Арассыыйа маҕаһыыннарыгар гречка уонна сыыр сыаната чэпчээтэ. Сыана үс уонна биэс бырыһыаҥҥа диэри түспүтэ бэлиэтэнэр. Икки бырыһыаҥҥа - үүнээйи арыыта, мокоруон, чэй, сосиска уонна үүт бородууксуйатыгар.

РИА Новости суруйарынан, майонез, ынах арыыта, геркулес, бурдук, бэлимиэн, какао уонна оҕо сиир пюрета биир бырыһыан намтыыр. Онуоха, үүт, суорат, бороһуок кофе, зефир, араас бурдук аһа, балык кэнсиэрбэтэ биир бырыһыаҥҥа диэри үрдээбит. Эт полуфабрикаттара уонна суураллар кофе - икки бырыһыан.
Сыана хамсаабат - иэдьэгэйгэ, карамельга, бутилированнай ууга, араас соктарга, ириис курууппатыгар, сүөгэйгэ, сакалаат батончиктарыгар, хампыаттарга, кэнсиэрбэлэммит оҕуруот аһыгар, гаастаах утахтарга уонна мармеладка.
Ол эрээри, экспертэр этэллэринэн, улаханнык киһи үөрэрэ суох – ааспыт сылы кытта тэҥнээтэххэ бородууксуйа орто сыаната 25,4 бырыһыан тахсыбыт. Бу иннинэ дойду статистиката 14,2 % сыыппараны иһитиннэрбитэ.