас. Кини Арассыыйа Бэдэрээссийэтин уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин доруобуйатын харыстабылын туйгуна, мэдэссиинэ билимин хандьыдаата. Ол эрээри оҕо эрдэҕиттэн уопсастыба кыһалҕатыттан туора турбат, нэһилиэнньэ олоҕор-дьаһаҕар быһаччы кыттар, бэйэтин санаатын тиэрдэр, сонун хамсааһыннары көҕүлүүр дьоҕура кинини салайааччы буоларга сирдээн аҕалбыта мээнэҕэ буолбатах.
Сэһэргэһэ олорон, Софья Лаврентьевна дьонугар-сэргэтигэр олус чугаһын, эмчиттии болҕомтолоох, кыһамньылаах уонна харыстабыллаах сыһыанын бэлиэтии көрөҕүн. Салайааччы киһиэхэ хас биирдии күн суолталааҕын, дьон кыһалҕатын чэпчэтэр, төрөөбүт түөлбэни сайыннарар сорукка сылдьар ураты эппиэтинэстээҕин бигэтик өйдүүгүн.
Кини улуус дьокутааттарын сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ буолан олорон, норуот интэриэһинэн салаллан, сайдыы кирбиилэрин дабайар наадатын, бэйэни ордуктук эбэтэр үрдүктүк туппакка, барыларын кытта тэҥҥэ хардыылыыр сөптөөҕүн, салайааччы киһиэхэ дуоhунас дойдуга сулууспалыырга итэҕэл уонна эрэл буоларын аһаҕастык кэпсиир.
Былааска патриоттар кэлэллэр
– Софья Лаврентьевна, дьокутааты «норуот хамначчыта» дииллэр. Ити этиигэ эн сөбүлэһэҕин дуо?
– Урукку өттүгэр наар бүддьүөт эйгэтигэр үлэлээбит, толорооччу быһыытынан үлэҕэ-хамнаска умса түспүт буолламмын, дьокутаат үлэтэ хайдаҕын, тугун, этэргэ дылы, ымпыгын-чымпыгын олох билбэт этим. Бэйэм бастаан дьокутаат быһыытынан 2018 с. балаҕан ыйыгар талыллабын, тута социальнай эйгэ хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлинэн ананабын. Онтон эһиилигэр дьокутааттар итэҕэллэрин ылан, бэрэссэдээтэл буолабын. Дьэ, уонна үс сыл ааспытын кэннэ санаам тосту уларыйда диэхпин баҕарабын. Билигин бигэтик этэбин: дьокутаат күүһэ, көмөтө диэн олус улахан эбит! Уопсайынан норуот туhугар сананан үлэлии кэлбит дьокутааттар, салайааччылар бука бары, көннөрү дьон буолбатахтар. Бу бары – патриоттар. Куруук этэбин ээ, былааска сүрэхтэринэн-быардарынан дойдум, дьонум туhа диэн санаалаах кэлэллэр. Онон нэhилиэнньэ өттүттэн тойоттору-хотуттары араастаан саҥардахтарына, үөхтэхтэринэ, олох сөбүлээбэппин уонна ылыммаппын. Тыллаhан бардахтарына: «Чэ, аныгыскы сырыыга эйигин талыахха. Үлэлээ уонна барыбытыгар хайдах үлэлиири көрдөр. Ол кэннэ биһиги сыаналыахпыт», – диибин. Итини ааһан, билигин үлэлииргэ олус уустук кэм. Пандемия буоллун, аны быйыл сайын ойуур баhаардара, аан дойду таhымыгар санкция, кириисис да сабыдыала улахан ыктарыыга тиэрдэр... Аны Сахабыт сиригэр Интэриниэт киэҥник киирэн, ситимнэр сайданнар, дьон өйүн-санаатын буккуйдулар.
Оптимизацияны мэдиссиинэ холобуругар
– Эһиги дьокутааттыыр кэмҥитигэр «оптимизация» диэн сарбыйыы, бөдөҥсүтүү үлэтэ саҕаламмыта. Биллэн турар, ол дьаһал сабыдыала, ыарыыта улуус, нэһилиэк таһымыгар биллэр. Маныаха саҥата суох олорботох буолуохтааххыт?
