Бу күннэргэ Томскайдааҕы судаарыстыбаннай архитектурнай үнүбэрситиэт чинчийээччилэрэ хас да көрүҥнээх сылааһы тутар дьиэ матырыйаалын толкуйдаатылар. Бу матырыйаал тыйыс тымныы килиимэт усулуобуйатыгар мас дьиэ туттарга ороскуоту намтатар сыаллаах.
- Суот-учуот көрдөрөрүнэн, саҥа толкуйдаммыт матырыйаал кэрдиллибит дьиэ маһыттан үс төгүл барыстаах, - диэн суруйаллар. Дьиэ тутуутугар аҕыйах матырыйаалы эрэйэр, түмүк ороскуот сыанатын суоттанарга охсуута суох буолар. Ону таһынан дьиэни ититиигэ төлөбүр ороскуотун биллэрдик сууматын аҕыйатар.
Матырыйаал уратылардаах: бигэ туруктаах, ноҕуруускаҕа тас көрүҥүн да, састаабын да уларыппат, тутааччыларга кылгас кэм иһигэр инженернэй ситими киллэрэргэ барыстаах кыаҕы үөскэтэр. Бары инновациялар патеннарынан көмүскэллээхтэр.
Экспердэр чинчийиилэринэн, тыйыс тымныы килиимэтигэр матырыйаал көдьүүстээҕин бигэргэттэ, оҥорон таһаарарга мэктиэни ылла. - Дойду үрдүнэн « Арктикаҕа Гектар » бырагыраамаҕа нэһилиэнньэҕэ интэриэс үөскүүрүн учуоттаан уонна хоту сиригэр тутуу үлэтэ күүстээхтих ыытыллара былааннанарынан, саҥа тутуу матырыйаала дьон-сэргэ ортотугар күүскэ ирдэниэ, атыылаһааччытын булуо, - диэн экспердэр сабаҕалыыллар.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0