Онуохаҕа, бэҕэһээ, алтынньы 3 күнүгэр Аллараа Бэстээххэ түһэрсиллибит үс өрүттээх Сөбүлэһии, этэргэ дылы бу кыаҕы сайыннарар ааны тэлэччи аста. Ол курдук, үс өрүттээх Сөбүлэһиини түһэрсибит «Саха Сирин тимир суола » АХ, «Өлүөнэтээҕи өрүс холбоһуктаах пароходство» ПАУо, «Аллараа Бэстээх таһаҕас терминала» ХЭТ уонна ити хайысханан сыһыарыы быһыытынан икки өрүттээх Сөбүлэһиигэ илии баттаспыт «Тиксии муора пуорда», «Аллараа Бэстээх таһаҕас терминала» ХЭТ Аартыкаҕа таһаҕаһы таһыыга биир мультимодальнай көрүдүөрү тутуһан үлэлиэхтэрэ. Бу өрөспүүбүлүкэҕэ сүдү суолталаах Сөбүлэһиилэри Аллараа Бэстээх тырааныспар-логистика сайдыытын боппуруостарын тула мунньах кэмигэр түһэристилэр.
Улахан тэрээһиҥҥэ Муора уонна өрүс тырааныспарыгар федеральнай ааҕыныстыба (Росморречфлто) салайааччыта Андрей Тарасенко, СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников, СӨ Тырааныспарга миниистирэ Владимир Сивцев, «Өлүөнэтээҕи өрүс холбоһуктаах пароходствота» ПАУо генеральнай дириэктэрэ Сергей Ларионов кыттыыны ыллылар. Сөбүлэһии сүрүн суолтатын быһааран көрдөххө, Андрей Тарасенко бэлиэтээбитин курдук, бу тырааныспар хаба муора пуортарын кытта бииргэ үлэлээн, биир көрүдүөрдээх сырыыны тэрийии өрүс тырааныспарын уонна эрэгийиэн экэниэмикэтин сайыннарыахтаах. Холобура, 2027 сыллаахха диэри Арассыыйаҕа 9 маннык хабааннаах тырааныспар мультимодальнай логистика киинин тэрийии былааннанар.Оттон Сергей Ларионов эппитинэн, бу аан дойду быраактыката көрдөрөрүнэн, тимир-уу сырыыларын холбооһун логистикаҕа баранар ороскуоту аччатыахтаах, ону тэҥэ мультимодальнай таһыы-тиэйии таһаҕаһы терминалга мунньарга уонна салгыы муора пуортарыгар тиэрдэргэ, мунньарга кыах биэриэҕэ.
Маннык схема Аартыка оройуоннарыгар уонна соҕуруулуу-илиҥҥи Азия дойдуларыгар таһаҕаһы харгыһа суох тиэрдэргэ, логистиканы судургутутарга туһуланар.
Хаартыскалар «Өлүөнэтээҕи өрүс холбоһуктаах пароходствота» ПАУо саайтыттан ылылынылар.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0