Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . 2 oC

Бу күннэргэ Дьокуускайга климат уларыйыытын, ирбэт тоҥ ириитин боппуруостарын дьүүллэһэргэ анаммыт аан дойдутааҕы научнай-практическай кэмпириэнсийэ буола турар. Кулун тутар 23 күнүгэр пленарнай мунньахха куорат, нэһилиэк инфраструктурата, дьон олорор дьиэтэ бүтүн уонна бигэ туруктаах буоларын хайдах хааччыйыахха сөбүн туһунан кэпсэттилэр. 

Бу күннэргэ Дьокуускайга климат уларыйыытын, ирбэт тоҥ ириитин боппуруостарын дьүүллэһэргэ анаммыт аан дойдутааҕы научнай-практическай кэмпириэнсийэ буола турар. Кулун тутар 23 күнүгэр пленарнай мунньахха куорат, нэһилиэк инфраструктурата, дьон олорор дьиэтэ бүтүн уонна бигэ туруктаах буоларын хайдах хааччыйыахха сөбүн туһунан кэпсэттилэр. 

СӨ Бырабыыталыстыбатын урукку Бэрэссэдээтэлэ, билигин Камчатскай кыраай губернатора Владимир Солодов Чуумпу акыйаан хоту өттүгэр климат уларыйбытын туһунан билиһиннэрдэ.  

«Биһиэхэ эмиэ сыллааҕы орто температура, уу таһыма уларыйа турар. 2020 с. Камчатка кытылыгар кыһыл өҥнөөх токсичнай уу салахайдара аһара элбээн, уубут кытархай дьүһүннэммитэ, үгүс муора харамайа сүппүтэ. Учуонайдар быһаарыыларынан, климат уларыйыытыттан итинник көстүү тахсар. Онон тулалыыр эйгэ, акыйаан уларыйыытын чинчийэргэ аан дойду учуонайдарын кытта бары күүспүтүн түмэн үлэлиирбит көдьүүстээх буолуо», — диэн эттэ Владимир Солодов.

63ff1f62 b5b9 4b61 af0f 5ffb61b23f2d

Муораҕа, акыйааҥҥа уу сыллааҕы нуорматтан аһара сылыйдаҕына итинник салахай элбиир, тымныы ууга үүнээйи уу кытарыар диэри киэҥник тарҕаммат. Аартыкаҕа, Саха Сиригэр климат уларыйыыта атын эрэгийиэннэргэ эмиэ дьайара итинтэн көстөр. Халлааммыт салгыы сылыйдаҕына, ирбэт тоҥ үрдүгэр киһи аймах туппут тутуута алдьанар-кээһэнэр кутталлаах.

Ил Дархан Айсен Николаев ирбэт тоҥ үрдүгэр тутуу хайдах барарын туһунан кэпсээтэ.

«Климат уларыйыыта барыбытын таарыйар, онон аан дойду учуонайдара, бэрэстэбиитэллэрэ бары күүспүтүн түмэн үлэлиэх тустаахпыт. Саха Сиригэр уонча сыллааҕыта сир аннынааҕы муус халҕаһата ириититтэн сылтаан, хас үһүс тутуу кэккэ уустуктары көрсөрө. Билигин ирбэт тоҥ сорҕото ууллан, тутуу 70-80% харгыстанар, үлэ бытаарар. Бу сытыы кыһалҕа, ону таһынан, дьиэ-уот, суол-иис, дьон олоҕун-дьаһаҕын хааччыйар ситим алдьанар.

Ирбэт тоҥу харыстыыр үлэ аҥаардастыы наука эрэ өттүнэн барбакка, дьоҥҥо туһалааҕын көрүөхтээхпит. Бастатан туран, нэһилиэнньэ олорор куоратыгар, бөһүөлэгэр инфраструктура, дьон олорор дьиэтэ бүтүн уонна бигэ туруктаах буоларын хааччыйыахтаахпыт. Дьокуускайга баар ирбэт тоҥу үөрэтэр институт учуонайдара аан дойду таһымыгар инники күөҥҥэ үлэлии-хамсыы сылдьаллар.  Улахан эбийиэктэри тутар хампаанньалар институту кытта ыкса үлэлэһэллэр», — диэтэ Ил Дархан Айсен Николаев.

