Ол курдук, Газпромбаан саҥа дьиэҕэ биэрэр ипэтиэкэ бырагырааматын ыстаапкатын быраһыанын 1-1,2 п.п., 23,9-25 % үрдэттэ.
Сбер пресс-сулууспатыгар бэлиэтииллэринэн, баан бары ипэтиэкэлээх бырагыраамаларын ыстаапкатын быраһыанын 3 п.п. үрдэппит. Дойдуга киэҥник туттуллар “Домклик” ыстаапката саҥа дьиэҕэ 24,9 %-ҥа , оттон “иккис дьиэҕэ” 24,6 %-ҥа тиийбит.
Ити кэмҥэ Совкомбаан ипэтиэкэҕэ ыстаапката 25,49 % тэҥнэстэ диэн бу кирэдьиит биэрэр тэрилтэ пресс-сулууспатыгар биллэрбиттэр. Ону тэҥэ, алтынньы 15-16 күннэригэр үгүс бааннар ипэтиэкэ бырагыраамаларын ыстаапкатын бырыһыанын үрдэппиттэр: Альфа-баан – саҥа уонна иккис дьиэҕэ ыстаапкатын 3 п.п. үрдэтэн, 25,59-25,99 %, ВТБ – 2,7 п.п. таһааран, 24,7 – 26,4 % буолбут.
Эрдэ биллибитин курдук, ВТБ баһылыга Андрей Костин “Арассыыйа-24” теле ханаалга РФ Киин баана сүрүннүүр ыстаапкатын 21 % диэри үрдэтиэн сөп диэн эппитэ. Оттон Госдуума Үп-харчы ырыынагар кэмитиэтин салайааччыта Анатолий Аксаков РФ Киин баана алтынньы 25 күнүгэр ыытыллыахтаах мунньаҕар ыстаапкатын үрдэтиэҕэ диэн алтынньы саҥатыгар сабаҕалаан иһитиннэрбитэ. Бэҕэһээ, алтынньы 25 күнүгэр ыытыллыбыт мунньахха, Киин баан сүрүн ыстаапкатын 21 % бигэргэттэ.
Дойду үп-харчы ырыынагын сылыктааччылара бэлиэтииллэринэн, 2024 сыл түмүгүнэн сүрүннүүр ыстаапка ортотунан 17,3 % (+0,2 п.п.) үрдүөҕүн сөп. 2024 сыл алтынньы-ахсынньы ыйдарга ыстаапка үрдээһинэ ортотунан 20 % буолуоҕа диииллэр. 2025 сылга сүрүннүүр ыстаапка 18 %-ҥа (+1,9 п.п.) тэҥнэһиэ диэн сабаҕалыыллар.
Хаартыска moneyman.ry саайтан
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0