Билигин Нам улууһугар “Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар” диэн бырайыагынан Дьокуускай-Нам-Булуус хайысхатынан суолу саҥаттан өрөмүннүү сылдьаллар. Өрөмүөн үлэтин 2 ыйынан бүтэрэр былааннаахтар.
“Үөрэхтээһин” национальнай бырайыак чэрчитинэн Кириэс Кытыл нэһилиэгэр 220 миэстэлээх оскуола уонна 50 миэстэлээх интернат тутулла тураллар. “Култуура” бырайыагынан Маймаҕа сэлиэнньэтигэр “Кыталык” диэн култуурунай уонна спортивнай комплекс, улуус киинигэр Намҥа култуура уонна духуобунас дыбарыаһа дьэндэйэн тахсыахтаахтар.
– Өрөспүүбүлүкэ дьоно-сэргэтэ улууска хайдах олороллорун көрөр миэхэ олус интэриэһинэй буолла. Атын эрэгийиэннэри кытта тэҥнээн көрдүм. Киһи үөрэрэ диэн саха бөһүөлэктэригэр олох оргуйа олорор эбит. Дьон чахчы үлэлиирин сөбүлүүрэ тута көстөр, – диэн Андрей Владимирович санаатын үллэһиннэ.
СӨ бырабыытылыстыбатын бэрэссэдээтэлин эбээһинэстэрин толорооччу билигин национальнай бырайыактары кэмигэр олоххо киллэрэр уһулуччу сорук буоларын санатта.
– Билигин хас биирдии Саха сирин олохтооҕо национальнай бырайыактар олоххо киирбиттэрин бэйэтэ илэ көрөрүн, билэрин курдук дьаһанан туран үлэлиэхтээхпит. Сыллата дьон олоҕо-дьаһаҕа, уйгута тупсарыгар кыһаллыахтаахпыт. Сүрүнэ, хас биирдии национальнай бырайыак олоххо киирбитэ кумааҕыга эрэ отчуот быһыытынан көстүө суохтаах. Дьон хараҕын далыгар сылдьыахтаах, чахчы “бу турар эбит” диэн көстүөхтээх. Нам улууһугар билиҥҥитэ чахчы элбэх социальнай эбийиэк тутулла турар. Суол-иис өрөмүөнэ да саҕаламмыт. Ити курдук, үлэбитин салгыы сайыннаран, хайысхатын кэҥэтэн иһиэхпит, – диэн бэлиэтээтэ.
Намҥа сырыытын иһинэн премьер э.т. “Дайыына” сайылыкка, М.К. Аммосов аатынан Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннаһын түмэлигэр сырытта. Уһулуччулаах судаарыстыбаннай уонна уопсастыбаннай диэйэтэл Максим Кирович Аммосов пааматынньыгар сибэкки дьөрбөтүн уурда.
Ити курдук, бырабыытылыстыба бэрэссэдээтэлин э.т. Андрей Тарасенко саха дьонун олоҕун-дьаһаҕын, судаарыстыбаннаһын устуоруйатын кытта ыкса билсииттэн саҥа дуоһунаска үлэтин саҕалаата.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0