Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -4 oC

Сыл түмүктэрин таһаарыы, дьиҥэр, тыа хаһаайыстыбатын айылгытыгар дьүөрэтэ суох. Биир төгүрүк сылга кыстык иккис аҥаара уонна аныгыскы кыстык бастакы аҥаара түбэһэллэр. Сылы түмүктүүр сахха сүөһү-сылгы кыстыга ортолуу даҕаны илик буолар. Быйылгы курдук икки кыстыгы сиэттиһиннэрэ, сайыҥҥы от үлэтин хабан туран, эргиччи кыһалҕалардаах сыл өссө буола илигэ. 

Сыл түмүктэрин таһаарыы, дьиҥэр, тыа хаһаайыстыбатын айылгытыгар дьүөрэтэ суох. Биир төгүрүк сылга кыстык иккис аҥаара уонна аныгыскы кыстык бастакы аҥаара түбэһэллэр. Сылы түмүктүүр сахха сүөһү-сылгы кыстыга ортолуу даҕаны илик буолар. Быйылгы курдук икки кыстыгы сиэттиһиннэрэ, сайыҥҥы от үлэтин хабан туран, эргиччи кыһалҕалардаах сыл өссө буола илигэ. 


Саха сиригэр тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыыга уонна тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын, сырьетун итиэннэ аһын-үөлүн ырыынактарын сүрүннээһиҥҥэ туһуламмыт судаарыстыбаннай бырагырааманы үбүлээһиҥҥэ быйыл 13,8 млрд солкуобайтан тахса (СӨ бүддьүөтүттэн – 13,2 млрд солк., РФ бүддьүөтүттэн – 666,3 мөл. солк) көрүллүбүтэ.

Бырагырааманы үбүлээһин кээмэйиттэн 6 млрд 303 мөл. солкуобайа (45 %-тан тахса) улуустарга бэриллибит боломуочуйаларын

толороллоругар субвенция быһыытынан тиийэр. Оттон онно сүөһү аһылыгын оҥорон таһаарыы уонна сүөһү бигэ кыстыгын тэрийии дьаһалларын холбуу аахтахха, үп 62 бырыһыана (7 млрд 163 мөл. солк.) улуустарга түмүллэр. Кэлэр 2023 сылга олохтоох салайыныы уорганнарыгар тиксэр өлүү, Ил Дархан сорудаҕынан үбүлээһин кээмэйэ кэккэ хайысхаларга эбиллибитин суотугар, 67 бырыһыаҥҥа тэҥнэһиэ.

Быйыл, тыа хаһаайыстыбатын үлэтин өйүүр саҥа мэхэньииһим иккис сылыгар, үп эмиэ балачча эбиллэн тиийдэ. Ол курдук, тэриллиилээх хаһаайыстыбалартан үүтү ыаһыны уонна астааһыны хааччыйыыга 3,1 млрд солк. (2,8 млрд солк. этэ), табаны иитии салаатын өйүүргэ 930,4 мөл. солк. (таба төбөтүгэр олохтоммут төрүт ставка 4 112,6 солкуобайтан 4 995,5 солкуобайга өрө таһаарылынна), сылгыны үөрдээн иитэр хаһаайыстыбаларга биэ төбөтүгэр көрүллэр ставка 3 тыһ. (1,5 тыһ. этэ), хотугу уонна бырамыысыланнай улуустар тэриллиилээх хаһаайыстыбаларыгар ынах төбөтүгэр бэриллэр көмө харчы 45 тыһ. (35 тыһ. этэ) солкуобайга диэри үрдэтиллибиттэрэ. Маны тэҥэ эти, бурдугу, хортуоппуйу, оҕуруот аһын тутууну тэрийэргэ 185,4 мөл. солкуобай көрүллэн, сөргүтүллүбүт соҕотуопка тиһигэ бастакы сылын үлэлээтэ.

Биһиги өрөспүүбүлүкэбит дойду тыа хаһаайыстыбатын өйүүр 10 бастыҥ эрэгийиэнин иһигэр киирсэр, өйөбүл кээмэйинэн

Татаар Өрөспүүбүлүкэтин уонна Брянскай уобалас курдук

бөдөҥ тыа хаһаайыстыбалаах субъектардыын сэргэ турар. Оттон тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын оҥорон таһаарыы кээмэйинэн кэлиҥҥи 10 сылга Уһук илиҥҥи федеральнай уокурукка үһүс миэстэттэн түһэ илик, уокурук бүттүүн баалабай бородууксуйатын 12-13 бырыһыана манна оҥоһуллар. Быйыл тохсунньу – сэтинньи ыйдарга 26,5 млрд солкуобай суумалаах бородууксуйа оҥоһуллубут. Сыл түмүгүнэн 27,9 млрд солкуобайга тиийэрэ сабаҕаланар.

