Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . 2 oC

Муус устар 10-12 күннэригэр Арассыыйа Федерациятын Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы — Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурукка Бэрэсидьиэн боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев Саха Сиригэр оробуочай сырыытын оҥордо.

Муус устар 10-12 күннэригэр Арассыыйа Федерациятын Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы — Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурукка Бэрэсидьиэн боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев Саха Сиригэр оробуочай сырыытын оҥордо.

ТЭРИЛТЭ ҮЛЭТЭ ҮРДҮКТҮК СЫАНАЛАННА

ac2059a8 c690 427e 8836 db3bd9e146c0

Муус устар 10 күнүгэр, күн бастакы аҥаарыгар, Юрий Трутнев оробуочай сырыытын сылга 120 квадроциклы оҥорор «Якт-Сокол» хааччахтаммыт эппиэтинэстээх уопсастыба базатын көрүүттэн саҕалаата. 2017 с. тэриллибит хампаанньа мөлтөх суоллаах-иистээх сиргэ, туундараҕа олус наадалаах квадроциклы уонна снегоболотоходу оҥорууга идэтийэр. Тэриллиэҕиттэн 800-тэн тахса квадроциклы оҥорон таһаарбыта биллэр. Бу күннэргэ 4 вездеходу анал байыаннай зонаҕа ыытар былааннаах, эрдэ 5 маннык тиэхиникэни ыыппыта. Санатан эттэххэ, өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбата түһэрсибит сөбүлэҥинэн, анал байыаннай зонаҕа 50 анал тиэхиникэ ыытыллара былааннанар.

756ce865 1f85 42d7 bc96 1b28f8716d1d

– Квадроцикл ханнык да мэһэйдэртэн иҥнибэт, кыахтаах тиэхиникэ. Юрий Петрович «Якт-Сокол» үлэтин үрдүктүк сыаналаата итиэннэ бу дьоһун тиэхиникэни оҥорон таһаарыыны улаатыннарарга, тэрилтэни кэҥэтэргэ сорудахтаата, – диэн Айсен Николаев иһитиннэрдэ.

 КУОРАТ МААСТАР-БЫЛААНА

Вице-премьер салгыы Дьокуускай куорат маастар-былааныгар анаммыт сүбэ мунньаҕы салайан ыытта. – Бэрэсидьиэн Владимир Путин VI Илиҥҥи экэнэмиичэскэй пуорумҥа Уһук Илин эрэгийиэннэрин куораттарын сайыннарыы, тупсаран оҥоруу бырагырааматын бигэргэппитэ. Онно 25 куорат хабыллан, тустаах үлэ саҕаламмыта. Бастакы түһүмэххэ куораттар маастар-былааннара бэлэмнэниэхтээх. Онон биһиги бүгүн Дьокуускай маастар-былаанын көрөбүт, – диэн Юрий Трутнев мунньаҕы саҕалыырыгар эттэ.

Уһук Илин куораттарын ортолоругар биһиги өрөспүүбүлүкэбит киин куората нэһилиэнньэтин ахсаанынан үһүс миэстэҕэ сылдьар. Билигин Дьокуускайга 378,5 тыһ. киһи олорор, кэнники уон сыл устата куорат нэһилиэнньэтэ 75,5 тыһ. киһинэн эбилиннэ. 2030 сылга диэри, быһа барыллаан, киин куорат олохтооҕун ахсаана 418 тыһыынча киһиэхэ тиийиэҕэ. Ол куорат инфраструктуратыгар эбии ноҕуруусканы үөскэтэрэ биллэр.

 – Маастар-былаан диэн генеральнай былаан эрэ буолбатах, бу куорат сайдыытын бүттүүнүн хабар докумуон. Кэлиҥҥи сылларга киин куорат тэтимнээхтик сайдар, нэһилиэнньэтин ахсаана эбиллэр. Уһук Илиҥҥи уокурукка, дойду үрдүнэн түргэнник улаатар уонна кэҥиир куораттар кэккэлэригэр киирэр, – диэтэ Ил Дархан Айсен Николаев.

