Кѳрсүhүүгэ үлэлии турар тырааныспар бары кѳрүҥнэригэр (уу, салгын, тимир суол, массыына) кѳрүдүѳрдэри кэҥэтии, саҥалары оҥоруу, онно сѳп түбэhэр инфраструктураны сайыннарыы, үрдүк технологиялаах салааларга, тыа хаhаайыстыбатыгар, туризмҥа, кыраныысса аттынааҕы эргиэҥҥэ-экэниэмикэҕэ бииргэ үлэлэhиигэ холбуу бырайыактары олоххо киллэрии боппуруостара кѳрүлүннүлэр.
Кытай хампаанньалара Уhук Илин инники сайдар уонна кѳҥүл порт территорияларыгар хайыы үйэ 51 инвестиционнай бырайыактары үлэлэтэллэр. Хэйлунцзян – Арассыыйа эргиэҥҥэ сүрүн партнера. 2022 сыллаахха Хэйлунцзян уонна Уhук Илин Уокуругун эрэгийиэннэрин икки ардыларыгар табаар эргиирэ 41,3% улааппыт.
Онуоха саҥа тутуулар тѳhүү буолбуттар: «Благовещенскай-Хэйхэ» массыына муостата уонна «Нижнеленинскэй-Тунцзян» тимир суол муостата.
Кытай ѳрүтэ үрдүк технологиялар, уларытан оҥоруу, туризм эйгэлэригэр инвестиционнай тэҥҥэ үлэлэhиигэ улахан интэриэстээх. Манна ордук инникилээх хайысханы — туризмы ылар буоллахха, Камчаткаҕа, Курилга уонна Приморьеҕа дьон ордук сѳбүлээн сылдьар турмаршруттарыгар бу сайын отеллэр 100% туолан тураллар. Арассыыйа бэйэтин ѳттүттэн кытай инвестордарыгар турсервис эбийиэктэрин тутууга былассааккалары биэрэргэ бэлэм.
Кѳрсүhүү түмүгэр Алексей Чекунков Лян Хуэйлины балаҕан ыйыгар Владивосток к. буолуохтаах Илиҥҥи экэнэмиичэскэй форумҥа кыттарыгар ыҥырда.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0