Биэс хамыыһыйа үлэлээтэ
Пленарнай мунньаҕы парламент спикерэ Алексей Еремеев ыытта. Өрөспүүбүлүкэ 2025 с. уонна кэлэр 2026-2027 сс. бүддьүөтүн ылынарга, сокуон барылын иккис ааҕыыга бэлэмнииргэ биэс хайысханан оробуочай хамыыһыйалар тэриллэн үлэлээтилэр.
Ил Түмэн вице-спикерэ, бүддьүөккэ, үпкэ-харчыга, нолуокка уонна сыана бэлиитикэтин, баайы-дуолу бас билии, приватизация боппуруостарыгар сис кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Юрий Николаев иһитиннэрбитинэн, үөһэ этиллибит биэс хамыыһыйаҕа 687 көннөрүү киирбит. 483 көннөрүүнү СӨ Бырабыыталыстыбата, 202 көннөрүүнү норуот дьокутааттара, 2 көннөрүүнү Идэлээх сойуустар федерациялара оҥорбут.
Дохуоппут эбилиннэ
Юрий Николаев 2025 с. СӨ судаарыстыбаннай бүддьүөтүн дохуоттаах чааһа 329 259, 3 мөл. солк. тэҥнэспитин туһунан эттэ. Үбүлээһин 37 974,4 мөл. солк. улааппыт, 2026 с. дохуоппут 329 961,3 мөл. солк, 2027 с. 369 337,5 мөл. солк. тиийиэхтээх.
Эһиил нолуоктан уонна атын сиртэн киирэр дохуот 3 298 мөл. солк. эбиллэн, 219 247,2 мөл. солк. буолуохтаах. Аҥаардас нолуоктан киирэр дохуот 202 661,5 мөл. солк. Оттон 2026 с. нолуоктан уонна атын сиртэн киирэр дохуот 244 653,1 мөл. солк., 2027 с. 267 244,6 мөл. солк. диэн ааҕыллыбыт.
Бүддьүөккэ 2025 с. 110 012,1 мөл. солк. үп босхо, төлөбүрэ суох киириэхтээх (безвозмездные поступления). Маннык хайысханан 2026 с. 85 308,2 мөл., 2027 с. 102 092,9 мөл. солк. киириэхтээҕэ былааннаммыт. Ол иһигэр:
Иккис ааҕыы чэрчитинэн, федеральнай бүддьүөттэн киирэр дотация 2025 с. улаатан, 26 418,8 мөл. солк. тиийиэхтээх. Бүддьүөт үлэһиттэрин хамнаһын үрдэтэргэ оҥоһуллар эбии ороскуот сороҕун толуйарга уонна атын сыалга 2 814,8 мөл. солк. көрүллүбүт.2026 с. дотация кээмэйэ уларыйбат, оттон 2027 с. 278,1 мөл. солк. улаатыахтаах. 2024 с. кытта тэҥнээн көрдөххө, 2025 с. федеральнай бүддьүөттэн киирэр дотация 5 183,9 мөл. солк. эбиллибит.2025 с. федеральнай бүддьүөттэн 27 491,0 мөл. солк. суумалаах субсидия киириэхтээх, 2026 с. - 26 856,3 мөл. солк., 2027 с. - 43 220,1 мөл. солк.
Эһиил федеральнай бүддьүөттэн 7 369,3 мөл. солк. субвенция киириэхтээх, 2026 с. - 7 358,6 мөл. солк., 2027 с. - 7 491,2 мөл. солк.
Федеральнай бүддьүөттэн оҥоһуллар бүддьүөт икки ардынааҕы трансферт кээмэйэ 2025 с. - 3 521,7 мөл. солк., 2026 с. - 3 542,7 мөл. солк., 2027 с. - 3 552,9 мөл. солк.2025 с. өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүгэр муниципальнай тэриллиилэри, куораттар уокуруктарын өйүүргэ 275,8 мөл. солк. кээмэйдээх субсидия киириэхтээх.
2025 с. өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүн ороскуота 37 974,4 мөл. солк. улаатан, 332 017,3 мөл. солк. тиийиэхтээх, 2026 с. ороскуот кээмэйэ - 332 335,9 мөл. солк., 2027 с. - 371 712,1 мөл. солк.
Олохтоох хааһына дэписиитэ иккис ааҕыыга 2025 с. уларыйбакка 2 758,0 мөл. солк. хаалла, онтон 2026 с. - 2 374,6 мөл. солк, 2027 с. - 2 374,6 мөл. солк. тиийиэҕэ.
Оскуола тутуутун ороскуота тоҕо улаатта?
2025 с. бүддьүөт ылыныллыбытын кэнниттэн Судаарыстыбаннай Дуума дьокутаата, «Саҥа дьон» баартыйа фракциятын салайааччытын солбуйааччыта Сардаана Авксентьева санаатын үллэһиннэ.
Кини бүддьүөтү көрүүгэ «саҥа дьоннор» 40-ча көннөрүүнү киллэрбиттэрин улахан аҥаарын ылыммыттарын, оттон сороҕун аахайбатахтарын аҕынна.
«Киин сиртэн тэйиччи сытар Аартыка олохтоохторо Дьокуускайга сөмөлүөтүнэн көтөллөрүгэр 1,5 млрд. солк ирдэнэр, оттон 2025 с. норуот дьокутааттара туруорсаннар, баара-суоҕа 190 мөл. солк. көрүлүннэ. Онон бу хайысханан үлэ салгыы ыытыллыахтаах.