Тыа хаһаайыстыбатын миниистирэ Александр Атласов бу дьыл ахсынньы 2 күнүгэр улуустардааҕы тыа хаһаайыстыбатын салайааччыларын кытта сүбэ мунньахха: “Биһиги үлэбит түмүгэ судаарыстыбаннай бырагырааманы олоххо киллэрии көдьүүһүнэн сыаналанар. Бастатан, бырагыраама тус сыаллаах индикатордарын, ол иһигэр былааннаах сорудахтары, толорорго дьулуһуохтаахпыт. Онон тиэрдиллибит сорудахтар сыл түмүктэниэр диэри толоруллалларын хааччыйыы – сүрүн сорукпут. Оттон ону ситиһии нэһилиэккэ, учаастакка, хаһаайыстыбаҕа үлэни-хамнаһы хайдах тэрийэргититтэн, ол эбэтэр хас биирдиибититтэн тутулуктаах”, – диэбитэ.

Мантан аллара, барыллааһын даҕаны дэннэр, сүрүн көрдөрүүлэри билиһиннэрэбит. Сахаҕа тутаах салаабыт – ынах сүөһүнү иитии. Кэлиҥҥи икки сайын субуруччу курааннаан, ол быыһыгар уһун ардахтар содулларыгар халааннаан-угуттаан, сүөһүлээх ыалларга уонна хаһаайыстыбаларга илэ-чахчы күчүмэҕэй дьыллар ааҥнаатылар. Билиҥҥи туругунан, 180 120 төбө сүөһү (ааспыт сыл туһааннаах кэмиттэн 4,5 %-нан аҕыйах) кыстатыллан турар. Ити иһигэр ынаҕа – 75 577 төбө (былырыыҥҥыттан 4 %-нан көҕүрээбит). Өскөтүн, ынах төбөтүгэр уонна туттарыллар үүккэ көрүллэр субсидия нөҥүө баттаамалаах өйөбүл оҥоһуллубата буоллар, айылҕа моһуоктаабыт дьылларыгар сүрүн салаабыт хайдах-туох туруктаммыт буолуоҕун сэрэйэр уустуга суох.

Ол гынан баран, ынах сүөһүнү иитии салаатыгар ситиһии баарын бэлиэтээбэт буолуохха сатаммат. Бу дьыл ахсынньы 1 күнүнээҕи дааннайынан, төрүт баайбыт, саха сүөһүтэ, 2 970-ҥа, ол иһигэр ынаҕа 29 %-нан эбиллэн, 1 051 төбөҕө тиийдэ. Онон Ил Дархан тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыы стратегическай хайысхаларын туһунан Ыйааҕар 2024 сылга диэри “саха сүөһүтүн сүтэр-симэлийэр кутталтан таһаарар туһуттан ынах ахсаанын 660-тан 1000 төбөҕө тириэрдэргэ” диэн туруорбут сорудаҕын толоруу кэмин иннинэ бастакынан уонна билиҥҥитэ соҕотоҕун бу хайысхаҕа эрэ ситиһилиннэ. Маныаха “Саха сүөһүтэ” тэрилтэ (салайааччы А.Е. Артемьев) үлэни-хамнаһы сүрүннээн, сааһылаан, балаһыанньаны лаппа тупсарбытын ыйар тоҕоостоох.

Билигин кыстаан турарынан, сылгы бүттүүн ахсаана 199 243 төбө (-2%), ол иһигэр биэтэ 119 911 төбөҕө тиийэн, 1,6 %-нан эбиллии бэлиэтэннэ. Мөлтөх аһылыктаах дьыллар, биллэн турар, сыһыыга сылдьар сыспай сиэллээхтэргэ эмиэ мөкү өттүнэн дьайаллара кэмнээх буолуо дуо. Ол эрээри, кэпэрэтииптэр, бааһынайдар төрүөх биэрэр сылгыларын чөл иитэллэригэр төбөҕө көрүллэр көмө сылтан сыл улаатан иһэрэ төһүү буолара саарбаҕа суох. Хотугу дьиэ табата 173 тыһ. ахсааннаах эбэтэр ааспыт туһааннаах кэмҥэ баартан 4,5 %-нан элбэх. Ол иһигэр тыһыта 6,5 %-нан эбиллэн, 77 тыһ. төбөҕө тиийдэ. Бу хотугу төрүт салааны өйөөһүн күүһүрбүтүн уонна көдьүүстээҕин таба ахсаана бигэтийбитэ туоһулуур. Уонтан тахса сыллааҕыта таба бүттүүн ахсаана 200 тыһыынчаттан таһымныы сылдьыбыта. Салаа салгыы утумнаахтык өйөнөн, үлэ-хамнас тэрээһинин кыайдахха – ол ситиһиллибит кирбии ылылларыгар эрэл баар.

