Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -37 oC
КУРС ЦБ: $ 83,18 | € 96,25

2024 сылга диэри Дьокуускайга уонна Жатайга СӨ Бырабыыталыстыбата барыта 19 саҥа үөрэх эбийиэгин үлэҕэ киллэрэр былааннаах. Бу туһунан Саха сирин баһылыгын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.

2024 сылга диэри Дьокуускайга уонна Жатайга СӨ Бырабыыталыстыбата барыта 19 саҥа үөрэх эбийиэгин үлэҕэ киллэрэр былааннаах. Бу туһунан Саха сирин баһылыгын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.

Эбийиэктэр үлэҕэ киирдэхтэринэ эбии 12 885 үөрэх миэстэтэ тахсыаҕа. СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников этэринэн, бастакы түһүмэххэ Дьокуускайга 5 уонна 12 №-дээх, ону таһынан Хатас сэлиэнньэтин оскуолаларын тутуулара биһирэннилэр. Иккис түһүмэххэ  - 26 №-дээх, 29 №-дээх оскуолалар уонна Дьокуускайдааҕы кадетскай интэринээт-оскуола куорпуһа.

Ону тэҥэ киин куоракка уонна Жатайга эбии саҥа 6 үөрэх эбийиэгин киллэрии сүүмэрдээһинэ ааста. Итини таһынан Сергей Местников Дьокуускайдааҕы 1 №-дээх оскуолаҕа сир учаастагын уонна тиэхиньиичэскэй холбоһугун тэрийиини кытта сибээстээх боппуруостары үлэлэтэргэ этии киллэрдэ.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
Уопсастыба

Үбүлээһин аччатыллыбат

Буолаары турар пленарнай мунньаҕы көрсө норуот дьокутааттара «Саха Өрөспүүбүлүкэтин 2027…
22.11.26 15:36
Уопсастыба

Куоркун турнирын түмүктэрэ

Сэтинньи 20-21 күннэригэр Дьокуускайга ыытыллыбыт Д.П. Куоркун кэриэһигэр көҥүл тустууга…
22.11.26 14:21