Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -21 oC

Ахсынньы 23 күнүгэр Баайаҕа нэһилиэгэр историческай бэлиэ түгэнинэн СӨ «Таатта улууһа» МО «Мандар Уус» Саха олоҕун кэлим түмэлин үөрүүлээх аһыллыыта ыытылынна. Түмэл Мандар Уус бырайыагынан олоххо киирдэ.

Ахсынньы 23 күнүгэр Баайаҕа нэһилиэгэр историческай бэлиэ түгэнинэн СӨ «Таатта улууһа» МО «Мандар Уус» Саха олоҕун кэлим түмэлин үөрүүлээх аһыллыыта ыытылынна. Түмэл Мандар Уус бырайыагынан олоххо киирдэ.

СӨ Судаарыстыбаннай мунньаҕын (Ил Түмэн) бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччыта Александр Жирков, СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта Сергей Местников, Таатта улууһун Баайаҕа нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Былатыан Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата, СӨ духуобунаһын Академиятын академига, норуот маастара Борис Неустроев-Мандар Уус, «Таатта улууһа» МО баһылыга Михаил Соров, «Баайаҕа нэһилиэгэ» МТ баһылыга Роман Романов, СӨ «Таатта улууһа» МО Саха олоҕун кэлим түмэлин дириэктэрэ Николай Егоров-Баайаҕыын үөрүүлээх түгэҥҥэ аалай кыһыл лиэнтэни быһар чиэстэннилэр.

Саха олоҕун кэлим түмэлигэр монгуол, түүр омук 5-8 үйэтээҕи туттар сэбэ-сэбиргэлэ, араас сиртэн булуллубут мал-сал, Саха Өрөспүүбүлүкэтин араас муннуктарыттан маастардар үтүктэн оҥорбут кэрэхсэбиллээх экспонаттара хараллыбыттар.

fb2d6bf3 a3ec 4771 9a0d afa330624bae

Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччыта Александр Жирков Саха сиригэр уһаныы устуоруйатын сырдатта уонна уустары эҕэрдэлээтэ:

- 20-с сылларга сахалар тимиринэн уһанар дьарыктарын илдьэ хаалбыттарыгар холкуостарга махтаныах тустаахпыт. Холкуостарга саҥа кэлбит тиэхиньикэ ханнык эмэ чааһа алдьанар уонна саппаас чааһа суох буолан, ону миэстэтигэр түргэнник толуйа охсон салгыы үлэлэтэр кыһалҕа баар этэ. Онон нэһилиэк аайы уус дьиэлэрэ баар буолбуттара. Биирдиилээн уустар бэйэлэрин баҕа санааларынан ити дьарыгы илдьэ сылдьыбыттара. Кэлин 70-90-с сыллартан саҕалаан хаттаан сөргүтүү барбыта. Онно таба түбэһиннэрэн биһиги бастыҥнарбыт саха былыргы үгэһин сөргүтэн кылаан чыпчаалыгар таһаардылар. Кинилэргэ суолдьут сулус, сээркээн сэһэн, уһуйааччы, үөрэтээччи, утумнааччы, тарҕатааччы буолбут дьон – мандар уустар. Ол курдук, Борис Федоровичтыын Баайаҕаҕа уонунан ыччат бииргэ уһансыбыта. Саха тимиргэ уһанар дьарыга кэнники кэмҥэ күүскэ сөргүйбүтүгэр уонна сайдыбытыгар баайаҕалар суолтаҕыт сүрдээх улахан. Урукку Баайаҕа оскуолатын дьиэтигэр билигин саха биилээҕин, саатын-саадаҕын мусуойа тэрилиннэ.

Аны туос ураһа туһунан. Соҕурууттан манна кэлбиппитигэр тымныы буолан биэрбитэ. Ураһабытын араастаан бүрүйэ сатаабыппыт. Буор ураһа диэннэр баар этилэр. Тириинэн кытта тарда сатаабыппыт. Ону итиитэ барыта үөһэ барыа диэн намтаппыппыт. Орто Азияҕа ураһаларын үөһэ өттүгэр сибилигин даҕаны түннүк баар. Буруо тахсар, сырдык киирэр. Кыргыыстар былаахтарыгар оннооҕор ураһа түннүгүн ойуута баар. Моҕол ураһа хаарга-сииккэ, ардахха-самыырга эмсэҕэлээбэтин, харысхаллаах, үйэлээх буоларын курдук таһынан таас бүрүөһүннэнэниэх тустаах. Оннук бырайыак баар, үлэ бара турар. Онон ураһа салгыы тупсарыллыахтаах.

Сайын Ил Дархан сэттэ бастыҥ олоҥхоһукка, оһуохайдьыкка уонна ууска биир сыл устатыгар ый аайы бэриллэр истипиэндьийэ олохтообута. Ону сэтинньи 24 күнүгэр Олоҥхо дэкээдэтин аһыллыытыгар Ил Дархан бэйэтэ 21 киһиэхэ туттарбыта. Оттон ол 21 киһиттэн бастыҥтан бастыҥнара диэн Борис Неустроев-Мандар Ууска үйэтин тухары ый аайы бэриллэр истипиэндьийэни туттарарга дьаһал таһаарбыта. Бу дьаһал – кини норуотун, дьонун-сэргэтин, омугун иннигэр туһатын иһин махтаныы бэлиэтэ буолар. Онон Мандар Ууһу эҕэрдэлээн кэбиһиэххэ!

Билигин Олоҥхо дьиэлэрин тиһигэ тэриллэ сылдьар. Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 11 Олоҥхо дьиэтэ баар буолла. Баайаҕа тутууларын Олоҥхо дьиэлэрин ситимигэр эбии киллэрэн өрөспүүбүлүкэттэн үбүлэнэр кыах биэриэххэ. Оччоҕо бу мусуойга улахан көмө буолуо этэ. Эһигини барыгытын эҕэрдэлиибин! Салгыы дьоллоохтук-соргулаахтык олоруҥ, үлэлээҥ-хамсааҥ!

Баайаҕалар дохсун ытыс тыастарынан доҕуһуоллаан, баһылык Роман Романов «Баайаҕа нэһилиэгин бочуоттааҕа» бэлиэтин Александр Жирковка туттарда.

  • 4
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Уопсастыба

Кинилэр олоҕу киэргэтэллэр

Мэҥэ Хаҥалас улууһун Хаптаҕай нэһилиэгин олохтоохторо Гаврил Семенович Самсонов уонна…
02.11.24 10:31