- Ил Дархан Анал этиитигэр бу ковид, кураан, баһаар, анал байыаннай дьайыы уустук кэмигэр туох үлэ ыытыллыбытын, экэниэмикэҕэ таҥнары түһүү тахсыбатаҕын, төттөрүтүн ситиһиилэр баалларын уонна инникитин ханнык хайысхаларга үлэни күүһүрдэргэ туһаайан эттэ.
СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ бу тыҥааһыннаах кэмҥэ үлэтин хайысхатын дириҥэтэригэр, олохтоох бэйэ оҥорор таһаарар аһынан-үөлүнэн хааччыйыы боломуочуйатын бэйэтигэр ылыныахтааҕын соруйда. Норуот дьокутааттарыгар уонна СӨ Бырабыыталыстыбатыгар олохтоох аһынан-үөлүнэн хааччыйыы территорияларын туһунан сокуон барылын оҥорорбутугар эттэ. Улуус дьаһалталара бу боппуруоска үөһэттэн кэтэһэн олорон, хаалыылара баарын бэлиэтээн туран, үлэни күүһүрдэллэригэр туһаайда. Онон, Ил Дархан Ил Түмэҥҥэ туһаайан этиитэ саҕаланыаҕыттан үлэ туһунан эппитигэр олоҕуран, 2023 сылы Саха Сиригэр Үлэ сылынан биллэрдэ.
Бары бииргэ, түмсүүлээх эрэ буоллахпытына ити сорук туолара өйдөнөр.
- 1
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0