– Тыа сиригэр, дэриэбинэлэргэ, сарбыйыы кыһалҕата тирээн кэлбитигэр, дьокутааттар күүскэ үлэлэстибит. Аччаттыбыт диир кыахтаахпыт. Ол эрэн бөдөҥсүтүү сорох түгэннэригэр мин сөпсөһөбүн. Тоҕо диэтэххэ, урукку кэмҥэ дэриэбинэ аайы балыыһаҕа истэн киирэн сытар, эмтэнэр куойкалары дэлэйдик тутар этибит. Олорбут билигин күнүскү эрэ кэмҥэ үлэлиир буолбуттара сөп дии саныыбын. Манна кыһалҕалаах өттө атыҥҥа. Ирдэбил быһыытынан, хас биирдии мэдиссиинэ пуунугар үстүү эрэ миэстэ буолбутугар! Дьиҥэр, ити аҕыйах. Иккиһинэн, биир эрэ сиэстэрэ көрүллэр. Кини хайдах даҕаны соҕотоҕун кыаммат. Онон үлэһиттэрэ элбиэхтэрин наада этэ. Аммабар кылаабынай бырааһынан үлэлии кэлэн баран, бэлиэтии көрбүтүм: сорох нэһилиэктэргэ 15-тии куойкалаахтар бааллара. Маныаха дьон балыыһаҕа хоммот, бары дьиэлэригэр тахсан хаалаллар этэ. Оттон ас дьон ахсаанынан бэлэмнэнэр. Онон хаарыан ас таах тоҕулларыгар тиийэр. Бүддьүөт экэниэмийэтин өттүттэн ылан көрдөххө, онон сөп быһаарыы. Билигин үрдүкү таһымҥа бу кыһалҕаны туруорсабыт -- күнүскү куойка уонна үлэһит элбиирин гына. 2019 с. Бэдэрээссийэ Сэбиэтигэр доруобуйа харыстабылын тиэмэтигэр аһаҕас истиилэргэ кыттан турабыт. Онно бу боппуруоска бэйэбит санааларбытын эмиэ биллэрбиппит. Коронавирус дьаҥа да көрдөрдө, доруобуйа харыстабылын тиhигэ бигэ уонна үрдүк хаачыстыбалаах буолуохтааҕын.
Тыын боппуруос – уот, гаас, суол
– Билигин улуус сэбиэтин болҕомтотугар ханнык боппуруос сылдьарый? Тыын кыһалҕа тула кэпсэтиэххэ эрэ...
– Туруорсар боппуруоспут наhаа элбэх. Барытын улууспут аҕа баhылыга Николай Арпиповтыын сүбэлэhэн, тэҥҥэ үлэлиибит. Өрөспүүбүлүкэ таһымыгар туруорсар сүрүн кыhалҕабыт диэн, уот ситимин тардыы. Амма улууhугар 110 киловатт уот кэлэрэ буоллар. Уоппут мөлтөҕүттэн улахан харгыстар үөскүүллэр. Бастатан туран, хочуолунайдарбыт толору кыамтанан үлэлээбэттэр. Олус үчгэй оhохтор кэлэн үлэлии тураллар эрээри, уот мөлтөҕүттэн толору туhаммаппыт. Холобур, пылеуловитель да үлээбэт, теплопуун да тутар кыахпыт суох. Дьиҥэр, маннык улахан кыамталаах хочуолунайдардаах олорон, Амманы барытын да кииннэммит ититии ситимигэр холбоон, сылааhынан хааччыйыах этибит. Иккиhинэн, уоппут бара-бара кэлэр. Уот хамсааhыныгар хастыы эмиэ сүүһүнэн мөл. суумалаах мэдиссиинэ оборудованиелара умайан хаалаллар. Аны ону өрөмүөннүүргэ үтүмэн элбэх үп ирдэнэр. Оттон ыалларынан ылан эттэххэ, утуу-субуу холодильник умайарыттан киhи соhуйбат буолла. Уот кэннэ сытыытык турар боппуруоспут – нэhилиэнньэни гаастааhын. Аныгы кэмҥэ тыа сирин олоҕун тупсарар, кыhалҕалаах олохпутун чэпчэтэр суолбут ити буоллаҕа эбээт! Ыраата барбакка эттэххэ, нэһилиэнньэбит 60-70 %-на таһырдьа чэпчэтинэр. Ити доруобуйаҕа улахан охсуулааҕын этэ да барбаккын. Уонна үһүс сытыы боппуруоспут – суол хаачыстыбата, өрөмүөнэ. Кэлиҥҥи сылларга нацбырайыактар Сахабыт сиригэр күүскэ үлэлээннэр уонна Ил Дархаммыт Айсен Николаев инфраструктура хайысхатыгар кимэн киириилээх бэлиитикэтин үтүө түмүктэрэ көстөн эрэллэрэ киһини улаханнык үөрдэр. Аммаҕа диэри суол оҥоhулла, тупсарылла турар. Улууспут иһигэр быйыл Бөтүҥнүүр суолбут көннөрүлүннэ.
Бэйэ холобурунан көрдөрөр ордук тиийимтиэ
– Улуус үтүө холобуругар олоҕуран, Ил Түмэн сис кэмитиэттэрин кытта бииргэ үлэлэһэр уопуккут туһунан ааҕааччыларбытыгар билиһиннэриэххэ эрэ...
