Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -20 oC

Ирбэт тоҥ планета кураанах сирин чиэппэрин кэриҥин, оттон дойдубут сирин иэнин (ити өссө Сэбиэскэй Сойуус саҕана этэ) 47%-нын ылара. Аныгы Арассыыйа, урукку РСФСР сирин-уотун тутан хаалбытынан, ирбэт тоҥун иэнэ 60%-ҥа тэҥнэһэр. Илин Сибиир сирэ-уота бүттүүнэ кэриэтэ ирбэт тоҥноох зонаҕа киирсэр.

Ирбэт тоҥ планета кураанах сирин чиэппэрин кэриҥин, оттон дойдубут сирин иэнин (ити өссө Сэбиэскэй Сойуус саҕана этэ) 47%-нын ылара. Аныгы Арассыыйа, урукку РСФСР сирин-уотун тутан хаалбытынан, ирбэт тоҥун иэнэ 60%-ҥа тэҥнэһэр. Илин Сибиир сирэ-уота бүттүүнэ кэриэтэ ирбэт тоҥноох зонаҕа киирсэр.

вечная мерзлота 51

Хотугу сир олохтоохторугар ирбэт тоҥ төрөөбүт уонна олох олорор төрүт эйгэлэрэ буолар. Хаһааҥҥы эрэ Муус үйэтинээҕи кэмнэри болҕомтобут тас өттүгэр туттахпытына, бытарҕан тымныы уонна ирбэт тоҥ киһиэхэ олох олороругар биллэр-көстөр уустуктары, ыарахаттары мэлдьитин үөскэтэллэрэ. Ол үрдүнэн киһи ньыматын булан, сөп түбэһэн биэрэн, улам үөрэнэн, үлэлээн-хамсаан, ону барытын туораабыта. Өссө бэйэтин туһатыгар эргиппитэ. Аҥаардас мындыр толкуйунан, харытын күүһүнэн, тиэхиньикэни ат уонна оҕус солбуйар эрдэхтэринэ.

Бэйэбит илиибитинэн алдьатан саҕалаабыппыт

Сахабыт сиригэр ааспыт үйэ 50-с сылларыгар диэри, сир-дойду чөл туруктаах турбута. Бөһүөлэктэр уонна холкуостар бөдөҥсүйэннэр, тиһиликтээх ыарахан тиэхиньикэнэн сэбилэнии баран, ойууру солооһун, бааһынаны үөскэтии үлэтэ киэҥ далааһыннаахтык ыытыллыбыта. Ону кытта тэҥҥэ сир мууһа ириитэ саҕаланан, бөһүөлэктэр бэйэлэрэ турар уонна тулатынааҕы сирдэрэ-уоттара харахха көстөр-биллэр буола алдьаныылара-кээһэниилэрэ саҕаламмыта. Ол этэ аан бастаан бэйэлээх бэйэбит илиибитинэн, бэйэбит олорор сирбитин-уоппутун алдьатыыбыт. Биллэн турар, туох эрэ куһаҕаны оҥорор толкуйтан ол үлэлэр ыытыллыбыт буолбатахтар. Күннээх Украинаттан Муустаах байҕал кытылыгар диэри кукурууса култууратын үүннэриини көҕүлээбит хомуньуус баартыйа диэйэтэлэ баара. Биһиэхэ, оччоттон баччаҕа диэри, үөһэттэн хайдах да тыал үргүйбүтүн иһин, ону эбии күөртээн биэрээччитэ баҕас дэлэй ахан буолара, буола да туруоҕа.

Бу үүммүт үйэҕэ, чуолаан быйылгы, былырыыҥҥы баһаардар кэннилэриттэн, ирбэт тоҥ глобальнай проблемаҕа кубулуйар майгыннанна.

Ирбэт тоҥу чинчийэр үнүстүүт ирбэт тоҥ үөһээ араҥатыттан саҕалаан, саамай халыҥыыр сирин хабан үөрэтэр лабаратыарыйатын сэбиэдиссэйин эбээһинэһин толорооччу, география наукатын хандьыдаата Степан Варламовы кытта кэпсэтэбин.

