Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -26 oC

Үтүө, кураан күннэри баттаһа, отчуттар ходуһаларын охсон нэлэһитэ уонна мунньа сылдьаллар. Сорох нэһилиэктэргэ хайыы-үйэ бастакы кэбиһиилэр лөглөйөн турдулар.

Үтүө, кураан күннэри баттаһа, отчуттар ходуһаларын охсон нэлэһитэ уонна мунньа сылдьаллар. Сорох нэһилиэктэргэ хайыы-үйэ бастакы кэбиһиилэр лөглөйөн турдулар.

Уолба звенотугар

Таатта улууһун Уолбатыгар Боппосовтар халыҥ аймах күргүөмүнэн окко киирэр үтүө үгэстээхтэр. Быйыл Уолба эргин от үүнүүтэ үчүгэй. Онон сорох ыаллар, эрдэ оттоон, номнуо бүтэн эрэллэр. Оттон Боппосовтар аймаҕынан кыттыһан, от ыйын 11 күнүгэр саҥа ходуһаҕа киирбиттэр. Ол да буоллар, күн туран биэрдэҕинэ, икки нэдиэлэнэн бүтэрэр былааннаахтар.

Бүөтүр Боппосов, аймахтар звеноларын биригэдьиирэ:  

– От ыйын 11 күнүгэр окко киирбиппит. Бары аймаҕынан кыттыһан оттуубут. Бу күннэргэ 18 га сири охсон, мунньан элэҥнэтэн кэбистибит. Уопсайа 2 центнердээх 130 рулону ыллыбыт.

Сылын аайы толору механизациялаах звенону тэрийэбит. Быйыл аймахтар үс "Беларус", биир "Синтай" тыраахтары, биир "ЛТЗ"-ны ходуһаҕа киллэрдибит. Биир "Беларус" охсон нэлэһитэр, иккис рулоннуур, үһүс тиэйэн, бөһүөлэккэ илдьэр. Ити курдук, сып-сап үлэлээн иһэрбитин астынабыт.

– Окко сарсыарда хас чаастан киирэҕит?

– 9 чааска номнуо ходуһаҕа буолар курдук дьаһанабыт. Онон эрдэ туран, ынах ыан, үүт туттаран баран, тута ходуһаҕа тиэтэйэбит. Билигин 6 улахан киһи уонна оҕолорбут буолан үлэлии сылдьабыт.

– Төһө сүөһүгэ оттуугут?

– Түөрт ыал кыстык отун оттуубут. Үксүбүт 20-лии сүөһүлээх. Биир ыал 10 хороҕордоох. Ону сэргэ 2 үөр сылгылаахпыт. Онон балачча элбэх оту оттуохпутун наада. Билиҥҥитэ биһиэхэ сөп буолар от үүммүт. Онон былааммыт туоларыгар эрэллээхпин.

– Звено настарыанньата хайдаҕый?

– Носторуойбут бойобуой. От үүнүүтэ лаппа үчүгэй. Дойомпоҕо 18 , Уоһайдаабыкка 25, Мэлдьигигэ 18 кэриҥэ ганы оттуохтаахпыт. Ону таһынан хас да аччыгый сирдээхпит. Бу күннэргэ ардах түспэтэҕинэ, 2 нэдиэлэ курдугунан бүтэриэхпит.

– Билигин туох сүрүн кыһалҕалааххыт?

– ГСМ бары кыттыһан ылабыт. Саппаас чааһы хас биирдии тыраахтардаах киһи бэйэтэ ылынар. Ол гынан баран, тиэхиньикэ өттүгэр уустуктар бааллар. Холобур, пресс-подборщикпыт 1980-с сыллардааҕы. Охсорбут эмиэ өрдөтөөҕү. Ону сылын аайы өрөмүөннээн, бүөбэйдээн илдьэ сылдьабыт. Дьиҥинэн, үчүгэй тиэхиньикэ баара буоллар, кэтэх ыаллар эбии саппаас оту оттуурга улахан төһүү күүс буолуо этилэр. Билигин "ыаллыы улуустарга от дьыалата мөлтөх туруктаах" диэн истэ сылдьабыт. Өскөтүн тиэхиньикэ эппиэттэһэрэ эбитэ буоллар, онно көмөлөһүөххэ сөп этэ буоллаҕа. Ол гынан баран, билигин кэтэх хаһаайыстыбаларга күттүөннээх көмө оҥоһуллубат. Үүтү субсидията суох баара-суоҕа 10 солк туталлар. Субсидиялаах – 45 солк тэҥнэһэр. Онон кэтэх ыалларга үүт харчытын үрдэтиэххэ баара.

