Хатас нэһилиэгин дьонун-сэргэтин ортотугар бырайыак сүрдээх үчүгэйдик үлэлиирин туоһута, «Тускул» КК иһинэн үлэлиир «Рисуем все» түмсүүтэ буолар. Ойуулуур-дьүһүннүүр ускуустубанан дьарыктаныан баҕалаахтар Хатас «Тускул» КК биэс сыл анараа өттүгэр түмсүбүттэрэ.
Хара маҥнайгыттан кимиилээхтик, тахсыылаахтык үлэлээн, түмсүү биэс сыл устата ситиспит кыайыыларыттан саҕалааччылар сэмэйдик үөрэллэр. Биэс сылларын көрсө түмсүү иһинэн икки Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэннэрэ баар буоллулар, уонунан ааҕыллар быыстапкалары туруордулар – “Үргэл” АРТ-галереяҕа иккитэ, Строительнай ырыынак кыһыл саалатыгар, “Симэх” галереяҕа, о.д.а. Ефремовтар дьиэ-кэргэн альбом таһаардылар, куонкурустарга, көрүүлэргэ кыттан хатастар ааттарын доргуччу ааттаттылар. Дьарыктааччылар анал үөрэхтээхтэр – Шелковникова Акулина Романовна, Ефремова Анна Анатольевна, Дарья Прокопьевна, Макарова Светлана Михайловна. Бары маҥнайгы анал үөрэхтэрин Романов аатынан Дьокуускайдааҕы ойуулуур-дьүһүннүүр ускуустуба училищетыгар ылбыттара.
Биэс сыллаах үлэ түмүгүн бэлиэтиир быыстапкалар сыл устата ыыттыллынар. Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэттэрэ Татьяна Дмитриевна Попова уонна Владимир Захарович Ефремов Горнай улууһун Мытаах нэһилиэгэр бырааттыы Семен, Софрон Даниловтар ааттарынан култуура дьиэтигэр, А.Осипов аатынан ойуулуур-дьүһүннүүр саалатыгар быыстапкалааннар, Сиинэ кэрэ миэстэлэрин көрүөн баҕалаах Арассыыйа, Аан дойду араас муннугуттан кэлбит туристар көрөн-истэн, сэргээн, үрдүк сыанабылы биэрэннэр, сүргэбит көтөҕүллэ сылдьар. 2022-2023 сс айар-тутар сылбытыгар быыстапкалары “Кэрэчээнэ” оҕо уһуйааныгар уонна олохтоох дьаһалта дьиэтигэр туруордубут.
“Кэрэчээнэҕэ” Лазарева Октябрина Афанасьевна уонна Попова Татьяна Дмитриевна үлэлэрэ турдулар. Октябрина Афанасьевна “Рисуем все” түмсүү саамай маҥнайгы чилиэннэриттэн биирдэстэрэ. Өр сыл сүрэҕэр-дууһатыгар иитийэхтии сылдьыбыт баҕа санаатын хайдах саҕалыыбын дии саныы сырыттаҕына «баҕалаахтар, кэлиҥ» диэн ыҥырыыны көрөн кэлбитэ.
Ис-иһиттэн хайдах эрэ иһиллии сылдьардыы уу чуумпу, налыы-намыын туруктаах, нарын-намчы, кэрэ сэбэрэлээх Октябрина Афанасьевна кэлэригэр, чуолкай ылыммыт былааннаах, барыллардаах этэ. Сүрдээх болҕомтолоох, кыраҕы харахтаах, бэйэтэ туспа көрүүлээх буолан дьоһун үлэлэри суруйда. Атыттартан уратыта - ымпыктаан-чымпыктаан, киистэтинэн кыраасканы хас биирдии ууруутугар тиийэ толкуйдаан үлэлиир. Бэрт сотору кэминэн дьиҥ бэйэтин толкуйунан таһаарбыт хартыыналарын суруйан барбыта. Уруһуйу таһынан баайыынан, тигиинэн дьарыктанар, былырыыҥҥыттан “Хатастыына” түмсүүгэ дьүөгэлэрин уруһуйга уһуйар.
Бу күннэргэ үөрүүлээх сурах кэлбитэ. “Наивное искусство” диэн аатырар дууһа баҕатынан, тулалыыр эйгэҕин хайдах ылынаргынан хартыыналары суруйар хайысхаҕа, Чурапчы улууһун Хадаар нэһилиэгэр икки сылга биирдэ ыытыллар куонкуруска муҥутуур кыайыылааҕынан кылаан бириис хаһаайкатынан Лазарева Октябрина Афанасьевна буолбута.
