– Ааһан эрэр сыл бүддьүөтин ырытан көрдөххө, киһи хайдах сыананы биэриэй?
– 2021 сылы 281 млрд. тахса солкуобай бүддьүөттээх түмүктээн эрэбит. Бу үчүгэй көрдөрүү. Тоҕо диэтэххэ, сыл саҥатыгар бүддьүөппүт кээмэйэ 236 млрд. солк. этэ. Сыыйа дохуот киириититтэн көрөн, бүддьүөтү үс төгүл чопчулаан турабыт. Бастатан туран, өрөспүүбүлүкэ дохуоттаах чааһа үрдээтэ. Иккиһинэн, бэдэрээлинэй киин араас бырагыраамаларыгар хапсан, үбүлэнии кэҥээтэ. Үсүһүнэн, өрөспүүбүлүкэ бырайыактара, көҕүлээһиннэрэ араас таһымнаах куонкурустарга кыайан, сүүмэрдээһини ааһан, ылбыт өлүүтэ эбилиннэ. Бу хайысхаҕа министиэристибэлэр оттомноохтук уонна дьоһуннаахтык үлэлээтилэр диэн тоһоҕолоон этэбин. Инньэ гынан, судаарыстыба норуот туһугар ылыммыт эбээһинэстэрин толору уйунна.
Ордук элбэх үбү социальнай эйгэ ирдиир. Манна үөрэх, доруобуйа харыстабыла, социальнай харалта, култуура, спорт киирэллэр. Бэдэрээлинэй киинтэн үбүлэнэр социальнай эбийиэктэргэ, хаарбах туруктаах дьиэлэри көтүрүүгэ аналлаах үлэни тэрийэргэ өрөспүүбүлүкэ сорох чааһын эмиэ угар. Итиэннэ бүддьүөт эйгэтин үлэһиттэрин хамнастара кэмигэр 100 % быһаарылынна. Аны туран, дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин “ыам ыйынааҕы” ыйааҕынан хамнаһы үрдэтиигэ диэн, 4,5 млрд. солкуобайы көрдүбүт. Туспа арааран бэлиэтэхпин баҕарабын, Сахабыт сиригэр кырата суох суолталаах олох-дьаһах хомунаалынай хаһаайыстыбатын. Тыйыс усулуобуйалаах хотугу эргимтэҕэ олоҕу тутар элбэх харчыны эрэйэр. Ити сыалга-сорукка толору тиийэр үбү эмиэ бүддьүөппүт толуйда.
Онтон үүнэр сыл бүддьүөтүн туһунан этэр буоллахха, 2022 сылы 264 млрд. солкуобайтан саҕалыыбыт. Мин өйдүүрбүнэн, бу иннигэр сыл саҥатыгар маннык улахан дохуот көрдөрүүтэ суоҕа. Бу биһигини олус үөрдэр. Итинтэн 150 млрд. солк. тахса суума өрөспүүбүлүкэ тус бэйэтин дохуота. Эбэн эттэххэ, тус дохуоппут кэлиҥҥи икки сылга 32 млрд. солкуобайынан үрдээтэ. Маннык үтүө түмүк барыбытын үөрдүөх эрэ тустаах. Ол аата өрөспүүбүлүкэ салалтата бырамыысыланнас хайысхатыгар, сир баайын хостооччулары кытта үлэҕэ, нолуок бэлиитикэтигэр ыытар үлэтэ сөптөөҕүн уонна көдьүүстэҕин көрдөрөр. Сабаҕалаан эттэххэ, 2022 сыл бүтүүтэ бүддьүөппүт 300 млрд. солк. тэҥнэһэ сыһыа.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0