степан варламов1

Учуонай киһи кэпсээнэ сүнньүнэн наукалыы тартарыылаах, ону судургутута сатыырга холонуом.

1500 миэтэрэҕэ тиийэ халыҥыыр

-- Ирбэт тоҥ диэн тугуй? Төгүрүк сылы быһа ньуул эбэтэр онтон намыһах температураны тутар, ханнык баҕарар састааптан уонна тутултан турар хайа боруодатын, буорун халыҥа ирбэт тоҥ диэн аттанар. Ирбэт тоҥноох буор үөһээ араҥата булгуччу сир хайа эрэ дириҥэр сытар буолар. Ол дириҥ, быраабыла курдук, сайынын ирэр буор дьапталҕатын кыамтатынан быһаарыллар. Кыһынын дьапталҕа бүтүннүү хам тоҥноҕуна, хайа боруодалара сир кырсын саамай үрдүттэн биир кэлим тутулланаллар.

Кыһынын чыкыччы тоҥмут буор ирээһинэ хаар ууллаатын саҕаланан барар. Саха сирин киин уонна соҕуруу өттүлэрин налыы сирдэригэр муус устар бүтүүтүттэн, хоту өттүгэр уонна хайалаах сирдэригэр ыам ыйыттан, Новосибирскай арыыларга бэс ыйыттан буорун сыыйа-баайа ириэрэн барар. Буорун ирииитин тэтимэ ыйга хас да дециметртэн хас да миэтэрэҕэ тиийэр. Маныаха буорун састааба уонна сиигэ, үөһээ кырсын бүрйэр үүнээйитин хараактара быһаарар оруолланаллар.

Арассыыйа кэлим криолитозонатын халыҥа 100 тахса миэтэрэҕэ тэҥнэһэр. Оттон муҥутуур кыамтата Орто Сибиирдээҕи хаптал киинигэр, Марха өрүс үөһээ өттүгэр 1500 миэтэрэҕэ тиийэр. Бу Арассыыйаҕа эрэ буолбакка, Хотугу полушариеҕа бүттүүнүгэр саамай халыҥ кыамтанан ааҕыллар. Мантан соҕуруулуу, Мииринэй куорат оройуонугар уонна хотугулуу Лаптевтар муораларын кытылыгар, криолитозона кыамтата кыччаан, 500 миэтэрэҕэ тэҥнэһэр. Сир ньуурун бысталаан үллэриигэ, айылҕатын, уутун, үүнээйитин усулуобуйаларын уларыттахха, ирбэт тоҥ кыамтата, бэл, кыра учаастак сиргэ төрдүттэн уларыйар.

вечная мерзлота4

 Дьокуускайы ыллахха, Өлүөнэ үөһүн түгэҕин боруодата ириэнэх буолан ирбэт тоҥо суох. Оттон боротуохатын түгэҕэ 30 миэтэрэҕэ диэри ирэн сытар. Онтон ирбэт тоҥо кэлэр. Куорат аннын ирбэт тоҥо – 200-250 миэтэрэ кыамталаах. Сэргэлээх оройуонугар 300-350 миэтэрэҕэ тиийэр. Оттон Маҕанныыр суолунан, өрүстэн 5-6 км тэйиччинэн 450 миэтэрэҕэ тиийэр. (Степан Прокопьевич кэпсээнигэр бу отучча сыллааҕыта ыытыллыбыт чинчийии чахчыларын туһанарын бэлиэтээн этэр. – П.И.).

Килиимэти чинчийээччилэр ааспыт үйэ 70-с, 80-с сылларыттан глобальнай сылыйыы процеһа саҕаламмытын бэлиэтииллэр. Бу процесс төһө кэмҥэ салҕанан барыаҕар чуолкай эппиэт суох. Оттон Саха сирин ылар буоллахха, киин өттүгэр сыллааҕы орто температура 3 кыраадыс, хоту өттүгэр 1,5–2 кыраадыс сылыйыыта баар. Дьиҥнээҕинэн, сайыҥҥы температуратын уларыйыыта кыра. Кыһыҥҥы температурата урукку өттүгэр ортотунан 45 кыраадыс тымныыга тэҥнэһэр эбит буоллаҕына, билигин ол көрдөрүү - 35 кыраадыс тымныы.

