Хоту уонна Аартыка эргимтэтэ суоллары кытары тыын суолталаах эйгэлээх, быстыбат ситимнээх, туллубат тутулуктаах. Баар барыта суол тымырдарынан тыргыллан кэлэр-барар. Онон суол үлэһиттэрэ – олоххо сайдыыны саҕар салаа үлэһиттэрэ дииргэ оруннаах.
Бу улуустарга “Аартыка суоллара” ыытар таһаарыылаах, туһалаах үлэлэрэ өрүү инники күөҥҥэ сылдьар. Сыллата суол ахсаана, уһуна элбиир. Инникитин өссө баараҕай былааннар тураллар. “Куттала суох хаачыстыбалаах суоллар” национальнай бырайыак чэрчитинэн, массыына суолларын тупсараллар.
Тэрилтэ төрүттэниитэ
“Аартыка суоллара” хааһына тэрилтэтэ Бырабыыталыстыба уурааҕынан 2014 сыллаахха төрүттэммитэ. Сүрүн сыала хоту уонна Аартыка улуустарыгар суоллары кэмигэр оҥорууга, сайыннарыыга судаарыстыбаннай өйөбүлү олохтооһун. Үс сыл иһигэр үлэ ураты суолтатын ылынан, Ил Дархан 2017 сыл кулун тутар 27 күнүнээҕи уурааҕынан “СӨ судаарыстыбаннай стратегическай тэрилтэлэрин кэрискэтигэр” киирбитэ. Бу баар буоллаҕа ураты билинии!
Тэрилтэ үлэтин аартыга арыллан, бастакы хардыыларыттан саҕалаан генеральнай дириэктэринэн Владимир Чусовской үлэлиир. Бу эппиэтинэстээх дуоһунаска Владимир Валерьевиһы 2014 сыл сэтинньи 20 күнүгэр анаабыттара. 2015 сылтан тэрилтэ хорутуулаах үлэтэ саҕаламмыта. Аартыка тыйыс айылҕатын аахсыбакка, кылгас кэм иһигэр производственнай учаастактар оҥоһуллубуттара, анал суол тиэхиньикэтинэн, анал үөрэхтээх үлэһиттэринэн хааччыллыбыттара. Суол тэрилтэтэ 10 сыл анараа өттүгэр Саха Сирин ыраах улуустарынан, көһүнэн усталаах маардарынан, түҥ тайҕаларынан, аата-ахсаана биллибэт үрүйэлэр, балысхан сүүрүктээх үрэхтэр, өрүстэр сүнньүлэринэн тыргыллар суоллары тупсарыыны саҕалаабыта. Бүгүҥҥү күҥҥэ диэри суолу тутар үлэтин салҕаан, айан быстыбатын хааччыйарга дьулуһар, билиҥҥи ирдэбилгэ эппиэтиир нуорманы тутуһан, куттала суох айан туһугар туруулаһар.
Аныгы ирдэбиллэри толоруу- маҥнайгы сорук
Ол кэмтэн “Аартыка суоллара” биһиги өрөспүүбүлүкэбит хотугу эргимтэтигэр суол оҥоруутунан дьарыктанар соҕотох, кыахтаах баазалаах тэрилтэ буола улаатта.
Бүгүҥҥү күҥҥэ “Аартыка суоллара” хааһына тэрилтэтин иһинэн 10 суол (прорабтыыр) учаастак тэриллэн үлэлиир. Бу учаастактар 11 хоту уонна Аартыка суолларын оҥороллор. Уопсайа 320 киһи, 270 тиэхиньикэ кыһыннары-сайыннары үлэлииллэр.
Суолу оҥорооччулар тоһуттар тымныыны, күүстээх тыалы, чысхааннаах буурҕаны аахсыбакка дьүккүөрдээхтик үлэлииллэр. Былыр да, билигин да кинилэр үлэлэрэ ыарахан, уустук. Ардыгар ыйы-ыйдаан дьиэлэриттэн-уоттарыттан, дьонноруттан тэлэһийэн, тимир көлөлөрүттэн түспэккэ, ыраах айаҥҥа сылдьаллар үлэлииллэр.
