Сайын саҥа саҕаланна эрээри, бу түүлээх үөн номнуо Дьокуускай Мархатын уонна Нам лесничестволарын кыраныыссатыгар 3000 га, Шестаковка уонна Хаҥалас лесничестволарын кыраныыссатыгар 1200 га тиит тыаны кэрбээн сиэтэ
Солко өрөөччү кэлиитэ бэйэтэ эмиэ кэмнээх. Ол курдук, 1905-1907, 1921-1925, 1948-1952, 1969, 1999-2003 сылларга, кэлин 2010 с. Чурапчыга, Тааттаҕа, Аммаҕа үөдүйэ сылдьыбыта. Бу, дьиҥэр, лыах. Ол эрээри уһуур кэмигэр, коконтан гусеницаҕа кубулуйуутугар, мутукчалаах маһы сиэн, ойууру бүтүннүү имири эһиэн сөп. Оччоҕо сир тоҥо ууллан, уу бөҕөтө тахсар, сир-дойду айылҕата уларыйар.
Урукку сылларга курдук, киэҥ иэннээх сири айгыраппатын туһуттан, билигин «Рослесозащита» ФБТ үөн тарҕаммыт сүрүн киинин булар чинчийиини ыыта сылдьар. Ону чопчу быһаардахтарына, итиэннэ Ойуур хаһаайыстыбатын федеральнай агентствота көҥүл биэрдэҕинэ, бөртөлүөтүнэн үөһэттэн биологическай инсектицидтары (“Лепидоцид-СК”) эбэтэр химическэй анал препараттары ыһыахтара.
Солко өрөөччү курааҥҥа үөскүүр. Онон дьон тыаҕа сылдьан, баһаары күөдьүтэр кутаа уоту кытаатан оттумаҥ, бөҕө-сыыһы быраҕымаҥ.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0