Билиҥҥи кэмҥэ бүддьүөт харчытын көдьүүстээхтик туттарга судаарыстыбаннай-чааһынай партнерство төһө туһалааҕын билиэхтээхпит. Судаарыстыбаннай Дуума бэрэссэдээтэлэ Вячеслав Володин пленарнай мунньахха эппитинэн, итинник хайысханан тутуллубут оскуола ороскуота икки төгүл үрдээн тахсар», — диэтэ Сардаана Авксентьева.
Кини этэринэн, бүддьүөттэн үбүлэнэр оскуола тутуута икки төгүл чэпчэки. Оттон судаарыстыбаннай-чааһынай партнерство чэрчитинэн тутуллар оскуола ороскуота хас да төгүл эбиллэн тахсар эбит. Норуот дьокутааттара манна болҕомтолорун ууралларыгар ыҥырда.
Тыа хаһаайыстыбатын өйүүргэ
Пленарнай мунньах кэнниттэн Ил Түмэн Бэрэссэдээтэлэ Алексей Еремеев суруналыыстары кытта көрүстэ.
«Хамнас ботуччу соҕустук үрдүүрүн ситиһэргэ эбии 18 млрд. солк. наада. 2025 сылга бүддьүөккэ киирэр уларытыыларга, көннөрүүлэргэ бу боппуруоһу бастакынан көрүөхпүт. Норуот дьокутааттара итиннэ үлэлэһиэхпит. Бүддьүөккэ эбии дохуот киирдэҕинэ хамнас үрдүүрүгэр улахан болҕомтобутун ууруохпут.
Ону таһынан, тыа хаһаайыстыбатын сайдыытын дьокутааттар, тус бэйэм хонтуруолга тутабыт. Былырыыҥҥы сылы кытта тэҥнээн көрдөххө, сыл саҕаланыытыгар тыа хаһаайыстыбатын бырагырааматыгар 600 мөл. солк. элбэх харчы көрүлүннэ. Бүддьүөккэ киирэр уларытыылары ылыныыга бу салааҕа үбүлээһин куруук эбиллэ турар. Холобур, быйыл сыл устата 802 мөл. эбэн биэрбиппит.
Тыа хаһаайыстыбатыгар боломуочуйа туһунан улахан суолталаах сокуону ылынныбыт. Бэһис сылын бу боломуочуйаны улуустарга биэрэн олоробут, кинилэр бэриллибит боломуочуйаны толоро олорбуттара. Холобур, өрөспүүбүлүкэ үүт сыанатын 65 солк. быһар, сүөһү төбөтүгэр 37 000 солк., улуустар уҥа-хаҥас хамсаабакка ону толороллор. Билигин миэстэтигэр улуус дьаһалталара бу бэлиитикэни бэйэлэрэ олохтуур кыахтаныахтара. Холобур, ыраах, үүтү кыайан тиэйбэт нэһилиэктэр арыыны астыахтарын, сүөһү төбөтүгэр субсидияны ылыахтарын сөп.
Чугас нэһилиэктэргэ үүт соҕотуопката элбэх, онон чуолаан үрүҥ илгэни үрүлүччү сүүрдүүнэн дьарыктаныахтара. Үүт харчытыгар 65 солк. муҥурдаммакка, бэйэлэрэ эбэн биэрэллэрэ көҥүллэнэр», — диэн быһаарда Алексей Еремеев.
Кини бу салааҕа бэриллэр харчы Дьокуускай куоракка уонна Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр, чугас хаһаайыстыбаларга хаалар диэн өйдөбүл саха дьонугар баарын бэлиэтээтэ. Быһаччы ынаҕы-сүөһүнү иитиинэн дьарыктанар дьоҥҥо тиийбэт дэһэллэрин аҕынна.
«Субвенция тыа хаһаайыстыбатынан быһаччы дьарыктанар дьоҥҥо булгуччу тиийиэхтээх. Ону ситиһэргэ быйыл 900 мөл. солк. эбии үбү көрдүбүт.
2024 с. субвенция быһыытынан 7 млрд. 800 мөл. солк. бэриллибитэ, оттон эһиил 8 млрд. 700 мөл. тиэрдиэхпит. Көстөрүн курдук, үбүлээһин биир миллиардынан улаатта. Улуус салалталара эт-үүт, сылгы баазатын хайдах тэринэллэрин бэйэлэрэ быһаарыахтара.
Улуустарга эбии 600 мөл. солк. үбү биэрдибит, ону олохтоох бородууксуйаны оҥорон таһаарар салааҕа, 50 төбөҕө диэри кыра хотоннору, сылгы баазаларын, 200 туонналаах оҕуруот аһын харайар баазаны, сайылыктары тутарга туттуохтара. Тыа сирин олохтоохторо өрөспүүбүлүкэ киин куоратыгар кэлэн харчыны көрдөспөккө, миэстэтигэр олорон эрэ бэриллибит үбү бэйэлэрэ быһаарар кыахтаныахтара», — диэн иһитиннэрдэ спикер.
Кини өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүгэр эбии харчы көрүллэригэр Судаарыстыбаннай Дуума таһымыгар үгүстүк сүүрэр-көтөр, туруорсар, күүс-көмө буолар, Сахабыт Сирин туһугар өрүү кыһаллар Галина Данчиковаҕа махтанна.
Василий Кононов хаартыскаҕа түһэриилэрэ.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0