Ону таһынан эбии саппаас окко үлэлэһиэн баҕалаах кэтэх хаһаайыстыбаларга, мобильнай биригээдэлэргэ курдук көмө харчы көрөн, эбии былаан биэрэн оттотуохтарын сөп этэ. Оччоҕо дьон тиэхиньикэтин саҥардан үлэлиир кыаҕа үрдүө этэ. Оттон үүт харчытын сыанатын үрдэттэхтэринэ, тыа сиригэр сүөһү ахсаана эбиллэрэ саарбаҕа суох. Билигин сүрүн көмө барыта бааһынайдарга эрэ бара турар. Холобур, биир бэйэм күһүн ыанар ынахпын аччатан, атыыр сүөһү этинэн дохуоттанарга былааннана сылдьабын. Ити курдук, кэтэх ыалларга сүөһү ахсаана сыллата аҕыйыы турар. Кырдьыгынан эттэххэ, мин курдук 35-гэр диэри саастаах сүөһүнэн дьарыктанар эдэр киһи тарбахха баттанар. 

Боппосовтар 2 копия

Дьулус Боппосов, VII кылаас үөрэ­нээччитэ:

– Мин охсуллубут оту тыраахтарынан ойоҕос кыраабылынан мунньан биэрэбин. Ону кэннибиттэн рулоннаан иһэллэр. Сарсыарда аайы 6.30 чааска турабын, дьоммор ынах ыырга көмөлөһөбүн, ол кэннэ арыы сыаҕар баран үүппүн туттаран кэлэбин. 9 чааска номнуо ходуһаҕа айанныыбыт. Сиик көппүтүн кэннэ үлэлээбитинэн барабыт. Оттуурбун сөбүлүүбүн. Сүрэҕэлдьээбэппин. Үлэ киһиэхэ эрчиллии курдук. Күүһүрэҕин, сайдаҕын, улаатаҕын.

Бу курдук, Боппосовтар аймах эр дьоно ходуһаҕа тиритэ-хорута үлэлээн түбүгүрэ сылдьаллар. Күн-дьыл туран биэрдэҕинэ, сотору кыстык отторун булунуохтара, эһиилги сайыҥҥа диэри өрө тыыныахтара.

Тааттаҕа оттооһун туруга

Таатта улууһун былаанын уонна от үүнүүтүн туһунан сүрүн агроном Евгения Пинигина кэпсээтэ:

– Быйыл Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ улууспутугар окко 38 121 туонна былааны түһэрбитэ. Дьиҥэр, улуус бэйэтэ 37 тыһ. туоннанан кыстыыр.

От үүнүүтэ добуун уонна алаас сирдэргэ мөлтөх. Уу тахсан ньүөлсүппүт эрэ ходуһалара үчүгэйдик үүннүлэр. Кэлин Дэбдиргэ диэки аһыҥа дэлби туран эрэр. Онон сыл тахсар оппутун сатаан булуннахпытына, улахан кыайыы буолар чинчилээх. Билигин 2500 туонна кур оттоохпут уонна 19 мобильнай биригээдэни тэрийэн, 60 км ыраах сирдэргэ, оттото ыыталаан эрэбит. Балар 2000 туонна оту бэлэмниэхтээхтэр.

Ордук уустук балаһыанньа Уус Тааттаҕа үөскээтэ. Дьиҥэр, эрдэттэн да сирдэрэ-уоттара кыараҕас этэ. Онтулара өссө ууга баран сордуура. Онон мелиорация үлэлэрэ баран, оттуур кыаҕы үөскэппиттэрэ.

Уолба диэки от үүнүүтэ үчүгэй. Онон уолбалар былааннарын толоруохтара диэн эрэллээхпит. Чымнаайыга от убаҕас. Холобур, былырыыҥҥыны кытта тэҥнээтэххэ, ходуһа аайыттан 3-түү туонна аҕыйах оту ыла олороллор. Ол да буоллар, балаһыанньа олус курус буолбатах. Улууспут иһиттэн сыл тахсар оппутун ылар инибит диэн бигэ эрэллээхпит. 

Өрөспүүбүлүкэ улуустарыгар

Саха сирин атын улуустарыгар оттооһун хаамыытын бүтэһик дааннайдарын Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин үүнээйигэ, мелиорацияҕа, материальнай-техническэй хааччахтааһыҥҥа уонна информатизацияҕа департаменын салайааччытын солбуйааччы Вячеслав Гаврильев билиһиннэрдэ:

– Өрөспүүбүлүкэ окко былаана 471 тыһ туонна, сиилэскэ 25,5 тыһ туонна, сенажка 16,1 тыһ туонна.

Бүтэһик дааннайынан, былаан 89 % туолар чинчилээх, ол эбэтэр 423 тыһ 131 туоннаны оттуур, ылар кыахтаахпыт. 48 тыһ туонна от билиҥҥитэ итэҕэс.

Сайын бастакы аҥарыгар киин уонна илин эҥэр улуустарыгар от уонна бурдук үүнүүтүгэр табыгаһа суох кураан күн-дьыл турбута. Ол түмүгэр ходуһаҕа да, бааһынаҕа да от уонна бурдук үүнүүтэ мөлтөх.

