Бырамыысыланнас үлэтин хааччыйарга «Росатом» госкорпорация 110 МВт кыамталаах дьоҕус атомнай ыстаансыйаны тутуохтаах. Оччотугар сир баайын хостооччулар эрэ буолбакка, олохтоох нэһилиэнньэ эмиэ чэпчэки сыаналаах уотунан, сылааһынан хааччыллыахтара. Дьоҕус атомнай ыстаансыйа дизельнэй электростанциялары солбуйуо, чугастааҕы нэһилиэктэргэ табаары тиэйии тупсуо. Найбаҕа дириҥ уунан сылдьар устар ааллар тохтуур пуортара аһыллан, Хотугу муустаах байҕалынан таһаҕаһы тиэйии сыыдамсыйыа.
Кучустааҕы хайаны байытар салааны тэрийэргэ 270 млрд. солк. үбү угуохтара, 6000 үлэ миэстэтэ тахсыаҕа.
Хаартыска: https://www.forbes.ru/news/334239-pravitelstvo-utverdilo-aukcion-po-mestorozhdeniyu-zolota-suhoy-log
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0