– Дьокутаат үлэтэ киhи хараҕар тута көстүбэт. Биир өттүнэн “маны оҥордубут” диэн түөспүтүн охсуна сылдьарбыт эмиэ табыллыбат. Баҕар, дьон көрдөҕүнэ, мээнэ сылдьар курдукпут буолуо... Ол эрээри үлэбит ис хоhооно олус уустук. Туох баар докумуону оҥорорго сокуоннары билиэххэ наада. Онтон уларытыылары киллэриэҥ иннигэр боппуруос бары өттүн дириҥник ырытан, үөрэтэн көрүөхтээххин. Быhаарыныы ылынарга, докумуоҥҥа киллэрэргэ биир тылыҥ да быhаарар оруоллаах буолуон сөп. Онон Ил Түмэни кытта ыкса сыһыаны олохтоон, дьокутааттарбытын кытта тэҥҥэ хардыылыыбыт. Соторутааҕыта спикер А.И. Еремеевка киирэн үлэбит былаанын дьүүллэhэн турабыт. Амма улууһа Ф.В. Габышевалыын, В.И. Чичигинаровтыын, А.Н. Атласовалыын, Е.Х.Голомаревалыын, А.М. Находкинныын, Амматтан норуот дьокутаата Р.Е. Федотовтыын олус таhаарыылаахтык үлэлиибит. Манна оскуола мэдиссиинэтин тиэмэтигэр үс кэмитиэт кыттыылаах улахан мунньаҕы тэрийэн ыыппыппыт. Хас биирдии үөрэх кыhатыгар мэдиссиинэ үлэhитин ыстаатын киллэриэхпитин наада. Оччоҕо эрэ оҕолорбут кыра эрдэхтэриттэн доруобуйаларыгар сүүйтэрбэккэ, киһи хара буолан тахсыа этилэр. Онон Арассыыйа таһымыгар ити кыһалҕаны сөптөөхтүк туруорсар туһунан толкуйдуубут. Холобур, Амма улууһугар бары оҕо саадтарыгар, быстах кэмҥэ да буоллар, бэйэбит бүддьүөппүтүттэн 22 ыстааты сыһыаран олоробут. Онтон оскуолаларбытыгар гигиенист диэн ыстаапкалар бааллар. Ол гынан баран, маннык дьаһанан олоруу – Аммабыт эрэ улууһугар. Сахабыт сиригэр уонна Арассыыйа да үрдүнэн барыта быһаарыллыан, толору үбүлэниэн баҕарабыт.
Баартыйа нэһилиэнньэҕэ тирэх буолар
– Дьон-сэргэ кыһалҕатын быһаарарга күннэтэ кыһаллаҕыт. Холобур дьон ордук туох ыйытыылаах кэлэрий?
– Биһиги ааммыт өрүү аһаҕас. Гражданнары кытта көрсөбүт, туруорсууларын суругунан да ылабыт. Күн аайын 2,3 сайабылыанньа киирэр. Аны туран, төһөнөн дьон кыһалҕатын болҕомтоҕо ылан быһаараҕын да, соччонон дьон итэҕэйэрэ лаппа үрдүүр, туруорсуута да элбиир. Холобур, 2020 с. 110 киһи боппуруоһун быһаарбыппыт. 2006 с.«Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйа чилиэнэбин уонна бэриниилээхтик үлэлиибин диэхпин баҕарабын. Улууспут сэбиэтигэр 16 дьокутааттан 15-һэ былаас баартыйатын кыттыылааҕа. Үлэбитин фракция иһинэн сүрүннүүбүт. Аҕа баһылыкпыт Николай Архипович баартыйа сэкирэтээрэ буоллаҕына, мин киниэхэ солбуйааччыбын. Улууска баартыйа уопсастыбаннай приемнайын салайабын. Онон дьон кыһалҕатын үрдүкү былааска туруорсарбытыгар улахан көмөлөөх. Нэһилиэнньэ бэйэтэ да өйдөөн эрэр: ханнык баҕарар баартыйаҕа, былааска, систиэмэҕэ салайааччы киһи уонна үлэһит быһыытынан хаачыстыбалара быһаарар оруоллаахтарын. Оттон нэһилиэнньэ ордук туохха кыһалҕатыйан биһиэхэ кэлэр эбит диэн сурастахха, дьон олорор усулуобуйатын тупсарыыта инники күөҥҥэ сылдьар. Бу сылларга кыах баарынан киин ититии ситимигэр чааһынай ыаллары киллэрдибит. Холобур, Мээндиги, Сатаҕай нэһилиэктэрэ олоччу, Сулҕаччы, Сэргэ Бэс, Чакыр уонна Бөтүҥ 80-нуу %-ра холбоннулар. 60-чалыы %-нара холбоммун нэһилиэктэрбит эмиэ элбэхтэр. Үлэ салҕанар...
– Софья Лаврентьевна, кырдьык да, идэлээх эрэ буолбакка, чахчы эмчит дууһалаах үтүө мааны, олус үлэһит уонна хорсун санаалаах салайааччы эн эбиккин диэн түмүккэ кэллим. Истиҥ сэһэргэһиибит иһин махтанабын, үлэҕитигэр ситиһиилэри баҕарабын.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0