Чуолаан, 2023 сыл тохсунньу 7 күнүттэн 2028 сыл ахсынньы 31 күнүгэр диэри кѳѳнньѳр арыгы бытыылкатын муңутуур кыра сыаната 239 солкуобай буолла, былырыын 169 солкуобай этэ. Былаастар сыана маннык эмискэ улаатыытын ааспыт сылга шампанскайга муңутуур кыра сыана уларыйбатаҕынан быhаараллар.
Кытаанах алкогольга МКРС 4% улаатар. Ол курдук, водка 0,5 л сыаната — 281 солкуобай (уруккута 261 солкуобай), коньяк - 517 солкуобай (480 солкуобай), бренди - 375 солкуобай (348 солкуобай) буолла. Маннык сыаналар 2023 сыл тохсунньу 1 күнүттэн киирдилэр уонна 2026 сыл ахсынньы 31 күнүгэр диэри үлэлиэхтэрэ.
Минфиңңа муңутуур кыра розничнай сыаналар үрдээбиттэрин кѳѳнньѳр арыгыга акциз ыстаапкалара, инфляция таhыма уонна оңорон таhаарыыга ороскуоттар улаппыттарынан быhаараллар.
Кытаанах алкогольга сыана үрдээhинин биричиинэлэрин ахсааннарыгар оңорон таhаарыыга ороскуоттар улааппыттарын уонна тастан эргиэни хааччахтааhыннар киириилэрин ааттыыллар.
Минфин арыгы уонна пиво сыаналарын эмиэ үрдэтэргэ этэр, ол онон алкоголы барытын хабар курдук.
Ол да буоллар испиир утахтарга сыана аhара үрдүүрэ күүтүллүбэт, тоҕо диэтэххэ негативнай фактордар — инфляция, ороскуоттар үрдээhиннэрэ уо.д.а. 2022 сылга хайыы үйэ учуоттаммыттар
Алкогольга орто сыаналар эhиил эмиэ 5-6% чэрчитинэн үрдүѳхтэрэ.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0