Маны таһынан түргэнник ситэр салааҕа киирсэр 18 тыһ. сибиинньэ, 796 тыһ. көтөр (былырыыҥҥыттан 1,7 %-нан элбэх) баар. Ил Дархан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ туһаайан этиитигэр “өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо бэйэ аһынан-үөлүнэн хааччыныыларын тупсарар туһуттан түргэнник ситэр салааны өйүүргэ” ыйбыта түмүктээх буоларыгар мантан инньэ тустаах тэрилтэлэр хамнаналлар ини.

Бу кэмҥэ, ахсынньы ыйдааҕыны киллэрбэккэ туран, үүт баалабай ыамын кээмэйэ 148 тыһ. туоннаҕа тиийдэ, ол иһигэр 60,4 тыһ. туонна (+3,7) үүт соҕотуопкаланна. Кэтэх сүөһүлээх ыаллар үүттэрин кытта 61 855 туонна үүт тутуллубут. Сыл түмүгүнэн 62 тыһ. туонна

үүт соҕотуопкатыгар өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн көрүллүбүт 3,1 млрд солкуобайы толору туһаныахтара. Дьиэ сүөһүтүн уонна көтөрү эккэ туттуу тыыннаах ыйааһынынан 28,7 тыһ. туоннаҕа тэҥнэстэ. Бу көрдөрүү былырыыҥҥыттан 1,6 %-нан улааппыта ыаллар, бытархай бааһынайдар отторун кэмчилээн, сүөһүлэрин-сылгыларын идэһэлэнэргэ күһэллибиттэрин кытта ситимнээх буолуон сөп.

Ил Дархан тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыы стратегическай хайысхаларыгар туруорбут сорудаҕар биир чугаһаабыт хайысха – сымыыты оҥоруу. Ол курдук, бу кэмҥэ көтөрү иитэр фабрикалар 141 мөл. сымыыты оҥордулар. Былырыыҥҥыттан саҕалаан Дьокуускайдааҕы көтөрү иитэр фабрика кыамтатын улаатыннарарга үлэ ыытыллар. Быйыл күһүн 12 тыһ. көтөр миэстэлээх сыах 55 тыһ. миэстэҕэ тиийэ улаатыннарыллыбытын түмүгэр бу күҥҥэ фабрика 80 мөл. сымыыты ылла.

Тыа хаһаайыстыбатын култуурата быйыл саас 43 тыһ. гектарга ыһыллыбыта. Былырыыҥҥыга тэҥнээтэххэ, аһаҕас халлаан анныгар үүннэриллэр оҕуруот аһын ыһыы иэнэ 12 %-нан кэҥээбит, ол кэмҥэ сүөһү аһылыгар аналлаах култуура 12 уонна бурдук ыһыылара 8 %-нан кыччаабыттар. Саха сирин ыһыылаах улуустарыгар сааһын уһуннук тымныйан, сир хойутаан сылыйан, ыһыы үлэтин атахтаабыта бүттүүн көрдөрүүгэ сабыдыаллаата.

Бурдук үүнүүтэ гектартан ортотунан 10-нуу сэнтиниэр ылыллан, 11 тыһ. туонна бурдук мэлилиннэ (былырыыҥҥыттан 17 %-нан элбэх). Хортуоппуй былаана кыранан туолбата (98%), 69 тыһ. туонна хортуоппуй хостонно. Оҕуруот аһын баалабай хомуура 29,1 тыһ. туонна буолла (былырыыҥҥы көрдөрүүттэн 17 %-нан элбэх).

Дьэ, онон күн-дьыл хаамыыта санаа хоту салаллан биэрбэтэр даҕаны, тыа хаһаайыстыбата иннин диэки сыҕарыйар. Хайа баҕарар салааҕа курдук, итэҕэс-быһаҕас уонна кыайыы-хотуу аргыстаһа сылдьаллар. Өйөбүл күүһүрэригэр тирэҕирэн, үлэ-хамнас көдьүүһэ улаатан, сэмэй ситиһиилэр элбээн истэллэр...



  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением