Дьааҥы өрүһүнэн таас чоҕу таһыы түмүктэннэ. Тиксиигэ сүөкүү сылдьаллар, онон бүтэр. Муораттан «Капитан Шандровский», «Дионисий Хитров», «Ленанефть-2043», «Софрон Данилов», «Вадим Тюрнев» теплоходтар, «Капитан Бабичев» ледокол төннөн иһэллэр.
«Капитан Пашнин» уонна «Святитель Иннокентий» теплоходтар Архангельскай – Харасавей хайысханан бүтэһик сырыылара. «Капитан Богатырёв» Чукоткаҕа өссө биирдэ баран кэлиэхтээх.
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0