Владимир Романовскай, АХШ Фэрбенкс куоратын геофизическай институтун ирбэт тоҥу үөрэтэр лабораториятын салайааччыта, Аляскаҕа сир аннынааҕы муус Саха Сирин кытта тэҥнээтэххэ, арыый чараас эрээри, ириэрии бара турарын туһунан эттэ.

«Сайыҥҥы куйаас күннэр сир аннынааҕы муус ириитин дириҥэтэн биэрэллэр, ирбит сир сымнаан, аллараа түһэр. Оттон мууһун халыҥа тэҥэ суох, ол иһин хаһааҥҥыта эрэ остуол ньуурун курдук көнө сиргэ икки миэтэрэлээх дьөлөҕөс, салгыы томтор үөскүүр. Маннык тэҥэ суох сиргэ турар дьиэ хамсаан-халбаҥнаан барар. 0 С муус ууллар, онон сир аннынааҕы халыҥ муус ириитин тоҥорор тэрилэ суох кыайан быһаарбаккын», — диэн быһаарда учуонай.

Андрей Алексеев, Н.М. Герсеванов аатынан НИИОСП геокриологическай уонна геотехническай чинчийии киинин салайааччыта:

«Тутуу салаата аныгы олоҕу кытта тэҥҥэ сайдан иһэр. Ирбэт тоҥ үрдүгэр акылаат, сыбаайа саҥа көрүҥүн оҥорон таһааран, былырыын бырабыыталыстыба бириэмийэтин ылбыппыт. Холобур, композитнай сыбаайаны ыраах сытар нэһилиэктэргэ  тиэрдии быдан чэпчэки.  Ирбэт тоҥу харыстыырга сылааһы тутар матырыйааллары, холобур, пенополистирол туттабыт. Маннык ньыманан хас да дьиэ тутуллубута.

Дьиэ бигэ туруктаах буоларын хааччыйар матырыйааллары тутуннахпытына, инникитин куттал суоһуура аччыан сөп. Ону таһынан, дьиэ туругун, сыбаайатын кэтээн көрөр техническай мониторинг ыытыллыахтаах. Иккиһинэн, температурнай мониторинг оҥорорго сиргэ хайаҕас хаһабыт, онно тимир турба уган баран температураны кэмниибит. Бу үлэнэн анал үөрэхтээх, идэтийбит тэрилтэ дьарыктаныахтаах. Ол төлөбүрүн ким уйунарый?

Бырамыысыланнай эбийиэктэри бас билээччи дьаһайар, ниэби-гааһы хостуур хампаанньалар ити үлэни ыыталлар. Гражданскай дьиэлэргэ мониторинг үлэтин ким төлүүрэ ситэ быһаарылла илик. Федеральнай таһымҥа Саха Сирин уопутун туһанан, ирбэт тоҥ туһунан сокуон ылыныахтаахтар», — диэн билиһиннэрдэ.

2f36a6fe cf26 4e8f bd0b cd6519946131

Кэмпириэнсийэ кэмигэр дьон олорор дьиэтэ тутуллуон иннинэ ити этиллибит мониторинг үлэтин төлөбүрүн уопсай сыанаҕа киллэриэххэ сөбүн эттилэр.  Оччотугар дьиэҕэ-уокка дойду үрдүнэн биир саамай үрдүк сыанабыт өссө ыарыыр чинчилээх. Ыам ыйынааҕы ыйаахха киирбэтэх кыра хамнастаах дьон букатын да ипотекаҕа кыайан хапсыахтара суоҕа.

Кэмпириэнсийэ туһунан салгыы «Ил Түмэн» кэлэр нүөмэригэр ааҕыҥ.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Үөрэх

Кылааһы сомоҕолоон

Ааспыт үөрэх дьылыгар Нам­нааҕы кэллиэһи бүтэрбит эдэркээн Кристина Игнатьевна Старостина…
04.10.24 18:55