Билигин тэрилтэ 8 241,77 км усталаах эрэгийиэн уонна улуустар икки ардыларынааҕы суолталаах суоллары оҥорор. Мантан үксэ кэриэтэ – 7 764,03 км. кыһыҥҥы суол (94 %). Бу эрэгийиэн кыһыҥҥы кылгас болдьохтоох суолларын 63,3 %-ыгар тэҥнэһэр.
Суоллар Саха Сирин Аартыкатын уонна хоту улуустары эрэ ситимниир буолбакка, уһук хоту-илин Чукуотка аптаныамынай уокуругун “Аартыка” массыына суолун кытары холбоон, “Халыма” федеральнай массыына суолугар тахсарга кыах биэрэр.
Сылын ахсын кыһыҥҥы суолларынан 200 тыһыынча туонна таһаҕас тиэллэр. Бу аҥаардас СӨ Кырасдааныскай оборуона уонна олох-дьаһах куттала суох буолуутун министиэристибэтин хайысхатынан. Маны тэҥэ, бырамыысыланнай, кэммиэрчэскэй таһаҕастар суол арыллыаҕыттан быыстала суох таһыллалларын аахтахха, балайда элбэх кээмэй тахсан кэлэр.
Дойду сайдыытын стратегиятыгар олоҕуран
Арассыыйа сайдыытын торумнуур стратегияҕа олоҕуран, билигин бэрт күүстээх үлэ барар. Ол курдук “2024 сылга диэри тырааныспар инфраструктуратын магистралларын кэҥэтии уонна тупсарыы биир кэлим былаана” диэн национальнай бырайыак олоххо киириитигэр дьоһун кылааттарын киллэрэллэр.
Хаттаан көбүтүллэр эниэргийэни туһанан, дизелинэн генерацияны тупсарыы бырайыагар үлэлииллэр. Ол курдук, Усуйаана улууһун Уус Куйга бөһүөлэгэр кыра кыамталаах атомнай ыстаансыйа тутуутугар тэрилтэ карьердарыттан инертнай матырыйааллары таһаллар, тиэрдэллэр.
Аартыка сирин-уотун баһылааһын балысхан түргэнник баран иһэринэн, “Дьааҥы” эрэгийиэн суолталаах массыына суолун учаастактарыгар уһун болдьохтоох кыһыҥҥы суоллары оҥоруу сыала турар. Ол быһыытынан, 2030 сылга диэри 884 км. уһуннаах суол оҥоһуллуо. Бу бырайыак өрөспүүбүлүкэ Ил Дарханын 2024 сыл кулун тутар 28 күнүнээҕи 270 №-дээх дьаһалынан бигэргэммитэ. Ол кэрчитинэн Дьааҥы улууһун Баатаҕай б. – Бала с. икки ардыларыгар уһун болдьохтоох кыһыҥҥы суолу оҥорууга бэлэмнэнии номнуо саҕаламмыт.
Тиэхиньиичэскэй көрүүлэр
Саха Сирин хоту уонна Аартыка улуустарын олохтоохторо тырааныспары тиэхиньиичэскэй көрдөрүүгэ ыарахаттардааҕын бары билэллэр. Урукку сылларга тэрилтэлэр, биирдиилээн дьон тиэхиньиичэскэй көрүүнү ыытар сыалтан массыыналарын киин улуустарга, Дьокуускай куоракка тиэйэн аҕаларга күһэллэллэрэ. Ону кытта аҕаларга-илдьэргэ үөгүлүүр элбэх үп ороскуоттанара.
Хоту дойду дьонун кыһалҕатын учуоттаан, “Аартыка суоллара” өрөспүүбүлүкэ Ил Дарханын уонна бырабыыталыстыбатын сорудаҕынан, 2021 сылтан тиэхиньиичэскэй көрүүлэри оҥорор. Уустук суоллаах-иистээх Аартыка эргимтэтигэр бу улахан туһалаах өҥө буолбута.
