Ол курдук, аны мантан ыла түөрт уонна онтон элбэх оҕолоох ыалларга биирдэ төлөнөр 200 тыһыынча солкуобай көмө бэриллиэ. Сэттэ уонна онтон элбэх оҕолоох, итиэннэ оҕо иитэр төрөппүттэргэ - 500 тыһ. солк., оттон Дьоруой ийэлэргэ – 1 мөл. солк.
Путин бэлиэтээбитинэн, бу боппуруос РФ Бырабыыталыстыбатын уонна Бэрэсидьиэнин дьаһалтатын кытары сиһилии ырытыллыбыт. Кини бу этиитин бэс ыйын 1 күнүгэр парламентарийдар өйөөтүлэр.
Аны туран, «Дьоруой ийэ» аат Арассыыйаҕа сөргүтүллүө. Бу үрдүк ааты 1944 сыллаахха ССРС Үрдүкү Сэбиэтин президиумун уурааҕынан олохтообуттара. Маннык уордьан 10 уонна онтон да элбэх оҕолоох (өлбүттэрин аахпакка) ийэлэргэ ананара. ССРС эстиэҕиттэн уордьаны биэрбэт буолбуттара.
«Төрөппүт Албан аата» уордьан 2008 сыллаахха олохтоммута. Уордьаны сэттэ уонна онтон да элбэх оҕолоох, сокуонунан ыал буолан олорор төрөппүттэргэ эбэтэр оҕолору иитэр дьиэ кэргэҥҥэ бэриллэр. Наҕарааданы ийэ да, аҕа да иккиэн ылаллар.
- 6
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0