Билиҥҥи быыстапкатын аата “Ийэ - айылҕа айгылаах, айылҕа - ийэ иэйиилээх” диэн. Аата да этэринии, ийэ уонна айылҕа быстыспат сибээстээхтэр. Быыстапкаҕа турбут үлэлэрин аҥаара ийэҕэ, төрөөбүт дьиэтигэр анаммыттар, сүрэҕин иэйиитин, дууһатыгар иҥмит сырдык өйдөбүллэри өҥ-дьүһүн дьүөрэлэһиитинэн тириэрдибит. Саҥаһа Моруусаҕа, ийэтигэр, балтыгар анаммыт үлэлэр барыбытын да долгуттулар, сылаас истиҥ иэйииҕэ куустардылар.
Попова Татьяна Дмитриевна быыстапкатын аата “Айылҕа хаамыытын таайан, күн - дьыл хардыытын өйдөөн”. Үлэлэрин көрдүҥ да, айылҕа күн-дьыл хардыытынан уларыйыыта-тэлэрийиитэ, баайа-дуола дэлэйдик-холойдук, истиҥник, ис сүрэхтэн иэйиилээхтик суруллубутун, дьиҥ-чахчы итэҕэйэҕиҥ.
Сэтинньи байанай ыйа буоларын быһыытынан, уһуйааҥҥа буолар сиэргэ-туомҥа сөп түбэһэр хартыыналар кэлбиттэриттэн, уһуйаан үлэһиттэрэ үөрүүлэрэ үрдүк. Татьяна Дмитриевна СӨ Култууратын туйгуна, бүтүн Арассыыйа үрдүнэн ыытыллыбыт уруһуйдуурун сөбүлүүр, анал үөрэҕэ суох дьоҥҥо анаммыт “Наивное искусство” диэн хайысханан куонкуруска кыайан, 2020 сыллаахха, этэргэ дылы, аата- суола дорҕоонноохтук ааттаммыта. Кыайыылаах хартыыната, дойдубут тэбэр сүрэҕэр Москуба куоракка, Третьяковскай галереяҕа турбута.
Аны биир быыстапкабыт Мигалкина Марфа Петровна портреттара “Дууһа сиэркилэтэ - сэбэрэ” диэн ааттанан, олохтоох дьаһалта дьиэтигэр турда. Портреттарга эдэр, орто, саастаах ийэлэр сэбэрэлэрэ суруллубут. Манна ааптар тус бэйэтин автопортрета, ийэтин, кыыһын, эдьиийин уонна ырыаҕа бииргэ дьарыктанар “Сайдам” вокальнай ансаамбыл далбардарын сэбэрэлэрэ күн сирин күндүтүн-кэрэтин кэрэһэлииллэр. Марфа Петровна күн бүгүҥҥүгэ диэри уһуйбут учууталларыгар махтанарын эттэ. Намнааҕы И.Винокуров аатынан училищеҕа үөрэммит сылларын сылаастык ахтан ааста.
Быыстапкалары аһыыга Хатастааҕы оҕо искусствотын оскуолатын ойуулуур-дьүһүннүүр искусствоҕа уһуйааччыта Макарова Светлана Михайловна үөрэтэр оҕолорун кытта сылдьыбыта олус кэрэхсэбиллээх уонна махталлаах. Оҕолор тугу көрбүттэрин-истибиттэрин чобуотук, ис киирбэхтик сонно тута санаа атастастылар. Ойуулуур-дьүһүннүүр ускуустуба өҥ-дьүһүн эрэ дьүөрэлэһиитигэр, айылҕа, күннээҕи олох туругун уруһуй нөҥүө биэрии таһынан, санааны сайаҕастык сайан этэргэ үөрэтэрин чаҕылхай туоһута диэн сыаналаатыбыт. Быыстапкабыт аһыллыытын үөрүүтүн-өрөгөйүн Өлөксөй-Луҥха уостан түспэт ырыаларыттан, саамай саамайдарынан “Барыта үчүгэй” диэн ырыанан ааптар бэйэтин доҕуһуолунан түмүктээтибит.
Мэлдьи көмө-тирэх буолар Дьокуускай куорат 70 нүөмэрдээх Хатастааҕы “Кэрэчээнэ” уһуйаанын кэлэктиибигэр (салайааччы Николаева Галина Семеновна), чуолаан, үлэлэспит Ноговицына Саргылана Андреевнаҕа, олохтоох дьаһалтаҕа (салайааччы Пермяков Евгений Егорович) уонна Иванов Григорий Александровичка махталбытын тиэрдэбит.
- 1
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0