Маныаха көһө сылдьар анал тиэхиньикэни атыыласпыттар. Билиҥҥи күҥҥэ “КАМАЗ” массыына баазатыгар 4 көһө сылдьар диагностыыр хайысха үлэлиир. Ана бэлэмнээх исписэлиистэр РФ сокуонугар сөп түбэһэр, көрүүнү үрдүк таһымнаахтык ыытар тэриллэрдээхтэр, онон эспиэрдэр миэстэтигэр тырааныспар туругун бэрэбиэркэлииллэр. Ол түмүгүнэн сөп түбэһиигэ, эбэтэр кэһии баарыгар диагностыыр каарта биэрэллэр.
Маннык көрүүлэри ыытар массыыналар кыһыҥҥы суол тураатын кытта уһун айаҥҥа туруналлар. Исписэлиистэр тырааныспар үгүс көрүҥэр бэрэбиэркэлэри ыыталлар. Бастатан туран, олох-дьаһах куттала суох буолуутугар үлэлиир, сир баайын хостуур, үөрэх тэрилтэлэригэр өҥөлөрү оҥороллор. Чааһынай да бас билиилээхтэр тырааныспардарын көрдөрүөхтэрин сөп.
Тэрилтэ мэхээнньиктэрэ кыһыҥҥы суолларынан диагностыыр үлэлэри толорууга уһун болдьохтоох командировкаларга туруналлар. Ардыгар, 5 тыһыынчаттан тахса килэмиэтири айанныыллар. Суол-иис туругунан көрөн, массыыналар түөрт хайысханан аттаран үлэлииллэр. Дьааҥы (Эбээн Бытантай, Дьааҥы, Усуйаана), Индигиир (Муома, Абый, Аллайыаха), Халыма (Үөһээ Халыма, Орто Халыма, Аллараа Халыма) өрүс сүнньүлэринэн сытар оройуоннарга уонна хотугулуу-арҕаа Анаабыр уонна Өлөөн улуустарыгар. Сайыҥҥы кэмҥэ Өймөкөөҥҥө биир хайысха тахсар.
Диагностиканы ыытар туочуканы улууска баар “Аартыка суоллара” чугастааҕы учаастагар арыйаллар. Усулуобуйатын быһыытынан, киин сирдэргэ курдук стационарга диагностикалааһынтан уратыта суох. Былаан кыраапыгынан бу үлэни олунньуттан саҕалаан кулун тутар бүтүүтүгэр диэри ыыталлар, түмүктэри таһаараллар.
2021 сылтан 2024 сыл муус устарыгар диэри маннык өҥөнөн 2750 төгүл туһаммыттар. Барыта 23 улуус хабыллыбыт.
Тыын суолталаах үлэни толороллор
Ити курдук, “Аартыка суоллара” тэрилтэ суоппардара Сахабыт Сирин томороон тымныытын, уһун айанын аахсыбакка суоллары табыгастаахтык оҥорон, кэмигэр улахан кээмэйдээх, хоту сиргэ тугунан да кэмнэммэт тыын суолталаах үлэни толороллор. Бу олох тымыр хоруктарынан урбаанньыттар, тэрилтэлэр күнү-дьылы баттаһа 4 ый иһигэр сылы туоруур аһы-үөлү, уматыгы, наадалаах табаары о.д.а. тиэйэн олоҕу-дьаһаҕы хааччыйаллар.
Арассыыйа таһымнаах араас баараҕай бырайыактарга кыттан, Аартыка эргимтэтэ өссө күүскэ сайдарыгар кыах биэрэллэр, кылааттарын киллэрэллэр.
Бу үөрүүлээх күн “Олох суолун” солооччуларга, суоппардарга харгыһа суох айаны, үлэлэригэр үрдүк ситиһиилэри баҕарабыт.
Галина МАТВЕЕВА
Хаартыскалар “Аартыка
суоллара” ХТ пресс-кииниттэн
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0