Бүтэһик суһал сводканан, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 38 014 туонна оту оттоотубут. Ити былаан 8,1 %-нын ылар.

Ханнык улуустарга балаһыанньа ордук уустугуй?

– Аммалар окко 31 тыһ. туонна былааннаахтар. Ол гынан баран урутаан суоттааһынынан, 25 тыһ. туоннаны оттуур кыахтаахтар. Ити былааннарын 80 %-нын ылар. Итиннэ 3870 туонна кур отторо уонна мобильнай биригээдэлэринэн оттотуохтаах 4720 туонналара киирэ сылдьаллар. Амма улууһун нэһилиэктэрэ бары уустук балаһыанньалаахтар. Билигин улууска 2930 га сир охсулунна. Онтон 1534 туонна оту ыллылар.

Мэҥэ Хаҥалас улууһа окко былаана – 44 тыһ. туонна. Ону 80 %-нын эрэ толорор кыахтаахтар. Ити 35 тыһ. 453 туоннаҕа тэҥнэһэр. Былырыыҥҥы кур отторо – 1510 туонна. Бүтэһик дааннайынан, 3862 туонна оту ыллылар. Билигин 15 мобильнай биригээдэни тэрийдилэр. Балар 2540 туонна оту оттуохтара.

Боппосовтар 3 копия

Чурапчылар мөлтөөтүлэр. Былааннара – 39 тыһ. 857 туонна. Ону 79 %-нын кыайар кыахтаахтар, ол аата 31 тыһ. 800 туонна оту ылыахтара. Кур отторун кээмэйэ – 1103 туонна. Мобильнай биригээдэлэр 3850 туоннаны оттуохтара. Алаҕар, Бахсы, Мугудай, Сылаҥ диэки от үүнүүтэ быстар мөлтөх. Бүгүҥҥү туругунан, улууска 7538 га-ны оҕустулар. 3638 туонна оту ыллылар.

Быйыл бүлүүлэри халлаан ардаҕынан хатаҕалаабыта. Ол түмүгэр 1-кы Күүлэт, Халбаакы нэһилиэктэригэр ходуһалар ууга былдьанан, оттооһуҥҥа ыксаллаах быһыы-майгы биллэрилиннэ.

Быйыл Бүлүү улууһугар былаан 80 % эрэ туолар чинчилээх (21 тыһ. 680 туонна). Мобильнай биригээдэлэр 3880 туоннаны оттуохтара. 460 туонна кур оттоохтор. Билигин 2190 га сири оҕустулар уонна 2387 туонна оту ыллылар.

Уус Алданы быйыл аһыҥа күүскэ буулаата. Ол түмүгэр бастыҥ ходуһалара айылҕа буортулааччытыгар былдьаннылар. Инньэ гынан былааннара туолбат кутталлаах. 88 %-нын эрэ толоробут дэһэллэр, ол аата 29 тыһ. 295 туоннаттан 26 тыһ. туоннатын эрэ оттуохтара. 22 мобильнай биригээдэ тэриллэн, 2000 туонна оту оттууллара былааннанна. Күн бүгүн улуус 4949 туонна оту бэлэмнээтэ. 10 651 га охсулунна.

Намнар эмиэ мөлтөөтүлэр. Былааннара – 29 087 туонна. Ону 96 % толоруохпут диэн ааҕа олороллор, ол аата 28 130 туоннаны оттуохтара. 21 мобильнай биригээдэ тэриллэн, 1930 туонна оту оттуурга былаан ылла. Билигин улууска 4020 га охсулунна. 3641 туонна оту ыллылар.

Горнай улууһа оттооһуҥҥа уустуктары көрүстэ. Улуус окко былаана – 13 527 туонна. Онтон 88 %-нын ылар кыахтаахтар (12 тыһ. туоннаны). Билигин 3149 га охсулунна, 2291 туонна оту бэлэмнээтилэр. 13 мобильнай биригээдэ тэриллэн, 1070 туонна оту оттуур былааннаах, -- Вячеслав Гаврильев от хаамыытын бу курдук сырдатта.


Көрөргүт курдук, сайын бастакы аҥаарыгар дэлби курааннаан, тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар улуустар уустук балаһыанньаҕа түбэспиттэр. Онон бу күннэргэ бары күүһү окко быраҕыахтара. Үлэни-хамнаһы уһата-кэҥэтэ сылдьан, күһүҥҥү ардахтарга киирэн биэриэххэ сөп.

Хаһыат аныгыскы нүөмэригэр өрөспүү­бүлүкэҕэ саппаас оту бэлэмниэхтээх улуустар балаһыанньаларын кытта билсиэхпит. Санатан эттэххэ, Кэбээйи, Сунтаар, Үөһээ Бүлүү, Ньурба, Абый, Хаҥалас былааннарын таһынан оттуохтаахтар.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Культура

Короткий путь в Вечность

5 декабря в Национальном художественном музее Республики Саха (Якутия) откроется выставка…
03.12.24 13:38