Килиимэт, ол иһигэр ирбэт тоҥ усулуобуйаларыгар уларыйыылар тахсыылара техногеннай, ол аата киһи тулалыыр эйгэҕэ оҥорор дьайыытын кытта быһаччы сибээстээхтэр. Атмосфераҕа быыстала суох быраҕылла турар углекислай гаас килиимэккэ парниктыы сылытыыны үөскэтэр. Күн бүгүн сылыйыы өссө күүстээхтик салҕанан барыаҕа диэн учуонай аймах эйгэтигэр сылыктааччылар бааллар. Атыттар сылыйыы тохтоон, аны тымныйыы цикла саҕаланыа дииллэр. Бүтэһиктээх уонна дьиҥ сөптөөх эппиэти айылҕа бэйэтэ биэрээри турдаҕа.

Саха сирин соҕуруу өттүн ирбэт тоҥо биир кэлим күдьүс дьапталҕанан буолбакка, бэйэ бэйэлэриттэн бысталанан бара турар арыылар курдук тэнийэн сытар. Киин уонна хотугу улуустарбыт ирбэт тоҥноро 1000 миэтэрэ халыҥнаах кэлимсэ үргүлдьү сыталлар. Анаабыр диэки ирбэт тоҥо 1500 миэтэрэҕэ диэри халыҥыыр. Киин өттүбүт ирбэт тоҥун халыҥа 400 миэтэрэҕэ тиийэр. Муустаах араҥатын (четвертичное отложение) халыҥа 10-30 миэтэрэҕэ тэҥнэһэр. Сытар дириҥэ 2-4 миэтэрэ. Саха сирин ирбэт тоҥун уута туустаах.

Айылҕаҕа, килиимэккэ, ол иһигэр ирбэт тоҥҥо куһаҕан өрүттээх уларыйыылар тахсар кыахтаахтарынан, салалта бары таһыма, ону кытта нэһилиэнньэ булгуччу сөптөөх билиинэн-көрүүнэн сэбилэммит буолуохтаах. Ирбэт тоҥу харыстыыр туһунан сокуон олоххо салгын кэриэтэ наада буолла. Ил Түмэн 2018 сыл ыам ыйын 22 күнүгэр
Об охране вечной мерзлоты в Республике Саха (Якутия)” диэн сокуону ылыммыта хайҕаллаах. Билигин федеральнай таһымҥа туруорса сылдьаллар.

вечная мерзлота

Көмүскэллээх буолуохтаах

Степан Варламовы салҕаан эттэххэ, сирин уопсай иэнин улахан өлүүтүн ылар ирбэт тоҥноох Арассыыйа баччааҥҥа диэри анал сокуона суоҕа тугу туоһулууруй? Бастатан туран, дойдуга ирбэт тоҥ туһунан туох да элементарнэй өйдөбүл суоҕун. Аһара киэҥ сирдээх-уоттаах буолан, ону тас өстөөхтөн көмүскүүр ухханыгар, ис харыстааһыҥҥа кыһамньы ууруллубатын.

Хотугу сир ирбэт тоҥун экологическай уйуга диэн судаарыстыбаннай суолталаах боппуруос биһиэхэ төрдүттэн турбат, кими да улаханнык долгуппат курдук. Сэбиэскэй систиэмэ да саҕана, баараҕай бырайыак олоххо киллэриллэр буоллаҕына, Хотугу сир уйан айылҕата, ирбэт тоҥун харыстабыла, төрүт олохтоох норуоттарын үгэс буолбут дьарыктарыгар охсуута, о.д.а. кыһалҕалар аахсылла барбат этилэр. Ол гынан баран, ол урукку эстибит систиэмэҕэ кытаанах хонтуруол, ирдэбил уонна эппиэтинэстээх буолуу баара. Билигин ол барыта суох. Түргэн тэтиминэн барыһы баһан ылыы – бастакы күөҥҥэ турар.

