РФ Бырабыыталыстыбата бойобуой дьайыыларга кыттар гражданнар анал байыаннай эпэрээссийэҕэ кыттыахтарын биитэр быстах хомуурга хабыллыахтарын иннинэ баантан ылбыт кирэдьииттэрин уонна сойуомнарын төлөөһүнү тохтотон, “кирэдьиит каникулун” оҥорторор кыахтаахтарын туһунан биллэрдэ.
“Уһун өрөбүлгэ” хабыллар кирэдьиит, сойуом кэрискэтэ:
– ипотека, ол иһигэр дьиэ кэргэн уонна социальнай, кирэдьиит;
– потребительскай кирэдиит;
– биирдэм тэрилтэ биисинэһи сайыннарыыга ылбыт кирэдьиитэ;
– кирэдьииттиир уонна тыа хаһаайыстыбатын кэпэрэтииптэрин ылбыт сойуомнара;
– үп-харчы дьоҕус тэрилтэтин сойуома.
“Уһун өрөбүлүнэн” туһаналлар:
– быстах мобилизациянан сулууспаҕа ыҥырыллыбыттар;
– хантарааҕынан сулууспалааччылар;
– баҕа өттүлэринэн барбыттар;
– Арассыыйа кыраныыссатыгар сулууспалыыр уонна анал байыаннай эпэрээссийэ ыытыллыытын хааччыйар пограничниктар;
– анал байыаннай эпэрээссийэ кэккэ сорудахтарын толорууга кыттар федеральнай уорганнар үлэһиттэрэ;
– анал байыаннай эпэрээссийэҕэ кыттар гражданнар дьиэ кэргэттэрэ.
“Уһун өрөбүлү” оҥорторуу
Кирэдьиити төлөөһүҥҥэ уһун өрөбүл быһа бэриллибэт. Тустаах киһи кирэдьиити биитэр сойуому ылбыт тэрилтэтигэр (бааҥҥа) төлөпүөнүнэн эрийэн биитэр кирэдьиит дуогабарыгар ыйыллыбыт табыгастаах ньыманан биллэриэхтээх. Онуоха анал байыаннай эпэрээссийэҕэ кыттарын бигэргэтэр докумуон ирдэнэр, ол докумуону сулууспа кэмигэр биитэр сулууспа бүтүө 30 күн иннинэ биэриэххэ сөп. Уһун өрөбүлү биэрэр туһунан сайабылыанньа бааҥҥа 10 күн устата көрүллэр. Гражданин 15 күн устата баантан харданы туппатаҕына, кирэдиит уһун өрөбүлэ бигэргэммитинэн ааҕыллар.
Чэпчэтии быйылгы сыл балаҕан ыйын 21 күнүттэн саҕаланар.
“Уһун өрөбүл” кэмигэр:
– пеня, ыстараап ааҕыллыбат;
– кирэдьиити ирдээн ылыыга эбии дьыала тэриллибэт;
– гражданин солуок уурбут баайын баан атыыга таһаарар бырааба суох.
Кирэдьиит, сойуом уһун өрөбүлэ гражданин хомуурга сылдьар кэмигэр, итиэннэ хомууртан босхоломмута биир ый устатыгар бэриллэр.
Федот Тумусов, Госдума дьокутаата:
– “Кирэдьиит каникулун” сокуонугар биһиги баартыйабыт фракцията этии киллэрээри, сокуон барылын бэлэмниир -- кирэдьиит амнистиятын биллэрэр туһунан. Тоҕо диэтэххэ, ол “уһун өрөбүл” кэмигэр иэстэрэ төттөрүтүн наһаа мунньуллан хаалар буолбатах дуо? Ону кэлэн баран төлүөн наада дии, хомуоҕуран хаалбыты? Ол иһин сулууспалыыр кэмигэр ый аайы ааҕыллар төлөбүрүн баан сабан иһэрин “сиэрдээхтэр” сиэрдээхтик туруорсабыт.
- 1
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0