Социологическай ыйытык түмүгэ куорат олохтоохторун хаарбах уонна саахаланнар туруктаах дьиэлэртэн дьону көһөрүү, суолу оҥоруу, тупсаҕай эйгэни тэрийии уо.д.а. боппуруостар долгуталларын көрдөрбүтэ. Ол барыта маастар-былааны оҥорорго учуоттаммыта. Мунньахха «Спортивнай», «Звёзднай» уонна «Өлүөнэ очуостара» диэн саҥа микро-оройуоннары уонна спортивнай-чэбдигирдэр комплекстары тутуу хаамыылара дьүүллэһилиннэ. Улахан соруктары олоххо киллэрэргэ сүрүн хайысхалар тосхоллоро быһаарылынна. Ол быһыытынан, Дьокуускай таһынааҕы территориялары урутаан сайыннарыы былаһааккалара тэриллиэхтэрэ, РИА хампаанньа тутуу матырыйаалларын оҥорор собуоту тутуоҕа. «Жатайдааҕы судоверфь» Аартыка улуустарыгар таһаҕаһы тиэрдиигэ толору кыамтатынан үлэлиэҕэ.

 Куорат таһынааҕы нэһилиэнньэлээх пууннарга аграрнай хайысханы сайыннарарга улахан болҕомто ууруллуоҕа. «Саюри» тэпилииссэ комплексын төрдүс уочарата, Хатаска сүөһү иитэр комплекс, сүөһүнү өлөрөн астыыр сыахтар тутуллан үлэҕэ киллэриллиэхтэрэ. «Үлэ кыбаартала» уонна ИТ-паарканы сайыннарыыга тустаах үлэ тэриллиэҕэ. – Дьокуускай куорат маастар-былаанын Владимир Путин көрүүтүгэр бэс ыйыгар киллэриэхпит. Онуоха диэри кэккэ боппуруостар, ол иһигэр үбүлээһин, быһаарыллыахтарын наада, – диэтэ Юрий Трутнев.

СААСКЫ ХАЛААН

Быйыл кыһын элбэх сөҥүү түспүтүн түмүгэр, саас өрүстэр халааннаан, улахан охсууну оҥоруохтарын сөп. Ол туһунан Ил Дархан Айсен Николаев вице-премьер Юрий Трутневка дакылааттаата.

Кыһын хаар халыҥнык түспүтүгэр эбии кулун тутарга сорох сиргэ 2 ыйдаах, сорох сиргэ 6 ыйдаах нуорманы куоһара хаардаабыта. Чуолаан илин эҥээр уонна киин улуустарга баар өрүстэр, үрэхтэр дьиксиннэрэллэр. Онон халаан уута куттала суох ааһарын туһугар гидротиэхиниичэскэй тутуулары бэрэбиэркэлиир, нэһилиэнньэлээх пууннары, тырааныспар инфраструктуратын бэлэмниир үлэлэр саҕаланнылар. ЫБММ уонна Росводресурс сулууспаларын кытары өрүстэргэ харыы тахсыан сөптөөх сирдэригэр мууһу хараардарга, эрбииргэ уонна дэлби тэптэрэргэ бэлэмнэнэр үлэлэр ыытыллаллар, – диэн Ил Дархан иһитиннэрдэ.

Күн-дьыл туругун билгэлээччилэр сылыктыылларынан, ыам ыйын бастакы уонна иккис дэкээдэлэригэр Өлүөнэ өрүс мууһа киин куорат аннынан эстиэҕэ, Алдан, Бүлүү уонна Амма өрүстэригэр муус хамсыаҕа, үһүс дэкээдэҕэ – муус Өлүөнэ, Алдан, Бүлүү өрүстэр алын тардыыларыгар, уонна хотугу, хотугулуу-илиҥҥи өрүстэргэ хамсыаҕа. Бэс ыйын саҥатыгар өрүстэр уһук учаастактара аһыллыахтара. Быһа барыллаан, өрүс халааныгар 24 улуус 123 нэһилиэнньэлээх пууна түбэһэр. Өрүстэр эстэр, муус ааһар кэмнэригэр уу ылар кутталлаах нэһилиэктэригэр барыта холбоон 22 тыһыынча киһиэхэ анаммыт 271 эвакопууну тэрийэр итиэннэ 43,2 тыһыынча ынах сүөһүнү, 45,4 тыһыынча сылгыны үрдүк сирдэргэ таһаарар былааннанар. Быйыл халаан уутун куттала суох аһардарга 190 мөл. солк. көрүллүбүтэ, ол иһигэр федеральнай бүддьүөттэн – 70 мөл. солк.

СНАЙПЕРДАРЫ БЭЛЭМНИИР КИИН

Быйыл күһүн Дьокуускайга Бэргэнник ытар киинтутуллуоҕа. Билигин саҥа киин хахха эркинэ оҥоһулла сылдьар. Тутуу атырдьах ыйын саҥатыгар түмүктэнэрэ былааннанар. Эрчийэр полигон учаастагын иэнэ 407 гектар. Эбийиэккэ 45 киһи уонна 23 тиэхиникэ үлэлиир. Сыал ытар саалары атыылаһан аҕаларга хантараах түһэрсиллибит. Киин Уһук Илиҥҥэ үрдүк кылаастаах снайпердары бэлэмнир-дьарыктыыр сыаллаах. Сааны-саадаҕы туттарга, чугас уонна ыраах дистанцияларга бэргэнник ытар тиэхиньикэҕэ быраабы араҥаччылыыр уонна көмүскүүр уорганнар үлэһиттэрэ үөрэниэхтэрэ-эрчиллиэхтэрэ. Юрий Трутнев киин тэриллиитэ сүҥкэн суолталааҕын бэлиэтээтэ: – Биһиги снайпердарбыт анал байыаннай эпэрээссийэ зонатыгар таһаарыылаахтык сулууспалыыллар. Биһиги кинилэргэ бэлэмнэнии, эрчиллии өттүгэр көмөлөһүөхтээхпит. Дьокуускайга Бэргэнник ытар Киин аһылыннаҕына, Аҕа дойду Улуу сэриитин дьоруойдарыгар ананар турнир ыытыллыаҕа. Манна үрдүк маастарыстыбалаах снайпердары түмүөхпүт.

ОЙУУР БАҺААРДАРЫН БОХСУУ

Уһук Илин эрэгийиэннэригэр ойуур баһаардарын турар кутталлаах кэмэ 15-20 хонугунан эрдэлээн саҕаламмыт буоллаҕына, Саха Сиригэр кыһыҥҥы хаар халыҥынан арыый хойутаан, ыам ыйын иккис-үһүс дэкээдэтигэр саҕаланара сабаҕаланар. Ол туһунан Айсен Николаев мунньахха эттэ. – Балаһыанньа уустук эрээри, Рослесхоһу уонна Айылҕа харыстабылын федеральнай министиэристибэтин кытары былырыын ойуур баһаарын ахсаанын аччатар, уот хабар иэнин аҕыйатар туһугар тэрийбит дьаһалларбытынан быйыл да салгыы үлэлииргэ эрэнэбит, — диэтэ Ил Дархан. Федеральнай бүддьүөттэн бу сыалга үбүлээһин ааспыт сыл таһымыттан аччатыллыбатах, 1,6 млрд солк. көрүллүбүт. Кэлэр 2024 сылга бу харчы улаатыннарыллара былааннанар. Оттон өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн үбүлээһин 70 мөл. солкуобайынан эбиллэн, 990 мөл. солк. көрүллүбүт.

– Владимир Путин сорудаҕынан, дойду үрдүнэн уонна Уһук Илиҥҥи уокурукка сааскы халаан уутун этэҥҥэ аһардарга уонна ойуур баһаара турар кутталлаах кэмин бэлэмнээхтик көрсөргө бары наадалаах дьаһаллар ылылыннылар, – диэтэ түмүккэ Юрий Трутнев. Муус устар 12 күнүгэр Арассыыйа Бэрэсидьиэнин боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев «Соҕурууҥҥу Саха Сирэ» урутаан сайдыы территорияларыгар үбүлээһини тардар бырайыактары билистэ уонна Нерюнгри куорат агломерациятын сайыннарыы маастар-былаанын бэлэмниир сүбэ мунньаҕы ыытта.

Андрей Сорокин (СИА) хаартыскаҕа түһэриитэ.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Общество

Бизнес оценит законы

Как соблюсти баланс интересов власти и малого бизнеса, как должны учитываться предложения…
05.10.24 10:23