СѲ тырааныспарга уонна суол хаhаайыстыбатыгар министиэристибэтэ иhитиннэрбитинэн, «Куттала суох хаачыстыбалаах суол-иис» национальнай бырайыак чэрчитинэн, Дьокуускай куоракка 2019-2022 сс. тырааныспар инфраструктуратын 115 эбийиэгэр 134,8 км уһуннаах суол оҥоһулунна.
Ааспыт сыллары ылан көрдөххө, саамай суолталаах үлэ маннык эбийиэктэргэ ыытылынна:
- 202-203 түөлбэҕэ Суорун Омоллоон аатынан уулусса оҥоһуллан, кытыытыгар сатыы уонна бэлэсипиэттээх киһи холкутук сылдьар тротуардаах;
- Аэропорт утары Үрүҥ Күөл ырыынагын оройуонугар Пилотов, Курнатовскай уулусса тупсарылынна;
- Жорницкай уулуссаттан Бүлүүлүүр айан суолугар диэри Окружной шоссе улахан куораттар уулуссаларын курдук кэҥээн, түөрт балаһаланан, тупсаҕайдык оҥоһулунна;
- ДСК оройуонугар Иван Кульбертинов аатынан уулусса аныгы кэм ирдэбилигэр эппиэттиир курдук сатыы, бэлэсипиэттээх киһи сылдьарыгар тротуардаах;
- Мархаҕа Олег Кошевой аатынан уулусса оҥоһулунна.
2023 сылга куоракка «Куттала суох хаачыстыбалаах суол-иис» национальнай бырайыак салгыы үлэлээн, 21,38 км. уһуннаах суол оҥоһуллуоҕа. Ол иһигэр Ленин проспегын салгыы өрөмүөннүөхтэрэ, оттон Можайскай уулусса кэҥэтиллэн, тырааныспар төгүрүччү эргийэр сирэ оҥоһуллан, Аэропортан Жатайга диэри түөрт балаһалаах киэҥ-куоҥ суол тырааныспар сырыытын сыыдамсытарга көмөлөһүөҕэ.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0