Баараҕай Арассыыйаны арсыынынан мээрэйдиэҥ, өйгүнэн ситэн өйдүөҥ суоҕа, киниэхэ итэҕэйиэххин эрэ наада. Ол быһыытынан, бэйэбит ыырбыт иһинэн кучу-мачы буолуохха. Дьоллоох Дьокуускайбыт күннэтэ киэркэйэ, тутулла, кэҥии турар. Хотугу сир ирбэт тоҥноох усулуобуйатыгар бөдөҥ мегаполиска кубулуйда. Халлааҥҥа харбаста, 16-лыы этээстээх дьиэлэринэн ыгыччы аста. Алҕаһаабат буоллахпына, куорат 12 этээс үрдүктээх тутуунан муҥурданыахтаах этэ. Аныгы чэпчэки технология уонна конструкция көҥүллүүр диэхтэрэ буолуоҕа. Дьэ, кырдьык, тутарга чэпчэкитэ сүрдээх быһыылаах. Ол оннугар атыыланар сыаната -- оҕус тарпат ыарахана.

 Көҥдөйдөрө саҥа тутулла турар дьиэлэр араартыыр ис истиэнэлэрэ, үрдүлэрэ сууллан хаалар түбэлтэлэрэ тахсыталыыллар. Билиҥҥитэ, таҥара көмөтүнэн, дьон өлүүлээх алдьархай тахса илик. Дьэ, кырдьык, баччааҥҥа диэри Дьокуускай олохтоохторун Үрдүк Айыылар араҥаччылаан кэллилэр. Сир мууһа ирэн, урукку тутуу таас дьиэлэр атахтара хамсаан, истиэнэлэрэ хайыта барыталаан, дөрүн-дөрүн саахаллана тураллар. Ол иһигэр оскуола, үлэ тэрилтэлэрин дьиэлэрэ бааллар.

Истэр тухары, «армянстрой» айдаана. Таптаабыт учаастактарыгар тутууну ыыталлар, талбыттарынан дьиэлэрин этээһин үрдэтэн биэрэллэр диэн буолар. Мээрийэ бүтүн аармыйа юристара сууттаһа сатыыр ааттаахтар даҕаны, сүүйтэриилээх – наар кинилэр. Бу аата тугуй? Мээрийэҕэ адьас далай акаарылар үлэлии олороллор дуо? «Армянстрой» тутааччылара таптаабыттарынан бас-баттах дьаһаналларын киһи итэҕэйбэт. Кинилэр үлэлииллэригэр бары усулуобуйа оҥоһуллан бэриллэрин иһин, онуоха барытыгар дөкүмүөннээх буоланнар, суукка наар кыайыылааҕынан тахсаллар. Мээр сокуону билиммэт тутааччылары сахсыйталыыр туһунан сарсыарда дьыбардаахха балачча суостаахтык суоһурҕаммыта, күнүскү ириэһиҥҥэ тиийэн, ньим курдук буолан хаалар үгэһэ бигэтик олохсуйда.  

Өрөспүүбүлүкэ хотугу сир физтех проблемаларыгар, хайа дьыалатыгар, ирбэт тоҥу үөрэтэр, ньиэп уонна гаас проблемаларыгар, геология, хотугу сир прикладной экологиятыгар, о.д.а. салааларга наука үнүстүүттэрдээх. Сирбит аннын баайын хостуур биир да хампаанньа бу тэрилтэлэрбитин саа ытыытыгар да чугаһаппат. Үгэс курдук, сэнии саныахтарын, анныларынан көрүөхтэрин сөп. Дьиҥэр, дьыала сүнньэ бэйэлэрин муҥур хаһаайыннарынан сананан, талбыттарынан тутан-хабан, үлэлээн-хамсаан сылдьалларыгар буолар.

Өрөспүүбүлүкэ ирбэт тоҥу харыстааһын туһунан сокуона бириэмэ бэйэтин ирдэбилэ буолла. Судаарыстыбаннай Дуума таһымыгар бу боппуруос, өрүүтүн буоларыныы, сыһыллыа-соһуллуо турдаҕа буолуо. Бэйэбит өттүттэн биһиги «сир ыла турарбыт» наада этэ. Уруттаан эбэтэр хойутаан ирбэт тоҥ проблемата син биир уһулуччу сытыытык туран кэлиэҕэ. Буолаары буолан, бу киэҥ иэннээх баһаардар кэннилэриттэн.

Прокопий ИВАНОВ

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением