«Хамсык дьаҥын, арҕаа дойдулар сааҥсыйаларын кэнниттэн өрөспүүбүлүкэ экэниэмикэтэ чөлүгэр түһэн, иннин диэки эрэллээхтик хардыылаан, Уһук Илин бастыҥнар кэккэлэригэр сылдьар. Дойду үрдүнэн биир саамай түргэнник сайдан иһэр эрэгийиэннэр ахсааннарыгар киирэр.
Айылҕа баайын туһаҕа таһаарарга Илин Сибиир куораттарыттан Саха сирин уҥуордаан, массыына суола Охотскай муораҕа тахсыахтаах. Дьокуускайга Өлүөнэ эбэни туоруур күргэ тутулуннаҕына үс федеральнай, биэс эрэгийиэннээҕи суол биир тырааныспар ситимигэр холбоһуоҕа, Амур, Саха Сирин тимир суолларыгар тахсыы баар буолуо.
Өрөспүүбүлүкэ илин өттүгэр «Халыма» федеральнай айан суолун кытта Магадаҥҥа диэри тахсар тимир суолун тутуохтара. Бырайыак Уһук Илини сайыннарыы национальнай бырагырааматыгар киирэн турар», — диэн этэр миниистир.
Хаартыска: https://ysia.ru/proekt-trehletnego-byudzheta-yakutii-proshel-publichnoe-obsuzhdenie/
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0