Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -21 oC

СӨ Бырабыыталыстыбатын солбуйааччы Михаил Никифоров сүөһү аһылыгын бэлэмнээһин хампаанньатын хаамыытын туһунан кэпсээтэ.

СӨ Бырабыыталыстыбатын солбуйааччы Михаил Никифоров сүөһү аһылыгын бэлэмнээһин хампаанньатын хаамыытын туһунан кэпсээтэ.

--Быйыл өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн курааннаан, сүөһү аһылыгын бэлэмнээһиҥҥэ ыксаллаах-быһыы майгы үөскээтэ. Биһиги суоттааһыммытынан 11 улууска ыарахан балаһыанньа бүрүүкээтэ. Дьиҥэр, быйыл 457 553 туонна оту, 26 867 туонна сиилэһи, 14 766 туонна сенаһы бэлэмниэхтээх этибит. СӨ Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ сабаҕалааһынан, ити былаан 79 бырыһыана эрэ туолар чинчилээх. Чуолаан балаһыанньа 4 оройуоҥҥа уустук: былырыыҥҥы көрдөрүүлэриттэн горнайдар 23%, уус алданнар, томполор, өймөкөөннөр 30-тан эрэ тахса бырыһыаннарын оттоон олороллор. Ол иһин Ил Дархан Айсен Николаев кэккэ улуустарга ыксаллаах быһыы-майгы эрэсиимин биллэрдэ.

senokos Kobyaj Tyaja Inet 1 1

Бастакытынан, бу Ыйаах киинтэн көмө көрдүүргэ төрүөт буолуо. РФ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлэ Михаил Мишустин мунньаҕар боппуруоһу номнуо Айсен Сергеевич көтөхтө. Иккиһинэн, улуустары барыларын кэрийэн баран, быһаарыныы ылынныбыт – төһө кыалларынан баар оту барытын хаалларбакка оттуурга, үүнүүлээх соҕус улуустарга мобильнай биригээдэлэри тэрийэн ыытарга. Бу сыалга бүддьүөттэн 34 мөл. солк. көрүллүбүтэ. Өссө эбии 5 мөл.солк. булуохпут. Үсүһүнэн, ыаллыы сытар эрэгийиэннэрбитигэр сүөһү аһылыгын атыылаһарга сайаапка түһэрдибит. Ол курдук, Магадан, Амур уобаластарыттан 25 тыһ. туонна оту, 10 тыһ. туонна комбикорму, 3 тыһ. туонна гранулированнай оту атыылаһыахпыт. Бырабыыталыстыба дэлэгээссийэтэ баран, кэпсэтии үлэтин ыытыаҕа. Күн бүгүн Уус Алдан баһылыга Алексей Федотов Амур уобалаһыгар тиийэн, дуогабар түһэрсэн кэллэ. Чурапчылар, мэҥэлэр эмиэ үлэлэһэр былааннаахтар. Төрдүһүнэн, ыраах сирдэргэ быраҕыллыбыт ходуһалары сөргүтэн, отун охсон ыларга ыҥырабыт.  

         Билиҥҥи туругунан өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 151 765 га сири оҕустаран, 114 290 туонна оту бэлэмнээтилэр. Ходуһаларга 1833 механизированнай, 4689 механизация аҥаардаах, 164 ат-көлө, 1738 илии биригээдэлэр оттуу сылдьаллар. 11396 тыраахтар сүүрэр. 17 оройуоҥҥа мобильнай биригээдэлэри тэрийэ сылдьаллар. Олор 35 838 туонна оту бэлэмниир түһээннээхтэр.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Уопсастыба

Кинилэр олоҕу киэргэтэллэр

Мэҥэ Хаҥалас улууһун Хаптаҕай нэһилиэгин олохтоохторо Гаврил Семенович Самсонов уонна…
02.11.24 10:31