Санатан эттэххэ, субсидия ыларга сайаапкалары талыы куонкуруһа ыам ыйын 15 күнүттэн бэс ыйын 15 күнүгэр диэри ыытыллыбыта. Барыта 113 сайаапка киирбититтэн 20 кыайыылааҕы таллылар.
«Быйыл 11 — сылгы, 7 — ынах-сүөһү, 1 — ыҥырыа уонна 1 көтөрү иитиигэ бырайыактаахтар кыайдылар. Кыттааччылар бэйэлэрин бизнес-бырайыактарын от ыйын 12 уонна 13 күннэригэр көмүскээтилэр», — диэтэ Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин сүөһү иитиитигэр уонна племенной дьыалаҕа департаменын салайааччытын солбуйааччыта Айаал Тимофеев.
Быйыл Чурапчы улууһуттан 4 кыайыылаах талылынна: Толстухов Айсен Львович с. Дириҥ, Дьячковскай Василий Васильевич с. Төлөй-Дириҥ, ону таһынан Максимов Петр Петрович уонна Кривошапкин Константин Назарович, Чурапчы нэһилиэгэ.
Нам уонна Амма улуустарыгар үстүү гран кыайыылаахтара билиннилэр. Итиэннэ, биирдии кыайыылаахтардаах Хаҥалас, Мэҥэ Хаҥалас, Уус Алдан, Таатта, Горнай, Өлүөхүмэ, Ленскэй уонна Дьааҥы оройуоннара буоллулар.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0