Ил Түмэн вице-спикерэ Виктора Губарев салайааччылаах дэлэгээссийэҕэ киирдилэр: наукаҕа, үөрэхтээһиҥҥэ, култуураҕа, иһитиннэриилэри киэҥник тарҕатар ситимнэргэ уонна уопсастыбаннай тэрилтэлэр дьыалаларыгар сис кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Феодосия Габышева, аҕыйах ахсааннаах төрүт норуоттар боппуруостарыгар уонна Аартыка дьыалаларыгар сис кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Елена Голомарева.
Норуот дьокутаата Виктор Губарев ахсынньы 11 күнүгэр буолар «Транспортная доступность в Арктике: развитие авиации и путей сообщения» сиэссийэҕэ Аартыкаҕа айанныыр суол-иис мөлтөҕүн, салгынынан уонна сиринэн сырыы күчүмэҕэйдэрин кэпсиэхтээх. Кини өссө Хотугу форум эрэгийиэннээҕи координатордарын кэмитиэтин мунньаҕар кыттыахтаах.
Елена Голомарева “Сохранение биоразнообразия и развитие системы ООПТ АЗ РФ» сиэссийэҕэ «О cоблюдении прав коренных малочисленных народов Севера в Республике Саха (Якутия) по защите исконной среды обитания и традиционного образа жизни» диэн дакылааты ааҕар. Ону таһынан “Добывающая промышленность Арктической зоны: какая системная поддержка нужна системообразующим предприятиям” диэн түһүлгэҕэ намчы айылҕалаах Аартыкаҕа күн-түүн кэҥиир-тэнийэр бырамыысыланнас төрүт олохтоох омуктар бултуур-алтыыр сирдэригэр дьайыытын, онтон кинилэр туох көмүскэллээхтэрин, хайдах бырааптарын күөмчүлэппэттэрин туһунан тыл этиэҕэ.
“Аартыка: бүгүҥҥүтэ уонна кэскилэ” форум – бу Аартыка кыһалҕаларын, хайдах ону быһаарар, сайыннарар туһунан аһаҕастык кэпсэтэр уопсастыбаннай былаһаакка. Манна хотугу сир олоҕун-дьаһаҕын сэҥээрэр, интэриэһиргиир дьон түмсэн, уопут атастаһаллар, санааларын үллэстэллэр.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0