Санатар буоллахха, быйыл Арассыыйа бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлэ Михаил Мишустин Саха сиригэр «Медвежьи острова» диэн саҥа заповеднигы тэрийэргэ уураахтаабыта.
Саха өрөспүүбүлүкэтин бырабыыталыстыбатыгар иһитиннэрбиттэринэн, ураты харыстанар сир-уот территориятыгар сүүрбэ ыстааты үлэлэтэр былаан баар. Билигин аналлаах техниканан хааччыйыы үлэтэ барар.

Ураты харыстанар территорияҕа Халыма өрүс төрдүгэр сытар алта арыы киирсэр. Медвежьи острова архипелаг уратыта диэн манна үрүҥ эһэ сөбүлээн төрүүр-ууһуур сирэ буолар. Таймыыртан Врангель арыытыгар тиийэ тайаан сытар мууска саас буоллар эрэ үрүҥ эһэ оҕолорун күүлэйдэтэ таһаарар. Онон бу сири-уоту харыстыыр наадатын өйдөөн, Арассыыйатааҕы WWF уонна Саха өрөспүүбүлүкэтин экология министиэристибэтэ туруорсуутунан заповедник тэриллибитэ.