Саха Сиригэр тииһинэн олоруу алын кээмэйэ үрдээбитин учуоттаан, маннык буолла:
Маҥнайгы зонаҕа (хотугу улуустар) – 24 592 солк;
Иккис зона (Дьокуускай к. уонна киин улуустар) – 20 599 руб.
Оҕолорго тииһинэн олоруу алын кээмэйэ :
1 зона – 25 552 солк:
2 зона – 21 403 солк.
Эмиэ бу индексациянан сибээстээн, эрдэ учуокка турбут хат дьахталларга төлөбүр биир ыйга 11 455,5 солк. тэҥнэстэ (үлэлиир нэһилиэнньэ тииһинэн олоруутун алын кээмэйиттэн 50 %).
8-тан 17 диэри саастаах оҕолоох төрөппүттэр босуобуйалара кинилэргэ хайдах бигэргэммитинэн ылыахтара (оҕо тииһинэн олоруутун алын кээмэйиттэн 50%, 75% эбэтэр 100%). Ол эбэтэр:
1 зона (хотулар) – 12776 солк.(50%) , 19164 руб. (75%), 25552 солк.(100%);
2 зона (Дьокуускай к. уонна киин улуустар) – 10701,5 солк.(50%), 16052,25 солк.(75%), 21403 солк (100%).
Үрдээбит босуобуйаны маҥнайгынан бэс ыйыгар анаппыт төрөппүттэр ылыахтара. Сайабылыанньаҕа олоҕуран ылыллыбыт быһаарыы түмүгүнэн харчы 5 үлэ күнүн иһигэр тиэрдиллэр.
-
2
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0