Ити үөһэ ааттаммыт суоллары оҥоруу үлэтин өрөспүүбүлүкэ бөдөҥ тэрилтэлэригэр – “ФКУ Упрдор “Вилюй” уонна “ФКУ Упрдор “Лена” сүктэрдилэр. Кинилэр уопсайа 82 килэмиэтирдээх суолга араас көрүҥнээх өрөмүөннүүр үлэни ыытарга, 91 килэмиэтири хапытаалынайдык өрөмүөннүүргэ, муоста курдук тутуулары (сооружениелары) дьэнтэтиигэ 281 погоннай миэтэрэни оҥорорго, 12 км уларытарга (реконструкциялыырга) соруннулар. Бу үлэ үксэ Бүлүү утумун улуустарыгар айанныыр тыраассаҕа ыытыллыаҕа. Тоҕо диэтэххэ, манна бэс ыйын 1 күнүнээҕи чахчынан, федеральнай бүддьүөттэн 7 млрд солкуобай көрүллүбүт. Аны туран, 2020 сыл бүтүөр диэри бу хайысханан сытар Түүкээн, Саһар Үрэх, Улахан Муҥур, Аччыгый Ботуобуйа курдук улахан үрэхтэри туоруур 4 тимир күрбэ тутуллуоҕа.
“Безопасные и качественные автомобильные дороги” национальнай бырайыак чэрчитинэн, өрөспүүбүлүкэбит киинигэр Дьокуускайга 23,5 км уһуннаах суол оҥоһуллара былааннанар. Маныаха барыта холбоон 1,6 млрд суумалаах үп көрүллүбүт. Бу күннээҕи туругунан, Губин, Кеша Алексеев, Үс Бэс, Воинскай, Алымов, Киров, Курнатовскай, Свердлов, Лонгинов уулуссаларыгар 8лэ бара турар.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0